Куорат бөҕүн, чалбаҕын тула...
Куораты ырааһырдыынан дьарыктанар түбүктээх үлэлээх тэрилтэ – «Жилкомсервис» МУТ. Биллэн турар, олохтоохтор санаалара араас буолар – ким хайгыыр, ким сэмэлиир. Тэрилтэ салайааччытын кытта көрсөн, үлэ хаамыытын тула кэпсэттим.
— Юрий Афанасьевич, билиҥҥи туругунан тэрилтэҕэр төһө үлэһиттээххиний, төһө тиэхиньикэ баарый?
Юрий Афанасьевич Спиридонов, «Жилкомсервис» МУТ дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу:
— Сүрүн үлэбит ЖБО-ны, ол аата «жидкие бытовые отходы» (септиги) таһыы буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэбитигэр 199 киһи үлэлиир, 26 АСМ массыыналаахпыт. АСМ массыыналар 5, 10, 12 кубтаах буолаллар. Сменанан үлэлиибит, ол курдук, сууккабыт икки сменаҕа арахсар, 12-лии чаас үлэлииллэр. Биир сменаҕа – 12-15 массыына, сууккаҕа 17-20 массыына тахсар. Сороҕор биир массыына төгүрүк суукканан үлэлиэн сөп. Ити инники эттим, 26 АСМ массыыналаахпыт диэн, ол эрэн кинилэр тэҥҥэ сүүрбэттэр. Сорох массыына өрөмүөҥҥэ сылдьар, сороҕо – техобслуживаниеҕа. Таһыллыбыт септик кээмэйин туһунан этэр буоллахха, ыам ыйыгар 75277 куб кирдээх убаҕаһы хачайдаан тастыбыт. Үлэлиир территориябыт – куорат иһэ, Табаҕа уонна Марха нэһилиэктэрэ, ити учаастакпытыгар уопсайа 218 септиктээхпит. Септиктэрбит канализационнай ситимнээхтэр, итини барытын биһиги бэйэбит көрөбүт-истэбит, саахал таҕыстаҕына, оҥоробут. Септиги көрөр-харайар «Служба по эксплуатации канализационного хозяйства» диэн туспа салаалаахпыт. Манна сантехниктар, слесарьдар, сварщиктар, маастардар бааллар, кинилэр эмиэ сменанан суукканы быһа үлэлииллэр. Алдьаныы таҕыста даҕаны, тута тиийэн оҥороллор.
— Септиктэри таһынан халаан, ардах уутун обортороҕут, таһаҕыт дии?
— Оннук. Сүрүн үлэбит таһынан сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү кэмнэргэ куорат киин уулуссаларын намыһах сирдэриттэн халаан, ардах уутун хачайдыыбыт. Суолга чалбах таҕыста даҕаны, массыына ыытаммыт оборторон ылабыт. Биһиэхэ төгүрүк суукканан диспетчердэр үлэлииллэр, кинилэр «Глонасс» бырагырааманан ханнык массыына ханна сылдьарын көрө олороллор. Диспетчердэр бырагырааманан сирдэтинэн, ханнык массыына чалбахха чугас баарын, ханнык массыына кураанаҕын көрөн ыыталлар. Массыына тиийэн хачайдаан ылар уонна Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар «Водоканал» АУо сливной ыстаансыйатыгар илдьэн сүөкүүр. Ол курдук, ыам ыйыгар 3104 куб ардах уутун хачайдаан тохтубут.
— Юрий Афанасьевич, маннык кыһалҕалаах ыйытыктаахпын – элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэр олохтоохторо үгүстүк септикпитин кэмигэр оборторботтор, туолан таһынан бара турар дииллэр. Тоҕо итинник балаһыанньа үөскүүрүй?
— Итиннэ маннык хоруйдуубут – биһиги графигынан үлэлиибит. Биир сууккаҕа баччаны хачайдыахтаахпыт диэн нуормалаахпыт. Ити нуорманы суоппардарбыт булгуччу толороллор. Итини таһынан саппаас (резервнэй) массыыналар бааллар, үлэлии сылдьар массыына алдьанар түгэнигэр, кинилэр тута тахсаллар. Септик таһынан барар биир биричиинэтэ, холобур, кыһын тымныы дьиэлээх дьон, сороҕор, турбалара хам тоҥмотун диэн, түүнү быһа ууну сүүрдэллэр. Онуоха биһиги нуорманы таһынан массыынаны ыытарга күһэллэбит. Сорох дьон унитазтарын бачога алдьанан, уута сүүрэ турар түбэлтэтэ эмиэ баар. Ити уу, биллэн турар, эмиэ септигы толорор. Онон, түгэнинэн туһанан, септик төһө түргэнник туолара олохтоохтортон эмиэ тутулуктааҕын этиэхпин баҕарабын.
— Өссө биир кыһалҕалаах ыйытык – чааһынай дьиэлээх дьон, СОТ-тар олохтоохторо «Жилкомсервис» МУТ септикпитин оборторбот дииллэр, ити туохтан тутулуктааҕый?
