Кучу чэй
Үүнээйи барыта күн эниэргийэтин, айылҕа кутун илдьэ сылдьар. Айылҕаттан ордук амтаны ким да оҥорбот. Кучу от сэбирдэхтэриттэн бэлэмнэммит чэй сылааны таһаарар, күүһү-уоҕу биэрэр, тымыры ыраастыыр, хаан баттааһынын көннөрөр, утуйар ууну чөлүгэр түһэрэр, куртах-оһоҕос үлэтин тупсарар аналлаах дииллэр. Ону таһынан киһи уйулҕатын сааһылыыр, бөҕөргөтөр эбит.
Сахабыт сирин ханнык баҕарар муннугар өлгөмнүк үүнэринэн, бэйэ туһаҕа таһаарыан сөптөөҕүн өйдөөн, кучу оту хомуйуу киэҥник тарҕанан эрэр.
Дьокуускай таһынааҕы Хатас нэһилиэгин оскуолата сайыҥҥы өттүгэр кучуну хомуйууга оҕолорго лааҕыр тэрийэн үлэлэтэр.
Бу үлэни сүрүннүүр исписэлиис Николай Матвеевы, оскуола производственнай чааһыгар сэбиэдиссэйин, кытта кэпсэттибит. «Туймаада-Ас», «Туймаада агроснаб», ЯНИИСХ курдук бөдөҥ тэрилтэлэргэ технолог быһыытынан баай уопуттаах исписэлиис Хатас агрооскуолатыгар 2018 сылтан үлэлиир.
– Николай Афанасьевич, аҕыйах тылынан бу оскуола производствотыгар тохтоон ааһыах.
– Хатас орто оскуолата агротехнологическай хайысхалааҕын быһыытынан, бүгүҥҥү күҥҥэ убаһа этиттэн тушенка, собо миинин, отонтон морс уонна кучу чэй хас да көрүҥүн оҥорон таһаарар кыахха таҕыстыбыт.
– Сырьеҕутун сайынын эрэ соҕотуопкалыыр кыахтааххыт буоллаҕа.
– Чуолаан кучу оту хомуйуу ирдэбиллэрин, бириэмэтин тутуһабыт. Ол кэмҥэ анаан оскуолабыт үөрэнээччилэригэр сайыҥҥы лааҕыр үлэлэтэбит. Лааҕырбыт быйыл үһүс сылын үлэлиир, 60 оҕону хаптыбыт. Үс сезонунан айылҕаҕа тахсан кучу оту хомуйаллар.
– Оччоҕуна оҕолорго сайыҥҥы үлэ курдук буоллаҕа?
– Оннук. Хас биирдии үөрэнээччигэ хамнас төлөнөр. Дьарыктаах буолуу киинэ көрөр 14 тыһ. солкуобай сууматыгар маннааҕы СХПК 6000 солк. көмө быһыытынан эбэр.
– Оҕо киһиэхэ баһаам хамнас эбит. Оккутун хантан хомуйаҕыт?
– Лааҕырга сылдьар оҕолор үөһээ мыраан үрдүгэр тахсан үргүүллэр. Ону таһынан оскуолабытыгар 2 га иэннээх сирдээхпит. Онно агроинжиниринговай киин тутулла турар. Онон производствобытын сайыннарарга кэскиллээх үлэ ыытыллар.
Оҕолорбут хомуйбут үүнээйилэрэ анал харайыыны ааһар. Кыһын, бакыаттаан, чэй оҥоһуллан тахсар. Производственнай салаабытыгар маастардарынан Татьяна Стручкова, Тамара Нохсорова, Матрена Алексеева үлэлииллэр.
– Маҕаһыыннарга атыыга туттараҕыт дуо?
– Биһиги оҥорон таһаарар чэйбит үксүн өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр бэлэх быһыытынан туһаныллар, Конгресс-киин нөҥүө тарҕанар. Оттон собо миинэ, убаһа тушенката, морс курдук бородууксуйабытын анал байыаннай дьайыыга ыыта олоробут. Ону тэҥэ «Ферма», «Кладовая севера», «Сделано в Якутии», «Дойдум аһа» курдук олохтоох бородууксуйаҕа идэтийэр маҕаһыыннарга хамаҕатык атыыланар, фермердэр эмиэ бэйэлэрин киоскаларыгар атыыга ылаллар.
– Амсайбыт эрэ киһи сэргиирин, сөбүлүүрүн истэбит. Быыстапка диэҥҥэ кыттаргыт буолуо?
– Ээ, кыттан буоллаҕа дии. Кучу чэйбит кыһыл көмүс мэтээллээх. Бу Москуба куоракка сылын аайы ыытыллар «Золотая осень» быыстапкаҕа кэнники 2022, 2023 сылларга кыттыбыппыт түмүгэ – кыһыл көмүс мэтээл.
– Николай Афанасьевич, кэпсээҥҥэр махтал! Ситиһиилэри баҕарабыт!
