02.08.2020 | 14:34

Кубокпыт Дьокуускай куоракка үктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үтүө дьыала Кубогын аахсыйата былырыын от ыйын 8 күнүгэр Ньурба улууһунааҕы үөлээннээхтэрбит көҕүлээһиннэринэн саҕаламмыта. Бу бэлиэ күн быйыл Кубокпыт Чурапчыттан айаннаан кэлэн, Эркээни сиригэр-уотугар тиксэрилиннэ.

Хаҥалас улууһун кыраныыссатыгар куораттан, Хаҥаластан тоҕуоруһан тиийдибит. Манна биһигини Болеслав Готовцев, Ева Кельциева сиэнинээн алҕаан көрүстүлэр. Сахалыы сиэри-туому тутуһан салама сиэдэрэй өҥүнэн Аар Хатыҥмыт лабаатын киэргэтэн, баҕа санаабытын этэммит, уоскуйан ыллыбыт. Бу көрсүһүүгэ Виктор Литвинцев тылларыгар, Марианна Макарова матыыбыгар суруллубут Кубокпыт гимнэ өрөгөйгө көттө, сомоҕолоһууну түстээтэ.

Хаҥалас. Хаҥаластар Үтүө дьыала аахсыйаларын былырыын муус устар ыйтан саҕалаабыттара. Бу кэм устата оскуоланы бүтэрбиппит 35 сыллааҕы үбүлүөйүн көрсө уопсайа 64398 солкуобай суумалаах 12 аһымал аахсыйа, субуотунньук, аадырыстаах көмө оҥоһулунна. Ол иһигэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи клоновай матырыйааллар пуондатын 22 коллекционнай араас суортаах хортуоппуйу хостооһуҥҥа научнай аахсыйа- субуотунньук тэриллибитин бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Адаптивнай оскуола-интэринээт иитиллээччилэригэр кэнсиэртиир көстүүм тигэргэ көмө оҥоһулунна. Кырдьаҕастарга аналлаах декада иитинэн СӨ "РКЦСО" ГБУ Хаҥаластааҕы филиалыгар дьыбаан ылбыттара, бу кииҥҥэ олорор аҕам саастаах дьоҥҥо бэлэхтэри туттарбыттара, Саха театрын "Лоокуут уонна Ньургуһун" испэктээкилигэр сырытыннарбыттара. 85 саастаах үлэ бэтэрээнэ Зоя Тимофеевнаҕа дьиэтин тиэргэнин хаарын күрдьүбүттэрэ. Инсульт кэннэ эмтэниитигэр, онно доруобуйатын туругун көрдөрүнэригэр биир кылааска үөрэммит доҕордоругар Валерий Соловьевка көмөлөспүттэрэ. Төгүрүк тулаайах хаалбыт 12 саастаах Дайаанаҕа бэйэ оҥоһук хомуот бэлэхтээбиттэрэ. Саҥа дьылынан кырдьаҕас үлэ бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга, инбэлиит оҕолорго “Минньигэс корзина“бэлэхтээбиттэрэ. Кыайыы 75 сылынан сэрии бэтэрээнэ Егор Трофимович Леверьев кэриэһигэр оскуола оҕолоругар дуобат, саахымат күрэҕэ тэриллибитэ, кырдьаҕастарга, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр 40 кус түҥэтиллибитэ. Сааскы аахсыйалар: Ийэ скверигэр, Сиинэҕэ оскуола тиэргэнигэр сибэкки олордуута, субуотунньуктар, элбэх оҕолоох ыалларга сиэмэ хортуоппуйу, оҕуруот аһын харыстыыр анал бородууксуйалары биэрии, соҕотох элбэх оҕолоох ийэҕэ тиэргэн күрүөтүн тутуу.

