15.11.2020 | 12:48

Кучу Туйаара: “Тууйуллуу кэмигэр саха чэйэ абырыаҕа”

Кучу Туйаара: “Тууйуллуу кэмигэр саха чэйэ абырыаҕа”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи уйулҕатын сааһылаан биэрээччи, Саха чэй иһиитин култууратын төрүттээччи, киэҥ эйгэҕэ таһаарааччы Кучу Туйаараны кытта истиҥник кэпсэттибит. Кини маннык ыгылыйыы, тууйуллуу, хаайтарыы кэмигэр саха чэйэ абырыыр кыахтааҕын туһунан кэпсээнин уонна да атын олоххо көрүүлэрин ааҕааччыбыт дьүүлүгэр таһаарабыт.

– Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Мин аҕам Степан Яковлевич Яковлев–Ырыа Ыстапаан диэн норуокка биллэр оһуохайдьыт, Дархан этээччи, алгысчыт, норуот ырыаһыта этэ. Үйэтин тухары доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Фельдшер-акушер идэлээх сытыы-хотуу уол, хоту Эдьигээҥҥэ үлэлии тиийэн баран, ийэбин Х.Н.Николаеваны Аллыҥаҕа сүгүннэрэн илдьэ кэлбит.

Ийэм 1965 сыллаахтан ыла бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри Аллыҥа кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

Аҕабынан эбэм А.И.Петрова – Халлаан Аана Арыылаахтан төрүттээх. Кини былыр-былыргыттан эмтээх  отунан дьарыгырбыта эбитэ үһү. Хатыҥ чээрэтин, күһүҥҥү кучуну уонна “дорообо” чэйи чөчөгөй үүттээн куруук дьүөгэлэрин ыҥыран, иистэнньэҥ буолан атын алаастартан дьахталлар иискэ үөрэнэ, таҥас быстара кэллэхтэринэ, улахан 10 лиитэрэлээх алтан сылабаартан чэй иһэ-иһэ иистэнэллэр эбит. Ол иистэнэр кэмнэригэр ким эмит хайаан да хомуска оонньуур, ол быыһыгар, бэйэ-бэйэлэрин туойсаллар эбит. Дьэ, онон чэй иһиитэ бэйэтэ туспа тыыннаах көстүү, ураты сиэр-туом буолар эбит.

Аҕабынан эһэм сэрии бэтэрээнэ, Берлиҥҥэ тиийбит пехота хорсун саллаата Я.А.Яковлев-Кыһыл Дьаакып сэрииттэн төннөн кэлэн, улахан контузиялаах буолан, 70 сааһын ааһан баран бу дойдуттан барбыта. Түүллээх-биттээх, айылҕаттан айдарыылаах оҕонньор этэ.

Ийэбинэн эбэм П.Г.Григорьева, айылҕаҕа наһаа чугас этэ, Эдьигээҥҥэ ыстаадаҕа олорбута. Эһэм Н.Н. Николаев-Атыыһыт Тыаһыт Бүлүүттэн төрүттээх, Охотскайынан, Айаанынан чэй, табах, бурдук аҕалан эргинэр атыыһыт этэ.

– Ханна үөрэммиккиний?

– Төрөөбүт-үөскээбит Аллыҥам оскуолата мин билиҥҥи идэбин баһылыырбар тирэх буолбут эбит диэн үөрэппит учууталларбар махтана саныыбын. 6-ыс кылааска Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Учууталым Н.Е. Саввинов такайыытынан, эбии дьарыктаан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар саха тылын олимпиадаларыгар кытыннаран инники суолбун салайбытынан, СГУ саха салаатыгар киирбитим. Ол үөрэнэ киирбиппэр тюрколог, профессор Н.К. Антонов ыҥыран ылан: “Саха норуотун медицинатын терминнэригэр курсовой үлэтэ суруй”, – диэбитэ. Ол үлэбэр бэлэмнэнэ сылдьан  Г.Е. Федоров-Сэһэн Дьөгүөрү кытта билсибитим. Киниттэн сахалар былыр хайдах эмтэнэллэрин билбитим, рукописьтарын барытын көрдөрөн, кэпсээн үлэ суруйарбар улаханнык көмөлөспүтэ.

