Куоракка сөтүөлүүр сир аһыллара чугаһаата
202 микрооройуоҥҥа куораттааҕы пляж аһыллыытыгар бэлэмнэнии үлэтэ тэтимнээхтик барар.
«Куорат баанньыктара» МУТ дириэктэрэ Василий Поскачин информациятынан, пляж территориятыгар 4 сиргэ биотуалет, 2 илии суунар оҥоһулла сылдьаллар. Маны сэргэ оҕо сөтүөлүүр сирэ туспа баар буолуоҕа.
«Коронавирус дьаҥыттан хааччахтааһын миэрэлэринэн сибээстээн быйыл сынньанааччыларга сытар сири уонна зуонтары туруорар кыахпыт суох. Сөтүөлүүр сезон официальнайдык аһылыннаҕына, пляжка киириигэ бэйэни көмүскүүр средстволары биэриэхтэрэ. Куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан пляж 203 микрооройуоҥҥа тиийэ уһатыллыахтаах», - диэн эттэ Василий Поскачин.
Ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ быыһыыр сулууспата уу түгэҕин ыраастыыр үлэни ыыппыт. Бэс ыйын 25 күнүгэр Роспотребнадзор Саха сиринээҕи Управлениета 202 микрооройуоҥҥа баар куораттааҕы пляж уута судаарыстыбаннай санитарнай-эпидемиологическэй быраабылаларга уонна нуормаҕа толору эппиэттиир диэн түмүгү оҥорбут.
Пляж официальнай аһыллыыта бу күннэргэ былааннанар. Манна киирии икки сиринэн – кылаабынай аанынан уонна 203 микрооройуон өттүттэн буолуоҕа. Сөтүөлүүр сир сарсыарда 9.00 чаастан киэһэ 21.00 чааска диэри үлэлиэҕэ.