Быйыл от ыйын 8 күнүгэр Үтүө дьыала Кубогын аахсыйатын чэрчитинэн Сиинэ, Өлүөнэ остуолбаларыгар, Булууска, Туруук Хайаҕа, Мэҥэ Тааска, Орто Дойдуга көҥүл көччүйдэ. Биһиги үөлээннээхтэрбит Сиинэҕэ, Тиит Арыыга, Үөдэйгэ, Улахан Ааҥҥа, Булгунньахтаахха, Хачыкаакка, Күөрдэмҥэ, Тиит Эбэҕэ, Нөмүгүгэ, Покровскайга, Өктөмҥө көмө аахсыйалары, уопсайа 73660 солкуобайга оҥордулар. Ону таһынан Улахан Аан оскуолатын бүтэрбиттэр сынньанар ыскамыайка,  Булгунньахтаах оскуолатын бүтэрбиттэр "1-МАЛДЬАҔАР" диэн бэлиэҕэ үс ыскамыайканы оҥорон туруордулар, Хаҥалас улууһун 85-тэрэ икки ыскамыайканы паром, тыы туоруур сиригэр Покровскайга туруордулар, олохтон эрдэ туораабыт бииргэ үөрэммит доҕордоро Ира Аргунова дьонугар ыскамыайка бэлэхтээбиттэрэ, Дьөппөн орто оскуолатын бүтэрбиттэр бастакы учууталларыгар үлэ бэтэрээнигэр Вера Павловна Капустинаҕа күрүө тутан биэрдилэр, итиэннэ Өлүөнэ өрүс биэрэгэр бөх хомуйуутугар субуотунньуктаатылар, Тиит Эбэтээҕи, Хоточчутааҕы үөлээннээхтэрбит 15000 солкуобайы хомуйан, Мохсоҕоллоохтооҕу социальнай уопсайга олорооччуларга электроплита бэлэхтээтилэр. Ойдооҕу биир кылааска үөрэммиттэр 36000 солкуобайы хомуйан, оскуола спортивнай саалатын өрөмүөнүгэр кыттыыны ыллылар, Ой, Тиит Арыы оскуолатын 1985 сылга бүтэрбит Кузьминнар дьиэ кэргэн аатыттан 65 саастаах үс оҕо опекунугар Ульяна Гаврильевна Кириллинаҕа бородууктанан көмө оҥордулар, Покровскай оскуолатын бүтэрбиттэр аҕам саастаах А. Н. Кириллина клубникатын сыыһын ыраастаатылар, Е. Н. Бурдикановаҕа мас хайыттылар. Ити аахсыйалары өйөөн, Өктөм оскуолатын бүтэрбиттэр Өктөм, Чапаево, Төхтүр нэһилиэктэригэр сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр 16000 суумаҕа көмө оҥордулар.

Телец зодиактаах үөлээннээхтэрбит «Бары күүһү – ОККО!” диэн ыҥырыы таһааран, Үтүө дьыала Кубогынан Дьокуускай куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ – Тулагы агрооскуолатыгар, Хатастааҕы Оҕо дьиэтигэр – от охсон, харбаан, кэбиһэн көмөлөстүлэр. Бу уонча хонуктаах үлэни ситиһэргэ куораттан, Хаҥалас улууһуттан үөлээннээхтэрбит бары тахсан, тирэх буоллулар.

Кубогы туттарсыыга Тулагы орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбит доҕотторбут Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооһун, хаан тохтуулаах гражданскай сэрии ыар дьылларыгар өлбүт буойуттары кэриэстээн, Тулагы Киллэмигэр турар обелисканы көрүүгэ-истиигэ ылбыттарын кэпсээтилэр. Тулагы лидерэ Изольда Николаева кэлбит ыалдьыттарга Тулагы историятын туһунан кинигэ бэлэх туттарда. Ол кэннэ бары тутуспутунан ким от мунньа, ким от охсо таҕыстыбыт. Ардах түһүөн иннинэ үлэбитин ситэрэн, үөрүүбүт үксээтэ.

Бу күннэргэ Үтүө дьыала Кубога дьоллоох Дьокуускай куоракка үктэнэр. Онон өрөспүүбүлүкэбит киинигэр олохсуйбут оҕолорбутун Ярославскай уулусса 7 №-дээх дьиэтин таһыгар баар сквер аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах буоларыгар субуотунньукка ыҥырабыт, күүтэбит!

Бары бииргэ! Бары тэҥҥэ! Иннибит диэки!

Бары күүһү – окко

Самаан сайын барахсан сатыылаан аҕай турар кэмэ. От ыйын өҥүрүк куйааһа. Өбүгэлэрбит Бөтүрүөп таҥара кэнниттэн окко киирэр үгэстэрин тутуһан, Сахабыт сирин бары муннугар от үлэтин үгэнэ.