Үөрэхпин бүтэрэр кэмим чугаһаабытыгар Далан “Тыгын Дархан” айымньыта тахсыбыта. Бу арамааны ааҕан баран, дипломнай үлэбин “Далан историческай сэһэннэригэр сиэри-туому туттуу суолтата” диэн  үлэбин филологическай наука дуоктара В.Б.Окорокова салалтатынан суруйан ситиһиилэхтик көмүскээбитим.

САХАЛЫЫ ЧЭЙ КУЛТУУРАТА

– Сахалыы чэй култууратын төрүттээччибин дэнэр эбиккин. Сахаларга чахчы чэйгэ ураты сыһыан былыргыттан баар. Кымыс иһиитин сиэрин-туомун бары билэр эбит буоллахпытына, чэй иһиитин туһунан билиибит татым. Маны култуура быһыытынан сайыннарар санаа хайдах үөскээбитэй? Хаһааҥҥыттан чэйинэн дьарыктанан барбыккыный?

– Ийэм хоту дойду кыыһа буолан айылҕаҕа наһаа чугас этэ. Кини сайын аайы сир астыырын, эмтээх оту хомуйарын көрөн улааппытым. Тыаҕа барарыгар наар миигин илдьэ сылдьара. Ол сылдьан иччилэр диэн баалларын, кыыллары-көтөрдөрү кытта, холобур, кукаакыны “тыа кыыһа” диэн ааттаан кэпсэтэр этэ. Ол ону барытын көрөн улааппытым. Ийэм  ханнык от туохха эмтээҕин быһаара-быһаара хомуйтарар этэ. Ол оту мин сарайга таһааран хатарар, кэтиир, хомуйар дьарыктааҕым. Ийэм батыһыннара сылдьан айылҕаҕа сыһыарбытыгар наһаа махтана саныыбын.

Онтон үөрэхпин бүтэрэн аҕыйах кэм саха тылын учууталынан үлэлээбитим. Ол кэнниттэн “Оҕо уһуйааныгар психолог наада” диэн биллэриини көрөн, үлэлии-үлэлии иккис үрдүк үөрэхтэнэн психолог идэтин ылбытым.

Бэйэм киһи уйулҕатын, майгытын, бэйэ икки ардыгар сыһыанын наһаа интэриэһиргиир этим. Ыал буолан баран дьиэҕэ олорор кэммэр элбэх ыалдьыттаах-хоноһолоох буоларбыт. Ийэбиттэн уонна эбэбиттэн бэриллибит үтүө үгэһи тутуһан чэйдэтэрим. Ол кэмҥэ өйдөөн көрөрбүнэн, итии чэй испит, "итиини" киллэрбит дьон хайдах эрэ уоскуйан, налыйан, санаалара көнньүөрэн, сылаалара ааһан барар этэ. Эдэр эрдэхпиттэн, чэй иһиини уонна уйулҕа үөрэҕин тэҥнии тутан бэйэм ураты дьарыкпын саҕалаабытым.

Ийэм эмтээх оту хомуйарга үөрэппитинэн, айылҕаҕа сыһыарбытынан, кыралаан от хомуйар буолбутум. Ол интэриэспин биһиги Өймөкөөҥҥө олорор доҕорбут А.И. Кривошапкин-Өй Мөккүөрэ өйдөөн көрөн, күһүҥҥү кучуну кэһии ыыппыта. Ол кучу чэйбитин астына-дуоһуйа иһэ олорон, кэргэммин Саалтааныны кытта кэпсэтэбит, сүбэлэһэбит. Сахалар – чэйимсэх омукпут. Онон, уруккуттан баар чэй иһии үгэһэ кэҥээн, хас биирдии ыал күһүҥҥү кучуну хомуйан уйулҕатын, доруобуйатын тупсарынар буоллаҕына саха омугар олус туһалаах буолуо эбит диэн санааҕа кэлбиппит.

