Куорат 43 уулуссатыгар өрөмүөн ыытыллыаҕа
Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата биллэрбитинэн, «Якутдорстрой» АУо быйыл куорат 43 уулуссатыгар дьаамалары суох оҥорор сыаллаах өрөмүөнү ыытара былааннанар.
Маны сэргэ аспаал-бетон булкааһын 5,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэ суолга кутан тэҥниир былаан баар.
Ыам ыйыгар, былаан быһыытынан, итинник өрөмүөн Хабаров, Богатырев, Богдан Чижик, Поярков, Ойуунускай, Октябрьскай, Ярославскай, Каландаришвили уулуссаларыгар уонна Бүлүүлүүр суол саамай куһаҕан туруктаах миэстэлэригэр ыытыллыаҕа. Бу ыйга уонна салгыы бэс ыйыгар суол өрөмүөнэ Лермонтов уулуссатыгар барыаҕа. Итиннэ 1 тыһыынча квадратнай миэтэрэҕэ тиийэ аспаал-бетон булкааһа көрүллүөҕэ.
Бэс ыйыгар суол дьаамаларын тэҥниир үлэ Чиряев, Дзержинскэй, Өктөөп 50 сыла, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, Чернышевскай, Дежнев уулуссаларыгар (Чернышевскай уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэри), Автодорожнай уул., Покровскайдыыр уонна Сэргэлээхтиир суолларга, Пионерскай уулуссатыгар (Жорницкай уулуссатыттан Космонавтар уулуссаларыгар диэри), Тутааччылар, Семен Данилов, Севастопольскай, Кальвица уулуссаларыгар ыытыллыаҕа.
«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыакка киирбэтэх Красильников, Автодорожнай уулуссаларын уонна Сэргэлээхтиир суоллар быһа охсуһууларын «Якутдорстрой» АУо бэйэтин күүһүнэн өрөмүөннүөҕэ.
От ыйыгар Космонавтар, Билибин, Кулаковскай, Белинскэй, Тимирязев, Бестужев-Марлинскай, Горькай, Петр Алексеев, Быковскай, Мерзлотнай, Гагарин уулуссаларыгар, Речевой оскуола таһыгар, Федор Попов уул., Энергетиктэр быстах туора уул., Новопортовской уул., Новообъездной шоссе (Дзержинскэй уулуссатыттан Очиченко уулуссатыгар диэри), Краснояров, Птицефабрика уулуссаларыгар суолу дэхсилиир үлэ барыаҕа.
«Суол сулууспалара сууккаҕа быһа холоон 100 квадратнай миэтэрэ суолу оҥороллор. Дьаамалары дэхсилиир үлэ графига халлаан туругуттан уонна аспаал-бетон булкааһынан хааччыйар собуот үлэтиттэн тутулуктаах», — диир «Якутдорстрой» АУо кылаабынай инженерэ Александр Оданец.