Куорат бүддьүөтүн кэлэр сыллардааҕы бырайыагын дьүүллэстилэр
Сэтинньи 19 күнүгэр ««Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук 2022 сылга уонна былааннааммыт болдьоххо 2023 уонна 2024 сылларга» Дьокуускай куораттааҕы Дуума быһаарыытын бырайыагын көрүү публичнай истиитэ Уокуруктааҕы дьаһалта 2021 сыл алтынньы 27 күнүнээҕи 2066р №-дээх дьаһалыгар олоҕуран ыытылынна. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Уокуруктааҕы дьаһалта үпкэ Департаменын начаалынньыга Ольга Максимова иһитиннэрбитинэн, 2022 сылга бүддьүөт дохуота 9 097 мөл. солк. тэҥнэһэр, ороскуот - 9 369 мөл. солк. (272 мөл. солк. дефициттаах). 2023 сылга дохуот уонна ороскуот 9 859 мөл. солк., оттон 2024 сылга – 10 751 мөл. солк. буолара былааннанар.
Итини сэргэ, Ольга Максимова бүддьүөт дохуоттаах уонна ороскуоттаах чаастарын, муниципальнай бырагыраамаларга уонна бүддьүөт бырагыраамаҕа киирбэтэх ороскуоттарын туһунан сиһилии быһаарда.
Публичнай истии кэмигэр экспертэр – Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Финансово-экономическэй институтун «Экономика уонна үп» кафедратын доцена Афанасий Федоров, СӨ стратегическай чинчийиигэ Киинин макроэкономическэй анаалыска салаатын салайааччыта Юлия Филиппова, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Петрова уонна СӨ үпкэ Министиэристибэтин түмүктэрэ истилиннэ.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Финансово-экономическэй институтун «Экономика уонна үп» кафедратын доцена Афанасий Федоров бүддьүөт бырагырааматын тэрээһиннэрэ суолталаахтарын бэлиэтээтэ уонна муниципальнай иэс кээмэйэ аччыырыгар сабаҕалааһыны үчүгэйинэн сыаналаата.
Сүбэлэр публичнай истии түмүк докумуоннарыгар киирдилэр. Докумуоннар Дьокуускай куораттааҕы Дуума сис хамыыһыйаларын мунньаҕар, онтон сессиятыгар бүддьүөт бырайыагын иккис ааҕыытын чэрчитинэн көрүллүөхтэрэ.