2010 сыллаахха “Сахалыы чэй иһии култуурата” диэн үлэбин суруйан барбытым. Урукку чинчийээччилэр үлэлэрин хасыһан, кучу туһатын, хайдах чэй оҥостуохха сөбүн, атын чэйдэри кытта тэҥнээн көрөр чинчийиибин саҕалаабытым. 2012 сыллаахха ол үлэбин уонна кучу чэйбин туппутунан култуура  уонна духуобунай сайдыы миниистирэ А.С.Борисовка киирэн кэпсээбиппин өйөөн, 2012 сыллаахха Москваҕа Саха сирин күннэрэ ыытыллыбытыгар, сахалар биһиги эмиэ чэй иһэр култууралаахпыт, анал сиэрдээхпит-туомнаахпыт диэн киэҥ эйгэҕэ аан бастаан таһаарбыппыт. Дьон- сэргэ  сэҥээриитин ылан, онтон кынаттанан “Саха чэйэ” диэн түмсүү тэрийэн, хас бэнидьиэнньик аайы тэрээһиннэри ыытан, быыстапкаларга кыттан 10 сыл устата үлэлээн кэллибит.

 Ол үлэбит биир түһүмэҕинэн, 2014 сыллаахха, ахсынньы 22 күнүгэр – кыһыҥҥы тэҥнэһии күнүгэр, Сахалыы чэй иһии сиэрин-туомун сүрэхтэниитин саха балаҕаныгар оҥорбуппут. Ытык кырдьаҕастарбыт К.Д.Уткин-Нүһүлгэн, К.Д.Дьячковскай-Анаарар, аҕам С.Я.Яковлев-Ырыа Ыстапаан, П.А.Тимофеев олоҕун аргыһа М.Т.Тимофеева кэлэн сүмэлээх сүбэлэрин, саргылаах санааларын, амарах алгыстарын эппиттэрэ, Саха сирин култууратын историятыгар биир бэлиэ хамсааһын үөскээн эрэрин кэрэһилээбиттэрэ.

Ытыктыыр аҕа табаарыспыт К.Д.Уткин- Нүһүлгэн:"Чэй иһии сиэрин-туомун эргитэн эрэбит. Ити саныахха наһаа үчүгэй. Бары да айылҕаны кытта ситимнээхпит, кини тулалыыр эйгэбит эрэ буолбатах, биһиэхэ төрөппүт, дьиҥнээх аҕабыт-ийэбит кэриэтэ буолар. Биһиги, сахалар да, чэй иһэр сиэрбит-туоммут кымыс иһиитин кытта дьүөрэлэһэн алтыһыа дии саныыбын. Онон, урукку үтүө үгэспитин эргитэҥҥит, кэлэр кэнчээри ыччакка уунан биэрэр утумҥутун салгыыргытыгар баҕарабын», – диэн алҕаабытын олус күндүтүк саныыбын.

Онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри сахалыы чэй иһэр сиэрбитин-туоммутун чочуйа-тупсара сылдьабыт. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы тупсан иһиэ диэн санаалаахпын.

СИЭРГЭ-ТУОМҤА ОЛОҔУРАН

Чэй иһиитин сиэрэ-туома хайдах ыытылларый? Атын омук чэйгэ церемониятыттан туох уратылааҕый?

– Сиэр-туом, дьиҥэ, чэй хомууруттан саҕаланар. Биһиги өр толкуйдаан, анааран көрөн баран, күһүҥҥү кучу хомуурун  пропагандалаатахпытына, Сахабыт сирин уйан, намчы айылҕата чөл туруктаах буоларыгар көмөлөөх буолуо уонна үүнэр кэнчээри ыччаты айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа үөрэтэргэ табыгастаах диэн санааттан, күһүҥҥү кучуну хомуйарга нэһилиэнньэҕэ сыдатар үлэни ыыппыппыт.

Балаҕан ыйыгар, бастакы хаһыҥ түспүтүн кэнниттэн, кучу от толору сиппитин-хоппутун эрэ кэннэ, умнаһын тоһуппакка эрэ сэбирдэхтэрин аргыый сыыйан ылабыт. Ол оппутун төһө сөп буоларынан эрэ ылабыт, барытын имири эспэппит.

Сыыс отун ыраастаан баран, атын үүнээйилэри эбэн купаж оҥоробут (холобур, дөлүһүөн отонун, моонньоҕон сэбирдэҕин, болбуктаны).

Чэй оҥорон баран кыһын устата иһэргэ анаан, таҥас мөһөөччүккэ эбэтэр таас иһиккэ ууран кэбиһэбит.