Тулагыттан син тэйиччи сиргэ айаннаан, киэҥ нэлэмэн ходуһа биһиги иннибитигэр нэлэс гына түстэ. Онно-манна, ыраах, чугас ким от кэбиһэрэ, ким от мунньара көстөн ааһар. Син тэйиччи сири массыынанан айаннаан баран истэхпитинэ, бэрт ыраахтан тыалга былаах тэлээрэрэ көһүннэ. Балаакка, былаах, оллоон ... Тэйиччи чээлэй от күөх футболкалаах бэрт элбэх киһи ким атырдьах, ким кыраабыл тутан, үлэ үөһүгэр сылдьар. Дьэ бу кимнээҕий эбит диэтэргит, Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр түмсүүлэрин иһинэн "Телец" зодиак бөлөх.

Үөлээннээхтэрбит хайдах түмүллэн, тустаах үлэлэрин, дьиэлэрин-уоттарын түбүгүн үмүрүтэн, бу куйааска оттуу сылдьалларын туһунан сурастыбыт.

– Мин Егор Охлопков диэн буолабын. Нам улууһун 1 Хомустаах оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбитим. 18 сыл үөрэх эйгэтигэр дириэктэринэн, 5 сыл иитэр үлэҕэ завуһунан, учууталынан үлэлээбитим. Билигин Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлиибин. Выпуск-85 иһинэн ыытыллар үлэлэргэ кыттыһан, бу үөлээннээхтэрбинээн оттуу сылдьабын.

– Егор Афанасьевич, оҕо сылдьан сайын окко көмөлөһөр да буоларбыт. Эһиги ол кэммитин санатан, «Бары күүһү – окко” санааны олоххо киллэрбиккит көрөргө астыгын.

– «Телец” бөлөхтөр бас-көс киһибит Үөһээ Бүлүү Нам оскуолатын выпускнига Александр Наумов. Кини манна куоракка олорооччулар сайыҥҥы кэмҥэ окко үлэлээн, Үтүө дьыала Кубогар кылааппытын киллэриэҕиҥ диэн этии көтөхпүтэ. Оттон үлэ фронун Үөрэх управлениетын нөҥүө буллубут.

– Ким оттуур сирэй?

– Бары билэрбит курдук коронавирус карантинынан сибээстээн, үөрэх тэрилтэлэригэр бары хайысханан үлэ тохтоон турар. Ол курдук, урукку сылларга сайыҥҥы өттүгэр 5 үлэ лааҕыра үлэлиир буоллаҕына, быйыл биир да лааҕыр үлэлээбэтэ. Ол иһигэр бу Тулагы агрооскуолатыгар эмиэ. Оттон от оттонуон, сүөһү аһылыга бэлэмнэниэн наада.

Егор Афанасьевич, бу оскуола туһунан билиһиннэр эрэ?

– Тулагы оскуолата агрономическай хайысхалаах. Бэйэтин хаһаайыстыбатыгар ыанар ынахтаах, сылгылардаах. Сүөһүгэ кыһыҥҥы аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ үлэ лааҕыра үлэлээн кэлбитэ, бу кинилэр оттуур сирдэрэ.

– Оттон эһиги хас буолан таҕыстыгыт?

– "Телец" бөлөхпүт оҕолоро киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн ким бириэмэлээҕинэн тахсан охсон, мунньан кэллибит. Уопсайа уон күн субуотунньуктаан, биир улахан от кэлэр сирин кыайдыбыт.

Билиҥҥи кэмҥэ тус бириэмэни, харчыны аахсыбакка бэйэ баҕатынан үлэ чааһын кэнниттэн үтүө дьыаланы үксэтии – хайҕаллаах дьыала.

– Оннук. Биһиги выпуск өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан сыл устата элбэх үтүө дьыаланы оҥорон кэллибит. Бу күннэргэ Үтүө дьыала Кубога Дьокуускай куоракка уонна куорат таһынааҕы оскуолаларга туттарылынна. Биһиги бу Тулагы агрооскуолатыгар үлэбит эмиэ бу бэлиэ кэмҥэ түбэстэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...