Куонкурус салҕанар
Быйыл Гагаринскай уонна Сайсары уокуруктарыгар ыытыллыахтаах суол үлэтин бэдэрээтчитинэн «РИК Автодор» акционернай уопсастыба буолла. Бу туһунан «Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрэр.
Электроннай куонкурус түмүгүнэн «РИК Автодор» акционернай уопсастыба Гагаринскай уокурукка Тэки Одулок, Покрышкин, Пилоттар уулуссаларын уонна Сайсарыга Широких-Полянскай, Шевченко уулуссатын өрөмүөннүөҕэ.
Маны таһынан, Автодорожнай уокурук «Тускул» микрооройуонугар Иосиф Николаев уул., Кангалааска Объездной уул., Хатаска Ойуунускай уонна Алексеев уулуссалара оҥоһуллуохтара. Бу эбийиэктэргэ кумах-гравий булкааһа кутуллуоҕа.
«Главстрой» тэрилтэ суолу тутууга дириэктэри солбуйааччыта Афанасий Александров бу күннэргэ хас да куонкурус түмүгэ биллиэхтээх диэтэ.