Чэй иһиитин сиэрин-туомун саҕалыырбытыгар  хайаан даҕаны аал уот иччитин күндүлүүбүт. Эбэбититтэн ылбыт уубутун аал уоппутугар оргутабыт. Ол кэнниттэн хас биирдии ыал ийэтэ “дьонум этэҥҥэ буоллунар” диэн үтүө санаатын иҥэрэн чэйбитин оҥорон, дьиэлээхтэрбитин күндүлүүбүт.

 Сахалыы чэй иһии сиэрин-туомун толорооччу – чэй кутааччы Далбар Хотун көмөлөһөөччүлэрдээх – "Кучу Куо" кыргыттар. Бу кыргыттар кэлбит ыалдьыттары оту буруолатан арчылыыллар, Далбар Хотун оҥорбут чэйин “Уйгулаах утаҕынан куккутун-сүргүтүн угуттааҥ” диэн туран ыалдьыттарга биэрэллэр.

Атын омуктартан уратыбыт диэн, биһиги хайаан даҕаны бэйэбит Сахабыт сириттэн хомуйбут күһүҥҥү кучу чэйгэ алгыс иҥэрэн кутарбытыгар уонна Уот, Эбэ,  Айылҕа иччилэригэр сүгүрүйүү сиэригэр-туомугар олоҕурарбытыгар, анал  сахалыы таҥаһы, малы- салы, Сахабыт сирин туойуттан оҥоһуллубут иһити-хомуоһу туттарбытыгар, кырыымпа, хомус, чуораан, тойук көмөтүнэн анал дорҕоон доҕуһуолбутугар,  кыа угун  отунан сыт таһааран ураты эйгэни оҥорорбутугар сытар.

– Мааны тэрээһиннэргэ ыҥырыллан чэй иһиитин тэрийиэххэ сөп эбит.

– Мааны тэрээһиннэргэ ыҥырыынан 10 сыл устата кучу чэйи амсаттыбыт. Холобур, үбүлүөйгэ аперитив диэн өйдөбүл баар. Ол оннугар чөл олоҕу пропагандалаан “ЗОЖ аперитив” диэн өйдөбүлүнэн солбуйан, ыалдьыттары кучу чэйинэн көрсөр үгэһи олохтоон, элбэх үбүлүөйгэ чэй кутан кэллибит.

Маны таһынан дьыалабыай көрсүһүүлэргэ, кэпсэтиилэргэ чэйи киллэрэбит. Атын дойдуттан кэлбит ыалдьыты кучу чэйинэн көрсүү сиэрин-туомун киллэрэргэ үлэлэһэбит.

РФ БЭРЭСИДЬИЭНЭ ӨЙӨӨБҮТ ХАМСААҺЫНА

– “Якутский чайный дом” бэрэсидьиэн гранын ылбыт бырайыаккыт туһунан сиһилии кэпсээ.

– Маннык улахан дьыаланы соҕотох киһи кыайбат. Бу бырайыакпыт “Ассоциация Гостеприимства РС(Я)” (Т.А.Тымырова) салалтатынан,  “Сахалыы таҥас” (С.Б. Максимова), “Якутский Дом Недвижимости” (В.П. Николаев) уонна кэргэним А.В. Григорьев–Саалтааны “Айсар” диэн уопсастыбаннай тэрилтэтэ буолан түмсэн, үлэбитин-хамнаспытын сааһыланан, үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

“Саха чэйэ” түмсүүнү тэрийиэхпититтэн ыла,  дьиэлээх-уоттаах буолуохтаах эбиппит, бу маннык үлэ утумнаахтык барара норуокка олус наада эбит диэн толкуйбутун кэҥэтэн, “Якутский чайный дом” бырайыак оҥорон, быйыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Гранын ылбыппыт. Ол  чэрчитинэн, сыллааҕы үлэбитин былаанынан оҥоро, олоххо киллэрэ сылдьабыт.

