11.10.2020 | 13:48

Куораппытыгар доруобуйа харыстабылын төрүттэниитэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы горсовет иһинэн норуот үөрэҕириитин уонна дорубуйа харыстабылын салаата 1926 сыл сэтинньи 22 күнүгэр төрүттэммит. Кини штатыгар оскуола уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи салаа инспектордара, оскуолатааҕы санитарнай быраас уонна санитарнай быраас көрүллүбүттэр. Салаа салайааччытын дуоһунаһыгар Раиса Израилевна Цугель кандидатурата туруоруллубут. Саха сирин олохтоохторо кини Максим Кирович Аммосов кэргэнэ буоларын билэллэр. Онон 1926 сыл, сэтинньи 22 күнэ – Дьокуускайга уонна кини кытыы нэһилиэктэригэр куораттааҕы доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ үлэтин саҕалаабыт күнүнэн биллэр.

Доруобуйа харыстабылын куораттааҕы салаатын бас билиитигэр Дьокуускайдааҕы земскэй балыыһа, венерическэй, сэллик уонна трахоматознай диспансердар киирбиттэрэ. Балаһыанньа быһыытынан бу отдел Дьокуускай нэһилиэнньэтигэр санитарнай-профилактическай, ону таһынан үлэ усулуобуйатын уонна олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы үлэтин ыытара, тэрилтэлэр икки ардыларыгар социалистическай күрэхтэһиилэри тэрийэрэ, кытыы нэһилиэктэргэ, үлэ тэрилтэлэригэр медицинскэй көмө оҥороро, санитарнай туруктарын кэтээн көрөрө, оскуолалары медицинскэй үлэһиттэринэн хааччыйара.

1931-1938 сылларга гинекологическай, терапевтическай, оҕо отделениелара уонна приемнай покой куорпустарын тутуу ыытыллыбыта. 1932 сыл атырдьах ыйын 12 күнүттэн Дьокуускай уобаластааҕы балыыһата Саха АССР доруобуйа харыстабылын Наркомуттан Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэтигэр бэриллибитэ.

Улуу сэрии сыллара

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар физиотерапевтическай уонна неврологическай салаалар, инфекционнай балыыһа, харах балыыһата, Дьокуускай куораттааҕы саҥа поликлиника, акушерскай-гинекологическай салаа аһыллыбыттара. 1941 сыл бэс ыйыгар 25 куойкалаах Оҕо куораттааҕы балыыһата, 1942 сыллаахха паталого-анатомическай салаа аһыллыбыттара, 1942 сыл ыам ыйыттан оҕо инфекционнай балыыһата туһунан тэрилтэ быһыытынан үлэлии турар.

Куойка ахсаана элбиир

1948 сыллаахха үлэһит уонна сытар дьон куойкатын ахсаана элбиир. Ол курдук, балыыһаҕа 454 киһи үлэлиир, 450 куойка аһыллар. Саха АССР доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин бирикээһинэн поликлиникалар балыыһалары кытта холбоһоллор. 1949 сыллаахха Оробуочай городокка 2-с нүөмэрдээх поликлиника тэриллэр. Бу С. Орджоникидзе аатынан куораттааҕы клиническэй балыыһа филиалын иһинэн үлэлиир.

1958 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин бирикээһинэн Дьокуускай куораттааҕы балыыһа өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаттан тахсан, туһунан структура буолар.

ХХ үйэ 60-80-с сыллара – экономика уонна социальнай сайдыы бары салааларыгар социалистическай былааннаммыт систиэмэ кэмнэрэ этэ. Сылын ахсын анал стационарнай уонна амбулаторнай-поликлиника көмөтүгэр наадыйыы үрдээн испитэ. Нэһилиэнньэ ахсаана, тэрилтэлэр элбээн барбыттара. Ол курдук куораппытыгар медицинскэй тэрилтэлэр ситимнэрэ, быраастар, орто анал үрэхтээх медперсонал, каадырдары бэлэмнээһин, нэһилиэнньэҕэ сөптөөх көмөнү оҥору көдьүүстээхтик салаллыбыта. Нэһилиэнньэни диспансеризациялааһын күүскэ ыытыллыбыта. Ыарыыны профилактикалыыр, аччатар соруктар, олоҕу уһатарга, нэһилиэнньэ доруобуйатын таһымын үрдэтиигэ күүстээхтик ылсыбыттара.

60-с сылларга куорат доруобуйатын харыстабылыгар бастакынан анестезиология уонна реанимация салаалара, нейрохирургическай, урологическай, атын да салаалар аһыллыбыттара.

Саҥа салаалар сайдыылара

70-80-с сылларга доруобуйа харыстабылын үлэтигэр саҥа салаалар сайдан барбыттара: кардиологическай, ожоговай, педиатрическай сулууспалар, оскуола уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго медицина, ФЛГ кабинеттара, лабораторнай лучевой диагностика. Үгүс көлүөнэ медицина үлэһиттэрэ бэриниилээх үлэлэринэн куорат доруобуйатын харыстабылын салаатыгар сыаналаммат улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Ол курдук 70-с сылларга оҕо өлүүтэ 25 төгүл, нэһилиэнньэ уопсай өлүүтэ  5 төгүл аччаабыта.