— Манна олохтоохторго быһааран биэриэххэ наада, СОТ-тары кытта чааһынай тэрилтэлэр үлэлииллэр, биһиги үлэлээбэппит. Эппитим курдук, биһиги тэрилтэбит ситэтэ суох хааччыллыылаах элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри кытта үлэлиир. Чааһынай дьиэлэр, СОТ-тар септиктэрин чааһынай тэрилтэлэр обортороллор. «Ассоциация перевозчиков ЖБО» диэн ааттанан, хас даҕаны чааһынай тэрилтэлээх дьон бииргэ сомоҕолоһон үлэлииллэр, бэйэлэрэ туспа диспетчерскэйдээхтэр. Биһиги барыллаан суоттааһыммытынан, 50-тан тахса массыына сүүрэр. Мин көрдөхпүнэ, сылтан сыл аайы эбиллэн иһэллэр. Итиэннэ чааһынай дьиэлэрбит эмиэ элбииллэр, дьиэ үксэ толору хааччыллыылаах, туспа септиктээх буолар. Ырыынак сокуонун бары билэҕит – «спрос рождает предложение» диэн, ол иһин сыл аайы чааһынайдарга АСМ массыыналар элбээн иһэллэр.
— Юрий Афанасьевич, эн куорат иһигэр, Табаҕа сэлиэнньэтигэр уонна Мархаҕа үлэлиибит диэтиҥ. Куорат атын кытыы сирдэригэр ханнык тэрилтэ дьарыктанарый?
— Холобура, Кангалаас, Тулагы, Сыырдаах, Хатас нэһилиэнньэлээх пууннарыгар «ПТСК» (Пригородно-транспортная сетевая компания) диэн атын эмиэ муниципальнай тэрилтэ үлэлиир. Кини бэйэтэ АСМ массыыналардаах, эмиэ биһиги курдук өҥөлөрү оҥорор.
— Куорат уокуруктарынан управалары кытта хайдах үлэлэһэҕит?
— Управаларга лимит диэни биэрэллэр, холобур, «ливневка», «межкварталка» диэни, онтулара барыта чопчу кээмэйдээх. Кинилэр куонкурус оҥороллор, онно биһиги чааһынайдары кытта киирсэбит, ким кыра сыананы этэр эбитий диэҥҥэ. Ким кыра сыананы эппит кыайыылаах буолар уонна ол үлэни ылар. Биһигини сэргэ чааһынай «перевозчиктар» бары киирсэллэр.
— Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин иһинээҕи чалбахтары ким оборторуохтааҕый? Холобур, биһиги кыбаарталбытыгар биир сиргэ наһаа улахан чалбах сытар да сытар...
— Тиэргэн территориятыгар баар чалбахтар «межкварталка» диэҥҥэ киирсэллэр, итини управалар оборторуохтаахтар. Олохтоох дьаһалта кинилэргэ «объем» биэрэр, болдьохторун ыйар. Онон, холобур, уопсай дьиэлэр олохтоохторо, тиэргэн территориятыгар ардах кэнниттэн чалбах сытар буоллаҕына, бэйэҕит управаҕытыгар этэҕит, ити кинилэр эбээһинэстэрэ.
Биһиги септиктэри обортторууну сэргэ кытаанах бөх тиэйэр полигону эмиэ көрөбүт-истэбит уонна ситэтэ суох хааччыллыылаах дьиэлэргэ «выгребной» дьаамалары ыраастыыбыт, тиэйэбит. Эмиэ түгэнинэн туһанан, куорат олохтоохторугар этиэхпин баҕарабын, куорат баһылыгын дьаһалыгар олоҕуран, Бүлүүлүүр тракка баар куораттааҕы кытаанах хомунаалынай бөх тоҕуллар полигонугар бэс ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри ыйга биирдэ 1,5 кубометрга диэри бөҕү нэһилиэнньэттэн босхо тутабыт. Урут, өйдүүргүт буолуо, тутуллар бөх кээмэйэ 1 куб этэ; быйыл аан бастакытын, нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэн, дьон санаатын истэн, Олохтоох дьаһалта 1,5 кубометрга диэри улаатыннаран биэрдэ. Ити миэрэ, бастатан туран, куорат территориятыгар уонна ойуурга көҥүлэ суох сыбаалкалар ахсааннарын аҕыйатар сыалтан киллэрилиннэ. Кыһыҥҥы өттүгэр сыбаалкаҕа тиэйиллэр бөх лаппа аҕыйыыр. Сайын үгүс дьон дьиэлэрин өрөмүөннэнэллэр, онон бу кэмҥэ бөҕү босхо тутуу саамай сөпкө толкуйдаммыт механизм буолар.
— Олохтоох дьаһалта өттүттэн хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыы кэнники кэмҥэ тэтимнээхтик ыытыллар, эһиэхэ туох саҥа тиэхиньикэ кэллэ?
— Тиэхиньикэҕэ тиксэн бөҕө буоллаҕа дии. Быйыл, 2022 сылга, уон единица тиэхиньикэни ылан олоробут диэххэ сөп. Биэс тиэхиньикэни ылбыппыт, өссө биэс Аллараа Бэстээххэ айаннаан кэллэ. Түгэнинэн туһанан, Олохтоох дьаһалтаҕа, куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьевка махтаныахпын баҕарабын. Сыл саҕаланыыта бастаан бульдозер, онтон икки погрузчик ылбыппыт. Ол кэнниттэн икки АСМ массыына кэлбитэ уонна билигин Аллараа Бэстээххэ икки паары таһаарар массыына (ППУ) уонна үс АСМ кэлэн тураллар. Ити тиэхиньикэ барыта үлэбитигэр төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Бэлиэтээн эттэххэ, бүтэһик төгүлүн итинник элбэх ахсааннаах тиэхиньикэ «Жилкомсервис» тэрилтэҕэ 2016 сылга кэлбитэ. Онон автопааркабыт саҥардыллыбытыттан үөрүүбүт улахан, бары да сүргэбит көтөҕүллэн сылдьар.