Кучуга араас оттору эбэн, ийэм бииргэ төрөөбүт убайын, тапталлаах таайбын Д.Н.Николаевы-Сахачайы кэриэстээн, кучу чэй арааһын “Сахачай” диэн ааттаан оҥорбутум. 2012 сыллаахха “Сэттис халлаан” рестораҥҥа сахалар төрүт аспытын аан дойдуга аатырдыбыт И.И.Тарбахов кучу чэй дегустациятын оҥорбута. Кини сахалыы чэй иһии култуурата баар буолуохтааҕын, кучу чэйбит амтанын үрдүктүк сыаналаан, биһиэхэ настаабынньык буолан биһиги үлэбитигэр бигэ тирэх буолар. Иннокентий Иннокентьевич сүбэтинэн, чэйбитин “Саха чэйэ” диэн ааттаан, хас да сыл чинчийэр үлэ ыытан, үрдүк таһымнаах көрсүһүүлэргэ омук сириттэн кэлбит ыалдьыттары күндүлээн, 2017 сылтан дьон-сэргэ тоҕуоруһар тусаһатыгар “Тыгын Дархан” ресторан менютугар киирбитэ.

2018 сыллаахха “Чай кучу в культуре народа Саха” диэн тиэмэҕэ магистерскай диссертацияны туйгуннук көмүскээбитим. Научнай салайааччым – история билимин кандидата С.И.Петрова. Социология билимин дуоктара, уйулҕа билимин кандидата У.А. Винокурова; Шотландия Абердин университетын социология дуоктара Элеонор Кэтрин Пирс; ресурсовед-ботаник, фитотерапевт Л.В.Слепцова үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттара. Ол үлэбин кэҥэтэн, бу күннэргэ “Чай кучу в культуре народа Саха” диэн кинигэм бэчээттэнэн тахсан эрэр.

Уонча сыл устата “Кучу чэй –саха саргыта” диэн бырайыакпытын олоххо киллэрэн, өр сыллаах кэтээн көрүү, билим өттүнэн чинчийии, араас таһымнаах тэрээһиннэргэ саха чэй иһэр сиэрин-туомун көрдөрүү, кучу чэйи амсатыы (дегустация) түмүгүнэн “Чай кучу в культуре народа саха” диэн саха омук чэйин култууратын үөскээһинин туһунан бастакы кинигэ сотору күн сирин көрүөҕэ. Бу кинигэ саха төрүт үгэстэрин аан дойду чэйин култууратын кытта дьүөрэлии тутан, саха култууратыгар саҥа хайысханы төрүттээһин туһунан араас кэмҥэ чинчийбит дьон, суруйааччылар үлэлэригэр, норуот тылынан уус-уран айымньыларыгар (олоҥхо, үһүйээн, норуот сэһэннэрэ, ырыалара, өс хоһоонноро, остуоруйалар уо.д.а) тирэҕирэн сурулунна. Кучу өбүгэ төрүт үгэстэрин үйэтитиигэ, Ийэ айылҕа харыстабылыгар, култуура, үөрэх, медицина, экономика сайдыыларыгар суолтата сырдатылынна. Аныгы кэмҥэ оҕо айылҕаны кытта сөпкө алтыһарыгар, үлэҕэ сыстарыгар, сиэрэ-майгыта тупсарыгар көмөлөөх кэнчээри ыччакка анаммыт үлэ. Саха чэйи иһиитин сиэрэ-туома  искусство саҥа көрүҥнэрэ сайдалларыгар (таҥас-сап, иһит-хомуос, мал-сал уо.д.а) төрүөт буолуо. Кучу чэй  айылҕа уонна киһи чөл туруктанарыгар, эмтэнэригэр көмөтүн, туһатын, суолтатын туһунан ааҕыаххыт.  Саха сиригэр чэйи иһии, чэй кэлиитин туһунан архыып, түмэл  матырыйаалларыгар олоҕурбут уонна саха чэйин оҥоруу саҕаламмыт историятын уонна инники сайдыытын кэскилин туһунан билсиэххит.

– Чэйгитин хантан хомуйаҕытый?

– Күһүҥҥү кучу хомуурун мин төрөөбүт дойдубуттан Аллыҥаттан саҕалаабыппыт. Бастакы кучу хомуурун эдьиийим Г.Д.Николаева иилээн-саҕалаан ыыппыта. Бу сыллар устата нэһилиэкпит баһылыга Н.В.Спиридонов өйөбүлүнэн, көмөтүнэн, оскуола оҕолорун кытта хомуйабыт. Сунтаарга бииргэ төрөөбүт балтым Я.С.Яковлева дьиэ кэргэнэ, дьүөгэлэрим көмөлөһөллөр. Чэйбитигэр эбии отторбутун Өймөкөөнтөн, Тааттаттан, Ньурбаттан, Эдьигээнтэн, о.д.а. улуустартан хомуйабыт.

