Куоракка үлэтэ суох дьону үөрэттэрэллэр
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун управлениетын “Мин үлэм” Офиһа үлэтэ суох куорат олохтоохторун үлэ ырыынагын билсиһэллэригэр ыҥырар, идэни талар уонна психологическай көмөнү оҥорор.
Коронавирус дьаҥа тарҕаммыт кэмигэр киин куоракка үлэтэ суох киһи ахсаана элбиир. Тустаах управление дааннайын ылан көрдөххө, билигин Дьокуускай үрдүнэн 12 тыһыынча 296 үлэтэ суох киһи баар. Былырыыҥҥы сыыппараны кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 11 төгүл үрдээбит.
Управление профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ уонна идэни талыыга үлэлэһэр салаатын начаалынньыга Ньургун Афанасьев иһитиннэрбитинэн, 1 479 киһиэхэ идэҕэ сирдиир судаарыстыбаннай өҥө оҥоһуллубут. 9 ый устата, балаҕан ыйын киллэрэн туран, 270 киһи үөрэнэ сылдьар.
“Нэһилиэнньэ көмүскэлэ суох араҥата, үлэ буларга ыарахаттары көрсөр дьоҥҥо сүрүн болҕомто ууруллар – ыччакка, нэһилиэк олохтоохторугар, суох буолбут тэрилтэттэн уурайбыт, үлэһит ахсаанын аҕыйатыыга түбэспит, уһун болдьоххо үлэлээбэт, идэтэ суох дьоҥҥо уонна тулаайахтарга”, – диэн бэлиэтээтэ Ньургун Алквиадович.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун управлениета үлэтэ суох дьону босхо үөрэнэллэригэр, идэлэрин уларыталларыгар, суоппар, бульдозер, экскаватор машинистара, иистэнньэҥ, асчыт, электромонтер, сварщик, паркимахер, иитээччи, о.д.а. идэ куурустарыгар ыҥырар. Ону таһынан «1С бухгалтерия», «1С торговля», «Управление персоналом», «Управление государственными и муниципальными закупками» диэн идэни үрдэтэр куурустары сэргииргитигэр сүбэлиир.
Профессиональнай үөрэхтээһин, идэни сөпкө талыы туһунан (4112) 507-526 төл. эрийэн эбэтэр 8-962-735-30-13 бассаапка суруйан ыйыталаһыаххытын сөп. Электроннай почта: oproff@bk.ru.