Култуура уонна сынньалаҥ паарката бэс ыйын 1 күнүгэр арыллыаҕа
Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат баһылыга Евгений Григорьев Ил Дарханы кытта «Азия оҕолоро» Оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн тутуллар уонна өрөмүөннэнэр эбийиэктэри бэрэбиэркэлээн баран, Култуура уонна сынньалаҥ паарката бэс ыйын 1 күнүгэр номнуо нэһилиэнньэни саҥалыы моһуоннаах көрсөргө бэлэмин туһунан иһитиннэрбитэ.
Санатар буоллахха, Куорат паарката ыам ыйын устата өрөмүөҥҥэ сабыллан, оҕо аймах саҥатын оннугар ыарахан тиэхиньикэ тыаһынан туолан турар. Өрөмүөн хаамыытын, куорат олохтоохторун Оҕо көмүскэлин күнүгэр туох күүтэрин, элбэх киһи ыраланар аквапаарката хаһан олоххо киирэрин туһунан Дьокуускай куорат уопсастыбаннай эйгэлэрин салайар киин дириэктэрэ Роман Евсееви кытта кэпсэттибит.
Бу хаартыскалар ыам ыйын 24 күнүгэр оҥоһуллубуттара. Мап-маҥан аарка уҥа өттүгэр кэлээскэлээх дьоҥҥо аналлаах намыһах пандус туруоруллубут. Аарка аана өрөмүөн кэмигэр хатааһыннаах, ким баҕарбыт киирбэт. Онон күүлэйдии сылдьааччы суох, ол оннугар киин аллеяҕа грузовиктар, тыраахтырдар буору, кумаҕы таһаллар. Аттракционнар бары күөх сабыынан сууланан, оҕо аймах кэлэн хатааһылыырын күүтэн тураллар. Электриктэр кирилиэстэри тута сылдьан, остуолбаттан остуолбаҕа уот ситимин холбууллар. Паарка салалтатын дьиэтигэр киһи аҕыйах, офис үлэһиттэрэ эмиэ субуотунньуктуу сылдьаллар. Салайааччы Роман Борисович үлэтиттэн быыс булан, «Киин куорат» ыйытыыларыгар хоруйдаата.
— Өрөмүөн түмүктэнэн эрэр дуо? Бэс ыйын 1 күнүгэр туох бэлэм буолуоҕай?
— Куораппыт пааркатын толору өрөмүөнэ график быһыытынан бэс ыйын 15 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Ол эрээри бэс ыйын 1 күнүгэр, Оҕо көмүскэлин бырааһынньыгар, бэдэрээтчиттэри ыксатан, үлэ улахан аҥаарын толоро сатыыбыт. Ол курдук, бэс ыйын 1 күнүгэр аспаал уруута 60-70% бэлэм буолуоҕа, саҥа ыскамыайкалар, бөх быраҕар ууруналар баар буолуохтара, аттракционнар үлэлиэхтэрэ, сүрүн аарка, административнай дьиэбит киириитэ саҥардыллыахтара, киин аллеяҕа сырдатыы тирэҕин ситимэ бэлэм буолуоҕа. Фудкорт сирэ-уота тупсуоҕа, онно үлэлиир урбаанньыттар үлэҕэ киирэргэ бэлэмнэр.
— Туох ыарахаттары көрсөҕүт?
— Киин салайааччытынан төһө даҕаны бу сыл олунньу ыйыгар эрэ ананнарбын, туох кыһалҕалар баалларын билистим. Билигин пааркаҕа 10-тан тахса араас бэдэрээтчит үлэлии сылдьар. Аспаал кутуутугар, уот ситимин тардыыга, дьиэ-уот өрөмүөнүгэр, оҕо балаһааккатын тутууга, видеонан кэтээн көрүүнү туруорууга о.д.а. үлэлэргэ элбэх хамаанда түбүгүрэр. Элбэх биригээдэ биир сиргэ, биир кэмҥэ үлэлиирин хааччыйар судургута суох эрээри, үлэ бэрээдэгинэн быһааран иһэбит. Куорат үрдүнэн пааркаттан ураты атын алта эбийиэктээхпит, онно эмиэ саҥардыы үлэтэ ыытыллаары турар.
— Туох саҥа эбийиэктэр баар буолуохтарай? Аквапаарка туһунан туох биллэрий?
— Саҥа эбийиэктэртэн биирдэстэринэн дуобат, саахымат, наарды курдук остуол оонньууларыгар аналлаах беседка буолуоҕа. Ону таһынан сылы эргиччи үлэлиир Оҕо сынньанар комплекса бу сайын үлэҕэ киириэҕэ. Онно аэротруба, батуттар, скалодром баар буолуохтара. Аквапаарка тутуутун туһунан кэпсэтии бара турар, ол эрээри быйыл-эһиил арыллыбата чахчы. Билигин тутуллар миэстэтэ даҕаны быһаарылла илик.
— Оҕо көмүскэлин күнүгэр ол аата саҥардыллыбыт паарканы арыйыы буолар. Туох тэрээһиннэри ыытыаххытый?
— Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэнсиэрдэр ааһыахтара. Биллэн турар, сайын пааркаҕа элбэх киһи сылдьар. Өрөмүөн ыытыллыбатаҕа буоллар, билигин дьон бөҕө күүлэйдии сылдьыа этэ. Ол иһин, куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара пааркаларын аҕыннахтара буолуо диэн, арыллар күммүтүн үрдүк таһымнаахтык ыытарга бэлэммит.
Бэс ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай куорат саҥардыллыбыт паарката эһигини кэтэһэр. Өрөбүллэргэ тиийэн, бу хаартыскалары кытта тэҥнээн көрүҥ уонна паарка төһө тупсубутун сыаналааҥ.