ДЬАҤ КЭМИГЭР КУЧУ ЧЭЙ ТУҺАЛЫАҔА

– Чэйтэн аккаастанан аҥаардас кылыгыр ууга көһөр дьон бааллар. “Чэй буортулаах үһү” диир буолбуттар... Чэй туох туһалааҕын кэпсээ.

– Уу  туһатын туһунан биһиги бары билэбит. Киһи этэ-сиинэ 80 бырыһыана ууттан турар. Ол иһин киһи уута суох хайдах да сатаммат.

Чэй эмиэ араастаах. “Чэй буортулаах үһү” диир ханнык чэйи иһэртэн улахан тутулуктаах. Билиҥҥи олоххо хото киирбит көстүү – пакеттаммыт чэй. Чэй "быылыттан", намыһах хаачыстыбалаах чэйтэн оҥороллорун бэркэ билэбит эбээт. Аан дойду үрдүнэн чэй оҥорор тэрилтэ элбэх, ким, хантан, тугу, хайдах хомуйбуттара биллибэт буоллаҕына сэрэхэдийиэххэ сөп.

Урут да  биирдиилээн кучуну чэй оннугар туттар дьон баар буоллаҕа. Биһиги күһүҥҥү кучуну уон сыл устата кэпсээн, киэҥ эйгэҕэ таһааран, өбүгэлэрбит былыргыттан чэй гынан иһэ сылдьыбыт үгэстэрин сөргүтэн, айар айылгы күүһүн түмэн култуура быһыытынан сайыннардыбыт.

Хас биирдии ыал ийэтэ бэйэтэ кыһаллан, бэйэтэ хомуйан, дьиэ кэргэнигэр кучу чэй иһэрдэн туруктарын көннөрдүн диэн сырдатыыга, тарҕатыыга үлэлиибит.

Кылыгыр уунан сылдьыахха сөп эрээри,  айылҕа үүнээйитин сүмэтин, туһалаах эттиктэрин чэй оҥостон иһэрбит туһалаах.

– Билигин дьаҥ кэмигэр бары иммунитеппытын бөҕөргөтүөхпүтүн баҕарабыт. Кучу чэй манна туһалыан сөп дуо?

– Үүнээйи барыта айылҕа биэрбитин иҥэринэр. Айылҕаттан ордук амтаны ким да оҥорбот. Күһүҥҥү хагдарыйбыт сэбирдэхтэртэн оҥоһуллубут кучу чэй сылааны таһаарар, күүһү-уоҕу биэрэр, тымыры ыраастыыр, хаан баттааһынын көннөрөр, утуйар ууну чөлүгэр түһэрэр, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарар аналлаах. Долгуйууттан, уолуйууттан көмүскүүр, сүрү бөҕөргөтөр, иммунитеты күүһүрдэр. Сүрэх-тымыр ыарыыларын сэрэтэргэ көмөлөһөр. Киһи бэйэтин сылаас илиитинэн имэрийэн, тутан-хабан, үтүө санаатынан, алгыһынан оҥорон таһаарбыта барыта туһалаах буолар дии саныыбын. Кучу чэй утаҕы ханнарар эрэ буолбатах, кини киһи уйулҕатын сааһылыыр, доруобуйатын тупсарар, кутун-сүрүн бөҕөргөтөр. Айылҕа биэрэрэ барыта ил тыыннаах, ыраас, туох да эбилигэ суох.

УЙУЛҔАҺЫТ САНААНЫ СААҺЫЛЫЫР

– Итэҕэл эн олоххор суолтата ураты быһыылаах диэн көрдүм. Туохха итэҕэйэҕиний?

– Сахалар хас эмэ үйэлэр тухары муспут баайбыт –  итэҕэлбит, үгэстэрбит. Биһигини көмүскүүр, көмө буолар аналлаахтар. Хас биирдии саха киһитэ – бэйэтэ туспа философия, кэрэ кэпсээн. Мин Аламай Маҥан Күҥҥэ, күндүл маҕан халлааҥҥа, Куйаар ситимигэр, Үрдүк Айыыларга, Ийэ Сир иччилэригэр, Аан Дархан Айылҕа күүһүгэр, үтүө өбүгэлэрим куттара тыыннааҕар итэҕэйэбин.