70-с сыллар ортолоругар 46 медицинскэй тэрилтэ үлэлээбитэ, ол иһигэр 21 эмтиир-профилактическай тэрилтэлэр, 8 быраас уонна 17 фельдшерскэй пууннар промышленнай тэрилтэлэргэ, 18 оҕо дьааһыла-саадтарыгар. Оччолорго  100-чэкэ дьиэлэргэ олохсуйан үлэлииллэрэ, олор мас дьиэлэр этилэр, күһүнүн, сааһын уу ылан сордуура. Медицинскэй оборудование аныгы диагностикаҕа уонна ыарыһахтары эмтииргэ эппиэттээбэтэ. Куорат доруобуйатын харыстабылыгар 3,5 тыһыынча киһи үлэлиирэ, ол иһигэр 700-800 быраас, орто анал медицинскэй үөрэхтээх персонал тиийбэтэ.

80-с сыллар саҕаланыылара

80-с сыллар саҕаланыыларыгар үлэ сүрүн хайысхатынан куорат олохтоохторугар амбулаторнай-поликлиническай көмөнү оҥоруу, ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыы, сэрэтии турбута. Медицинскэй көмөнү куорат поликлиникаларыгар 26 анал идэлээх быраас оҥороро. Биир сүрүн соругунан уопсай диспансеризациялааһын систиэмэтин киллэрии, поликлиникаларга бастакытын профилактика кабинеттара аһыллыбыттара. Уопсай диспансеризация улахан суолталаах этэ, судаарыстыба таһымыгар хас биирдии киһи доруобуйатын сыаналааһын, судаарыстыба хас биирдии гражданиныгар кыһамньы диэн улахан сыал туруоруллубута. Онон медицинскэй көмө хаачыстыбата үрдээбитэ, тупсубута, быраас эппиэтинэһэ үрдээбитэ.

Ырыынак сыһыаннаһыыларын усулуобуйата

1990 сыллаахха куорат доруобуйатын харыстабылын Управлениета ырыынак сыһыаннаһыыларыгар үлэни салгыы ыытар бырагырааманы дьүүллэспитэ. Манна биир көдьүүстээх хайысханан быраас үлэтин тэрийиигэ саҥа ньымалары киллэрии, нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү көдьүүстээхтик оҥоруу, поликлиникаларга уонна балыыһаларга биригээдэнэн үлэ ньыматын киллэрии буолбута. Үлэ саҥа ньымалара баар буолбуттара: хозрасчетнай, кооперативнай уонна биирдиилээн. Страховой медицинаны тэрийии усулуобуйалара тэриллибиттэрэ.

1994 сылтан СӨ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ көдьүүстээх, хаачыстыбаннай уонна босхо медицинскэй көмөнү ыларга нэһилиэнньэҕэ эбэһээтилинэй медицинскэй страховкалааһын киирбитэ. Медицинскэй тэрилтэлэр материальнай-техническэй баазалара аныгы тиэхиньикэнэн саҥардыллыбыта, тупсарыллыбыта.

XXI үйэ саҥа сүүрээннэрэ

Саҥа үйэ саҕаланыытыгар куорат доруобуйатын харыстабылын систиэмэтигэр эмтиир-профилактическай тэрилтэлэр таһымнарын үрдэтии тэрээһиннэрэ ыытыллыбыттара.

2006 сыл муус устар 1 күнүттэн Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар доруобуйа харыстабылын Кэмитиэтэ тэриллибитэ. Бу уларыйыы куорат уонна кытыы нэһилиэктэр олохтоохторун хаачыстыбаннайдык, саҥа таһымҥа эмтээһин ньыматын төрүөтүнэн буолбута. Медицинскэй тэрилтэлэргэ уларытыылары киллэрии түмүктэринэн нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥоруу таһыма үрдээбитэ, эмтиир тэрилтэлэр материальнай-техническэй базалара тупсубута, бары кыахтары сөптөөхтүк туһанан барбыттара.

Кэлиҥҥи сылларга амбулаторнай-поликлиническай, стационарнай медицина тэрилтэлэрин хаҥатыыга улахан үлэ ыытылынна. Ол курдук, куорат кытыы нэһилиэктэригэр, Дьокуускайга даҕаны медицинскэй көмөнү оҥорууга аналлаах, нэһилиэнньэ туһугар кыһаллыы, доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ араас хайысхалаах балыыһалар, поликлиникалар, кииннэр аһыллан үлэлии тураллар.

Медицинскэй тэрилтэлэр материальнай-техническэй баазалара тупсарылынна, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир анал оборудованиелар билигин үгүс балыыһаларга, поликлиникаларга бааллар. Куорат доруобуйатын харыстабылын историятыгар аан бастакытын 2012 сыллаахха аныгы компьютернай томограф 3-с нүөмэрдээх поликлиникаҕа ылыллыбыта. Маны таһынан аныгы рентген, ФЛГ аппараттара туруорулуннулар.

Манна эбии этэн эттэххэ, саҥа медицина кииннэрэ тутуллан үлэҕэ киирдилэр, тутулла да тураллар. Ол курдук кардиологическай киин, онкологическай киин федеральнай үптэн үбүлэнэн кэлэр сылларга үлэҕэ киириэхтэрэ.

Бу барыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата дьонун, нэһилиэнньэтин туһугар кыһаллыыта, медицина үлэһиттэрэ саҥа, аныгы дьиэлэргэ үлэлииллэригэр, дьон харгыһа суох доруобуйатын көрдөрүнэригэр кыһамньы буолар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....