Кучу от оҕону иитиигэ суолтата
Бу курдук кимиэхэ барытыгар сааһыттан тутулуга суох туһалаах айылҕа бэлэҕин оҕону иитиигэ туһаныахха наада. Оҕолору, сиэннэри айылҕаҕа сыһыара таарыйа күһүҥҥү ылааҥы күн хомуллубут от чэй кыһын дьиэлээхтэр куттарын-сүрдэрин сылааһынан угуттуоҕа, ил эйгэни олохтуоҕа.
Өй-санаа уларыйыытын оҕо кыра сааһыгар эрэ ситиһиэххэ сөп. Онон «оҕоҕун уһуй – удьуоргун салгыаҕа» диэн санаанан салайтаран, биһиги оскуолаларга кылаас чаастарын тэрийэбит, кучу күһүҥҥү хомууругар, айылҕаҕа сиэрдээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэбит. «Айылҕа биһигини иитэр-аһатар эрэ буолбатах. Кини – уйулҕабыт уйата, куппут-сүрбүт тыына. Айылҕаҕа таптал – Ийэ сиргэ, төрөөбүт норуокка таптал төрдө. Айылҕаны таптыыр, харыстыыр киһи өйдүүн-санаалыын, майгылыын-сигилилиин сырдык-ыраас, көнө буолар. Быһата, бу биһиги туспутугар аҥаардас үтүөнү эрэ оҥоро сылдьар айыы тыыннаах хотугу айылҕабыт – саха омугун үөскэппит-үүннэрбит, күн санаалаабыт, үтүө сүрэхтээбит биһигэ. Өбүгэлэрбит үгэстэрин тилиннэрэн, үүнэр ыччаты айылҕаны харыстыыр, айылҕаҕа сүгүрүйэр тыыҥҥа иитиэҕиҥ. Оччоҕо эрэ биһиги омук быһыытынан ууһаан-тэнийэн үүнэр кыахтаахпыт. Айылҕа оҕото, айылҕа быстыспат сорҕото буоларбытын, бу күн сиригэр олорорбутунан айылҕа ийэбитигэр кыайан төлөммөт муҥура суох иэстээхпитин умнубатахпытына эрэ кэскилбит кэҥиэҕэ, сайдыы ахсым атын арҕаһыгар олорон айанныахпыт»,– диэн саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов этэн турардаах.
Аан айылҕабытын харыстаабатахпытына, аҥаардастыы айбардаатахпытына, кэлэр кэнчээри ыччаппыт биһигинэн киэн туттуо дуо?!
Кучу Туйаараттан сүбэлэр
Кэлиҥҥи сылларга кучу оту хомуйуунан тэрилтэлэр эрэ буолбакка, биирдиилээн дьон дьарыктанара эмиэ элбээтэ. Ол гынан баран кучу оту хомуйан чэй оҥоруу Туйаара Григорьева-Кучу Туйаара аатын кытта ыкса ситимнээх.
2020 сыллаахха Кучу Туйаара «Чай кучу в культуре народа саха» диэн кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини кучу туһунан санаатын тускутугар туһаныҥ.
– Былыр-былыргыттан үтүө өбүгэлэрбит кучуттан (куруҥ отуттан), хатыҥ чээрэтиттэн чэй оҥостон иһэллэрэ. Саха аатын ааттаппыт улуу отоһуттарбыт, эмчиттэрбит онно сыһыаннаах билиилэрин-көрүүлэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалларбыттара. Онтон, олох хаамыытыгар сөп түбэһэн, ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар «индийскэй», «грузинскай» курдук бэлэм билииккэ чэйинэн үлүһүйэ сылдьыбыппыт.
Билиҥҥи олох түргэн тэтимин, ыгыытын-түүрүүтүн тулуйбакка, дьон араас ыарыыга ылларар буолбутун статистика бигэргэтэр. Тастан киирии ас-үөл, ол иһигэр чэй хаачыстыбата мэктиэлэммэт буолла. Ийэ айылҕабыт биэрэр бэлэҕин кучу оту сөпкө туһаныы саха омук чөл туруктаныытын, уһун үйэлэниитин төрдө буолуон сөп диэн санааттан, 2010 с. «Айсар» уопсастыбаннай тэрилтэбит иһинэн «Кучу чэй – саха саргыта» диэн бырайыагы саҕалаабыппыт. Бэрт өр саарбаҕалааһын, толкуйдааһын, сүбэлэһии кэнниттэн, маассабай атыыга туруордахпытына, сирбит-уоппут, айылҕабыт тэпсиллииһи, айгырыыһы, эмтээх оппутун тас дойдуга киэҥ атыыга таһаардахпытына, туора омук уоттаах хараҕа хатаныыһы диэн, сахалыы, сэмэйдик, кэмнээн-кээмэйдээн хомуйарга быһаарыммыппыт.