– Аны туран уйулҕа үөрэхтээҕэ эбиккин. Дьону кытта кэпсэтэр, санааларын сааһылыыр дииллэр.

– Уйулҕаһыт быһыытынан үлэлээбитим үйэ чиэппэрэ буолла. Ол тухары кучу чэй киһиэхэ туһатын, киһи доруобуйатыгар көмөтүн билэр буоламмын, миэхэ сүбэлэтэ-амалата кэлбит киһиэхэ хайаан да кучу чэйинэн күндүлээн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэбин.

Бу билиҥҥи тууйуллуу кэмигэр санаа түһүүтэ, инникитин туох буолара биллибэтиттэн, үлэ-хамнас тохтооһунуттан  дьон санаата  муунтуйуута олус элбээтэ. “Киһи – санаа кулута” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Миэхэ сүбэлэтэ кэлбит киһи арыллан, кыһалҕатын кэпсээн, санаата сааһыланан, сүргэтэ көтөҕүллэн барарыгар кыһаллабын.

Билигин бу тыҥааһыннаах кэмҥэ уйулҕа үөрэҕин уонна тыл көмөтүнэн саха киһитигэр анаан өйдөтөр, кэпсиир, туһалыыр гына үлэлии сылдьабын. Холобур, дьүөрэлэһии сокуонун, өйү-санааны хайдах сааһыланыахха сөбүн кэпсиибин.

Хас биирдии киһи бэйэтэ "киэптээх". Оттон "уйулҕа киэбэ" тыл көмөтүнэн оҥоһуллар. Кэргэммин кытта бииргэ онлайн семинар ыытабыт. Саха киһитин уйулҕатын киэбэ атын норуоттартан ураты. Онон бу тиэмэнэн киэҥник сырдатар үлэ ыытабыт.

Миэхэ үксүн, эдэр кыргыттар, ыал ийэлэрэ кэлэллэр. “Ыал ийэтинэн" диэн этии ураты суолталаах. Урут ыал ийэтэ чэйин хайдах кутарынан майгытын быһаараллара. Төһөнөн хойуу үүттээх, минньигэс амтаннаах даҕаны, соччонон кинини эйэҕэс майгылаах, ыалдьытымсах диэн сылыктыыллара. Илиитин илгэтин, ытыһын сылааһын, тапталын, үтүө санаатын иҥэрдэҕинэ, күүһү-сэниэни биэрэр, өйү-санааны сүрүннүүр, эрэли саҕар утах буолан тахсар. Ийэ алгыстаах чэйин иһэн улааппыт оҕо амарах, сайаҕас майгылаах, чэгиэн туруктаах, өбүгэлэрин ытыктыыр, киһи киһитэ буолар. Чэйдиир үгэспит, чэйдиир кэммит  или-эйэни өрө тутарга, сыаналыырга үөрэтэр. Ыал чөл уонна туруктаах буолар. Онон дьиэ-уот тэринэр эдэр дьоҥҥо өбүгэлэрбит муударай, үтүө үгэстэрин хайаан да кэпсиэх-тиэрдиэх тустаахпыт. Ол чэрчитинэн “Саха дьахтарын сылаас холумтана” диэн семинар ыытабын.

Туох баар ыарыы күүрүүттэн (стресс) үөскүүр. Күүрүү араастаах. Киһи ис уорганнара күүрэллэр, киһи уйулҕата күүрэр, оннооҕор тымныыга киһи тоҥноҕуна-хаттаҕына эмиэ күүрэр. Ону улаатыннарбакка, кэмигэр көмөлөстөххө ыарыы үөскээбэт.

Хас биирдии киһи бэйэтэ Айыыһыттаах уонна Үрдүкү Айыыһыттар  бааллар. Киһини Айыыһыта эрдэ сэрэтэр, көмөлөһүннэрээри   идэлээх киһиэхэ сирдээн аҕалар. Ону сөпкө өйдөөн,  майгытыгар,  дьону кытта сыһыаныгар, тутта-хапта сылдьарыгар кэмин куоттарбакка үлэлэннэҕинэ, олоҕо-дьаһаҕа, уопсай туруга, үлэтэ-хамнаһа табыллан барар.

