Куор хаарчахтааһына уһулунна
Бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 13 күнүттэн, куорат санитарнай- эпидемияны утары хамыыһыйатын мунньаҕын быһаарыытынан, инкубационнай болдьохторо бүтэ илик уонна куору утары быһыыта суох оҕолордоох уонна үлэһиттэрдээх тэрилтэлэртэн ураты оскуолаларга уонна уһуйааннарга киирбит хаарчахтааһыннар уһулуннулар.
Куор ыарыы тарҕаныытын хаарчахтыыр дьаһаллар үөрэх уонна иитии тэрилтэлэригэр муус устар 17 күнүттэн ыам ыйын 10 күнүгэр диэри болдьохтоох киирбиттэрэ. Дьокуускай куорат санитарнай- эпидемияны утары хамыыһыйатын быһаарыытынан, куор ыарыытыттан быһыыта суох оҕолор, үлэһиттэр быстах кэмҥэ үөрэх тэрилтэлэригэр уонна уһуйааннарга сылдьыылара хаарчахтаммыта.
Санитарнай хамыыһыйа уонна Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениета оҕолорго, үлэһиттэргэ сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырыгар киириэх иннинэ куортан быһыыны туруортарарга, төрөппүттэргэ бэйэлэригэр уонна оҕолорго быһыы оҥоһуллубутун чуолкайдыырга сүбэлиир, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.