Кумааҕы каарта суох буолуоҕа
Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин кумааҕы каарталары суох гынар, электроннай көрүҥҥэ көһөрөр туһунан бирикээһэ олоххо киирдэ.
Ыарыһах кумааҕы каартатын суох гынар, электроннай халыыпка көһөрөр туһунан быһаарыныыны хас биирдии эмп тэрилтэтэ бэйэтэ ылыныаҕа. Поликлиникалар уонна балыыһалар электроннай халыыпка докумуоннарын көһөрөр болдьохторун бэйэлэрэ тобулар бырааптаахтар.
Ону тэҥэ ыарыһахха талар кыах бэриллэр: кумааҕы каартатын талар дуу, көмпүүтэргэ киирэ сылдьар электроннай каартаны талара – бэйэтин бырааба. Электроннай каарталаах киһи историятын хаһан баҕарар кумааҕыга суруйтаран ылыан сөп. Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар ыарыһах каартатын, киниэхэ оҥоһуллубут өҥөлөрү көрө олорор кыахтанар.
Бу уларыйыы, бастатан туран, быраастары таарыйыаҕа. Поликлиникалар уонна балыыһалар хонтуруоллуур, кэтиир уорганнар иннилэригэр электроннай докумуоннарга эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ.
Өссө 2018 сыллаахха доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр биир кэлим информационнай систиэмэ (ЕГИЗС – Единая государственная информационная система в сфере здравоохранения) диэн киирбитэ. Бу систиэмэҕэ цифровой халыыпка үлэлиир регистратура, медицинскэй каарталар, статистика отчуоттара, үлэһиттэр реестрдэрэ, о.д.а. барыта түмүллүөхтээх. Электроннай каартаҕа чааһынай клиникалар эмиэ көһүөхтээхтэр.
Бу сонун интэриниэт ситимигэр тарҕанаатын кытта дьон икки аҥыы хайынна: бастакылар кумааҕыны көтөҕүнэн илдьэ сылдьыбыттааҕар үчүгэй уонна быраас тугу суруйбутун дьэ өйдүүр буолууһубут диэтилэр; иккистэр туох баар тус дааннайдарбыт, ыарыыбыт диагноһа барыта биир базаҕа киирдэҕинэ, информация барыта куһаҕан санаалаах дьон туһатыгар баран хаалыан сөп диэн сэрэхэдийдилэр.