 Эйгэбит, майгыбыт-сигилибит, аһыыр аспыт тосту уларыйда. Үгэс буолбут өбүгэ майгыта суураллар кутталланна. Билигин сирбит-уоппут, өйбүт-санаабыт уларыйан киһи доруобуйата айгыраата. Эт-хаан туруга киһи санаатыттан тутулуктаах, энергия күүрүүттэн бүөлэнэн  хааллаҕына, куһаҕаны таһаарар, ыраастыыр лимфабыт өссө бытаарар, харан хаалар, хаан эргииригэр кэһиллии тахсар.  Итинник турукка тиэрдибэккэ эрэ сүрбүтүн бөҕөргөтөрбүт, эппитин-сииммитин эрчийэрбит наадалаах.

– Дьону кытта хайдах үлэлиигин? Тугу ордук чорботоҕун? Туохха болҕомтоҕун уураҕын?

– Былыр-былыргыттан норуот эмчиттэрэ дьоҥҥо туһалыыллара биллэр. Хас биирдии эмчит дьону эмтииригэр туспа ньымалаах. Оттон уйулҕаһыт тылынан кэпсэтэн киһи өйүн-санаатын сааһыланарыгар көмөлөһөр. Сорох киһиэхэ илии сылааһынан илбийии наада буолар.

Мин илбийиини сорох түгэннэргэ уйулҕа сааһылыырга эбии ньыма быһыытынан туһанабын. “Иминэн бигээн илбийии” диэн маастар-кылаастаахпын, семинардаахпын. Мин санаабар, киһи бэйэтин нөҥүө аһарбыт ньыматын дьоҥҥо билиһиннэриэн сөп.

Сүбэ-ама ыла кэлбит киһи ийэтин-аҕатын кытта сыһыана, кэргэнин, оҕолорун кытта хайдах сыһыаны олохтуура, майгыта-сигилитэ, эмоциятын хайдах таһаарара барыта суолталаах. Сахалыы кэпсэтэр наһаа үчүгэй. Төрөөбүт тылбытынан алтыһан, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, куппутун бөҕөргөтөр кыахтаахпыт.

Үлэбэр сыт, амтан, дорҕоон, көстүү, өҥ суолталарын эмиэ туһанабын. Хас биирдии киһи бэйэтэ уратылаах. Күүрүү ыарыыга кубулуйбатын туһугар, эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытар наадалаах. Билиҥҥи дьаҥ кэмигэр уйулҕаһыт көмөтө дьоҥҥо-сэргэҕэ олус наада.

Атласовтар этно-уһаайбаларыгар "Айар кут” түмсүү саҥа балаҕана аһылынна. Чэй иһии сиэриттэн-туомуттан саҕалаан, маастар-кылаастары, семинардары ыытар үлэбитин саҕалаатыбыт.

Билигин  тууйуллуу кэмигэр, өйү-санааны сааһылыырга, болҕомтону түмэргэ, уоскуйарга, күүрүүттэн босхолонорго көмөлөөх  “Киин бэлиэ” диэн туһалаах дьарык бэлэмнээтим. Киһи өйүн-санаатын түмэригэр киин наада.

– Оҕону иитиигэ туох көрүүлэрдээххиний?

– Өй-санаа үтүө өттүгэр уларыйыытын оҕо саастан эрэ ситиһиэххэ сөп диэн санааттан, улуустар уонна куорат оскуолаларыгар кылаас чаастарын тэрийэбит.  Сайын саҥа үүнэн силигилээн эрэр үүнээйини кэмэ суох алдьатар тоҕо буортулааҕын, тоҕо күһүн барыта сиппитин-хоппутун кэннэ хомуйар ордугун быһаарабыт, айылҕа бэлэҕин сөбүн көрөн туттарга үөрэтэбит.  Оҕону төрөөбүт дойдутун таптыырга, сиэри-туому тутуһарга үөрэтэбит.

Өбүгэбит үгэстэрин тилиннэрэн, кэнчээри ыччаппытын  Айылҕаны харыстыыр,  сүгүрүйэр тыыҥҥа ииттэхпитинэ,  омук быһыытынан  ууһуур-тэнийэр, үүнэр-сайдар кыахтаныахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...