15.10.2022 | 13:00

Куораппыт көстүүтүн саҥа тыынныыр ойуулар

«Мурал» диэн ааттанар ойуулар киин куораппытын киэркэтэн, тупсаран, саҥалыы тыыннаан биэрэллэрин таһынан, бары тус-туһунан ис хоһоонноохтор.
Куораппыт көстүүтүн саҥа тыынныыр ойуулар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Мурал (мурализм) – архитектурнай тутууларга оҥоһуллар ойуулуур-дьүһүннүүр искусство көрүҥэ “muro” диэн испанскай тылтан киирбит, ол эбэтэр «истиэнэ” диэн суолталаах. 
Мурал искусство туспа көрүҥүн быһыытынан 1920 сыллардааҕы өрөбөлүүссүйэлэр кэмнэригэр Мексикаҕа үөдүйбүт (дьиэ таһыгар, истиэнэлэргэ, подъезтарга баар “анонимнай” айымньылары, уус-уран суолтата суох граффитины кытта булкуйбаппыт). 
Дьокуускай муралларын ылан көрүөҕүҥ. Соторутааҕыта киин куоракка "Лайнер" гостиницаҕа саҥа мурал баар буолла. Хараҥа кэмҥэ мурал уотунан сырдатыллар. Саха сирин киин куоратыгар ыраахтан-чугастан айаннаан кэлбит ыалдьыттар аэропортан тахсааттарын кытта маннык кэрэ көстүү көрсөр.

«Орто дойду» архитектурнай-художественнай графика – аэропорт, «Сулусчаан-Арт» устуудьуйа дизайнера, салайааччыта Ростислав Попов уонна биллиилээх худуоһунньук Кыыдаана Игнатьева кыттыгас бырайыактарын түмүгэ. Куратор – Анастасия Губко. 

Кыыдаана Игнатьева, дизайнер, худуоһунньук:

- "Дьокуускай аэропорда" курдук бөдөҥ тэрилтэлэр уулусса искусствотын өйүүллэрэ хайҕаллаах. Кинилэр территорияны тупсарыыга, инфраструктураны аныгылыы тыынныырга улахан былааннаахтар. Дойдубут элбэх куоратыгар сылдьыбыт киһи быһыытынан көрдөхпүнэ, Дьокуускай аэропорда олус кыраһыабай, тупсаҕай уонна табыгастаах. Ол эрээри аттынааҕы территорията улахан болҕомтону эрэйэр.

Ханнык баҕарар бырайыак бүтүн хамаанда үлэтин түмүгэр ситэр-хотор, олоххо киирэр. Ол курдук, Кыыдаана  көмөлөһөөччүтүгэр, худуоһунньук доҕоро Афоня Захаровка, автовышка суоппара Иван Лыткиҥҥа истиҥ махталын тиэрдэр.

"Лайнер" гостиница дьиэтэ сэттэ мэндиэмэннээх, худуоһунньуктар 4-5 күн үлэлээбиттэр.

Мурал ис хоһоонугар тохтуур буоллахха, манна сахалыы үгэс буолбут оһуордары туттубуттар – олох салҕаныытын кэрэһилиир көҕүөр ойууну уонна күн орнаменын. Ойууга төгүрүччү Саха сирин сүрүн баайа – кэрэ айылҕата дьүһүйүллүбүт.

Кыыдаана Игнатьева, дизайнер, худуоһунньук:

 - Сахаҕа төгүрүк орнамент күнү кытта ситимнээх. Итиэннэ бу уруһуйга национальнай үҥкүүбүт – оһуохай дьүһүйүлүннэ. Оһуохайы тэҥэ Ийэ айылҕабыт баар. Оһуохай сомоҕолуур сүдү күүстээх. Кырдьыга, аэропорт биһигини сомоҕолуур сир дии саныыбын – мантан айаҥҥа турунабыт, дьиэбитигэр эргиллэбит, кини биһигини Арассыыйа атын куораттарын кытта ситимниир.

Мурал уоттаах-күөстээх логотибын хаба ортотугар – киһи аймаҕы араҥаччылыыр, харыстыыр аналлаах Өксөкү кыыл.

 

Биир ураты арт-эбийиэгинэн Таалай күөл мурала буолар. Муралы «Aiart» устуудьуйа оҥордо.

Айна Куртц, «Aiart» устуудьуйа салайааччыта:

Муралга баар тутуулар хронология быһыытынан оҥоһулуннулар. Итинтэн көрөн ким баҕалаах Дьокуускай историятын үөрэтиэн сөп. Ойуу – киин куораты тутааччыларга ытыктабылбыт бэлиэтэ, кинилэр ыарахан кэмҥэ, оннооҕор Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар үлэлээбиттэрэ.

Биһиги бырайыакпытын өйөөбүт, эрэммит дьоҥҥо барыларыгар барҕа махтал!

Быйыл күһүн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын дьиэтин эркинигэр өссө биир саҥа мурал – Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Саввич Степанов мэтириэтэ уонна эдэр армеец баар буоллулар.

Николай Саввич Степанов Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар 2-с Украинскай фронт холбоһугар пулеметчигынан сэриилэспитэ. Кини Украинаны, Молдавияны, Румынияны, Югославияны, Венгрияны, Австрияны уонна Чехословакияны нацистартан босхолоспута. Кыайыы кэнниттэн салгыы дьоппуон милитаристарын кытта сэриилэспитэ.

1944 сыл кулун тутар ыйыгар Николай Степанов Южный Буг өрүскэ туоруур сири пулемет уотунан хаххалаан, өстөөх 15 саллаатын уонна биир пулеметын суох гыммыта. Хорсун быһыытын иһин кинини Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатыгар түһэрбиттэрэ, ол эрэн докумуоннара архыыптан 45 сыл буолан баран көстүбүттэрэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аата киниэхэ 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр иҥэриллибитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...