Манна биһиги өбүгэ ньыматынан күһүҥҥү хомууру тутуспуппут. Күһүҥҥү хомуур балаҕан ыйыгар – алтынньы саҥатыгар, бастакы тоҥоруу кэннэ бэрт аҕыйах күн ыытыллар. Кучу сибэккитэ түү буолан, сыһыы-сыһыы аайы көтөн, сиэмэтин ыһан, киэҥ сиринэн тэнийэр. Сахабыт сирин айылҕата уйанын, олус бытааннык чөлүгэр түһэрин быһыытынан, сайыҥҥы хомууру олус маассабайдык ыытар табыгаһа суох. Аны биһиги сиэри-туому тутуһан, сир-дойду иччилэриттэн көрдөһөн, көҥүллэтэн хомуйар үгэстээхпит. Айылҕа көҥүлүн, алгыһын ыллахха, от чэйбит сыттыын-амтанныын тупсар, үтүө дьайыыта күүһүрэр. Хомуйарбытыгар эмиэ өбүгэ үгэһин кытаанахтык тутуһабыт. Ол курдук, умнаһын төрүт алдьаппакка, сэрэнэн, Айылҕа бэйэтэ хатарбыт, бэлэмнээбит күрэҥсийбит сэбирдэҕин алларааттан үөһэ, эбэтэр үөһэттэн аллараа сыыйан ылабыт. Айылҕа бэйэтэ «ферментациялаабыт» буолан, анаан хатарар наадата суох. Ону таҥас мөһөөччүккэ эбэтэр таас иһиккэ кутан уура сылдьан, атын оту, отону эбэн туттуллар.
Үүнээйи барыта үрүҥ Күнтэн күүс ылан айылҕа тыынын илдьэ сылдьар. Айылҕаттан ордук амтаны туох да оҥорбот. Кучу от чэйэ, кофеина суох буолан, хааннарын баттааһына үрдүк дьоҥҥо туһата улахан. Киэһэ сылааны таһаарар, сарсыарда күүһү-уоҕу биэрэр, сэниэни эбэр, тымыры ыраастыыр, хаан баттааһынын көннөрөр, утуйар уу кэһиллиитин чөлүгэр түһэрэр, куртах-очоҕос үлэтин тупсарар. Эт-сиин күүрүүтүн, сүрэх-тымыр ыарыытын сэрэтэргэ эмиэ көмөлөһөр. Дьыл кэмэ уларыйыытыгар сыыстаран тымныйан ыалдьыыны сэрэтэргэ күһүҥҥү кучу туохха да тэҥнэспэт. Киһи сылаас илиитинэн имэрийэн, тутан-хабан, алгыс анаан оҥорон таһаарбыта барыта да туһалаах. Аны туран, биһиги көрүүбүтүгэр, хагдарыйбыт сэбирдэхтэн бэлэмнэммит чэй ордук минньигэс уонна ураты дыргыл сыттаах буолар.
Сылаас от
Ойуур харыстабылын үлэһиттэрэ, мас үүнэригэр мэһэй буолар диэн, кучуну имири эһэргэ туруна сылдьыбыт кэмнээхтэрэ. Ол гынан баран, үүнэн испит титириктэр, күн сыралын уонна хаһыҥы тулуйбакка, кэхтибиттэр. Ону чинчийээччилэр үөрэтэн көрбүттэрэ, кучу барахсан хахыйахтары, титириктэри тымныыттан уонна куйаастан хаххалыыр, хаһыҥтан харыстыыр, көмүскүүр эбит. Ол иһин «сылаас от» диэн ааттаабыттар. Кучу от айылҕа эргииригэр эргиччи туһалаах буолара дакаастаммыт.
Пионер үүнээйи
От-мас, үүнээйи киһи олоҕун хааччыйаары, үүнэн үрдүүр, муҥутаан тупсар. Күн сардаҥатын иҥэринэн, Үрдүк Айыылартан бэлэх буолан, уот сиэбит сиригэр, куруҥҥа, өтөхсүйбүт сирдэргэ маҥнайгынан өрө анньан тахсар тэтэркэй сибэккилээх кучу от барахсан сыттыын дыргыйан, кэрэ бэйэтинэн киһи хараҕын үөрдэр, кэрэхсэтэр Ол иһин кинини атыннык өссө «пионер үүнээйи» дииллэр. Ол курдук, уот сиэбит сиригэр, куруҥҥа аан бастакынан тахсар, саҥа ойуур үүнэригэр кыах биэрэр.
Куруҥ луохтуура
Айылҕа бэйэтэ уот сиэбит сырҕан бааһын оһорунаары, куруҥҥа аан бастаан кучу оту үүннэрэр. Кучу «эмтээбит», чөлүгэр түһэрбит буоругар от-мас хойуутук үүнэрин иһин, кучуну өссө «куруҥ луохтуура» дииллэр.
Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан