Кубокпыт – Бэрэсидьиэн Гранын кыайыылааҕа
Үтүө дьыала Кубога Саха сирин тэлэһийэ көтөн, Орто Халыматтан Эдьигээн-Кэбээйи-Эбээн Бытантай улуустарыгар тиксэр кэмэ тосхойдо. Түгэнинэн туһанан, Үтүө дьыала Кубога бу аҕыйах хонуктааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Граныгар кыайыылааҕынан тахсыбытын ааҕааччыларбытыгар үөрэ үллэстэбит.
Хоту дойдуга Күн тахсыыта – биир саамай күүтүүлээх-кэтэһиилээх бырааһыннык. Бу күннэргэ биһиги Кубокпыт Өлөөҥҥө, Анаабырга, Орто Халымаҕа үтүө дьыалалары уһансан, өссө биир хоту улууска – Эдьигээҥҥэ айанныыр.
Дьокуускайга олорор Эдьигээн лидердэрэ Саргылана Местникова, Светлана Ильинова Үтүө дьыала Кубогын айанын ылсаннар, дойдуларын туһугар ыалдьар эдэрдии эрчимнэрин көрдөрдүлэр. Улууһун түмсүүтүн биир бас-көс киһитэ Альберт Элляев Кубок туттарсыытын сиэригэр-туомугар Атласовтар уһаайбаларыгар итии үүттээх чэйдээх, амтаннаах алаадьылаах, кыһыллыбыт тоҥ балыктаах, морошка барыанньалаах мааны сандалыны тэрийбитэ харах халтарыйар, сүргэ көтөҕүллэр түгэнэ этэ.
Сарсыныгар биһиэхэ бассаап нөҥүө Эдьигээнтэн сурук тигинээн кэлбитэ: «Үтүө киэһэнэн, күндү доҕоттор! Кэтэһиилээх Кубокпытын туттубут! Кыра оҕолоох эдэр кыыс Мария Лесовая бэйэтэ таһаҕас бөҕөлөөх сылдьан ылбыт». Ити курдук олунньу 10 күнүгэр эдьигээннэрбит УАЗ массыынанан көтүтэн тиийэн, сөмөлүөт ааныттан Кубокпытын туппуттарын биллэрбиттэрэ.
Дьэ бу кэннэ үтүө дьыалалары кэккэлиэхтээх Кубок туппут үөлээннээхтэрбит Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Чурапчыттан көһөрүллэн кэлбиттэргэ анаммыт пааматынньыкка, убаастыыр, киэн туттар биир дойдулаахтара олимпиец Роман Дмитриев аатынан уулуссаҕа таарыйан, нэһилиэк баһылыга Василий Сорокины, кылаастарын салайааччыта Ульяна Васильевна Ханчаеваны кытта көрсөн, куйаар нөҥүө сонуннарын, интэриниэт мөлтөҕүттэн иҥнибэккэ, көрдөрөн-иһитиннэрэн испиттэрэ. Ол курдук, киин куоракка олохсуйбут эдьигээннэр "Кустук" Оҕо киинин тэрилтэлэригэр канцтабаар, сайыннарар остуол оонньуулары ыыппыттара. Олохтоох уолаттар Василий Бечеканов, Николай Никифоров, Борис Харбаев, Юрий Максимов Саргылана Семёнова көҕүлээһиннэринэн, бу Киини халҕаһа курдук анньан турар хаартан ыраастаабыттара. Владимир Федотов «Буран” көлөнөн ытык кырдьаҕас Татьяна Николаеваҕа мууһун тиэйэн биэрэн, биэнсийэлээх үөрүүтүн үксэппитэ. Бэстээх нэһилиэгэр Култуура киинин дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлиир Дария Матвеева (Боткинова) үөрэх туйгуна, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олимпиадалар кыайыылаахтара 2-с кылаас үөрэнээччитэ Настя Зарецкаяҕа 1985 сыллааҕы выпускниктар ааттарыттан харчынан бириэмийэ туттарбыта. Кира Петроваҕа, ДЦП диагнозтаах оҕоҕо, эмиэ харчынан көмө оҥоһуллубута. Түмүккэ Кубокпыт саламатыгар түөрт нэһилиэк аата эбиллибитэ: Баахынай, Бэстээх, Кыстатыам, Эдьигээн.
Маны сэргэ Кыайыы 75 сылын көрсө Светлана Ильинова (Эдьигээн), Лилиана Антонова (Бүлүү) үс күн иһигэр 75 км хаамарга ыҥырыы ыытан, биэс буолан уопсайа 82,79 км ситэрдилэр. Хаамыыга Валентина Антонова (Амма), Мария Иванова (Сунтаар), Евдокия Попова (Кэбээйи) кыттыыны ылбыттара.
Олунньу 14 күнүгэр Кубокпыт Кэбээйи улууһугар айаннаата. Туттарсыы сиэрэ-туома Кэбээйилэр киэн туттар биир дойдулаахтара, норуодунай суруйааччы Николай Лугинов дириэктэрдээх Ойуунускай аатынан Литератунай музейга ыытылынна. Сити күн ыкса киэһэ кыһыҥҥы тоһуттар тымныыны аахсыбакка, ыраах Кэбээйи улууһугар 8 киһилээх автодесант айаннаабыта: Маргарита Степанова (Үөһээ Бүлүү), Лилиана Антонова (Бүлүү), Евгений Барашков (Мэҥэ Хаҥалас), Марианна Захарова (Орто Халыма), Нина Никитина, Евдокия Попова, Мария Аргунова, Прокопий Лугинов (Кэбээйи). Олунньу 15 күнүгэр сарсыарда эрдэ Кэбээйигэ биһигини Анна Егоровна Обутова (Выпуск-85) дириэктэрдээх оскуола кэлэктиибэ, бэтэрээн учууталлар көрсүбүттэрэ. Оскуоланы 1985 сылга бүтэрбиттэр, мустубут дьон көрөн турдаҕына, 41 буолан кыттыһан 44 150 солкуобайга куоракка оҥорторон аҕалбыт «Ваша победа в наших сердцах» уоттаах стендэбитин бэлэхтээтибит.
– Биһиги Кыайыы 40 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар оскуоланы бүтэрбиппит. Оччотооҕу көлүөнэ оҕолор сэрии бэтэрээннэрин элбэхтик көрсөрбүт, тимуровскай үлэ оҥорорбут. Ол кэми, хомойуох иһин, билиҥҥи үөрэнээччи билбэт. Онон быйылгы Кыайыы 75 сылынан нэһилиэкпит бэтэрээннэрин кэриэстиир, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр улахан стендэни оҥортордубут, - диэн кэпсиир Кэбээйи оскуолатын 1985 сыллааҕы выпускницата Нина Никитина.
Нэһилиэк дьокутаата Степан Степанович Кобяков биһиги хамсааһыммыт суолтатын биһирээн тыл эттэ. Оҕолор бастакы учууталлара Зинаида Афанасьевна Павловаҕа, Надежда Ивановна Поповаҕа, 10 «в” кылаас салайааччыта, математика учуутала Ирина Васильевна Тереховаҕа махтал тылларын кытта сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Былааннаммыт тэрээһиннэр чэрчилэринэн, оскуоланы 1985 уонна 1986 сылларга бүтэрбиттэр икки ардыларыгар «Көрдөөх стартар», П. Д. Степанов аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музейга экскурсия, буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин бииргэ төрөөбүт балта Екатерина Егоровна Сметанинаны кытта көрсүһүү, поэт Григорий Кобяков аатынан модельнай библиотекаҕа «Кулуһун куттар» кулууп чилиэннэрэ, Выпуск-85 хоһоонньут кыргыттара Виктория Яндреева, Ньургустана Дьяконова кыттыылаах «төгүрүк остуол” умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтилэр. Хоһоон ааҕыыта 1985 сыллааҕы выпускница Зинаида Лугинова оскуола оҕолоругар тикпит сахалыы көстүүмнэрин көрдөрүүнэн доҕуһуолланна. Библиотекарь Саргылана Павлова (Выпуск-85) “Биһиги туспутунан суруйаллар” диэн ыстатыйаларынан билсиһиннэриитэ болҕомтобутун тарта.
Эбиэт кэннэ автодесант Тыайаҕа айанын салҕаата. Тыайаттан төрүттээх Выпуск-85-тэр нэһилиэктэригэр “Мин Тыайабын таптыыбын” фотозоналарын бэлэхтээтилэр. Бу көрсүһүүгэ Галина уонна Иннокентий Спиридоновтар (Выпуск-85) элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар ыыппыт оскуолаҕа сүгэр рюкзактарын туттардылар.
Бу курдук ситиһиилээхтик автодесаммыт түмүктэннэ. Тыайа, Кэбээйи оскуолаларын кэлэктииптэригэр, оҕолоругар, И. П. Дьяконовка, «Кустук» оҕо саадын үлэһиттэригэр (салайааччы Р. С. Лопатина), учууталлар М. Г. Полятинскаяҕа, З. А. Павловаҕа, Тыайатааҕы кулууп үлэһиттэригэр, маастарга Р. Г. Соловьевка, Выпуск-85 Александр, Татьяна Аммосовтарга, Мирослава Дьяконоваҕа, Павел Дьяконовка, Алексей Максимовка, Прокопий Лугиновка, Анна Обутоваҕа, Саргылана Кривошапкинаҕа уонна бу тэрээһиҥҥэ кыттыспыт бары үөлээннээхтэрбитигэр, биһигини үтүө санаалаах көрсөн ыалдьыттаппыккытыгар, бииргэ буолбуккутугар махтанабыт.
Үтүө дьыала кэмтэн тутулуга суох. Выпуск-85 урбаанньыттара Игорь уонна Мария, Иннокентий Тереховтар нэһилиэккэ икки этээстээх спорт саалатын, ыһыахтыыр сири тутууга, тупсарыыга сүҥкэн кылааттарынан, Прокопий Лугинов, Алексей Аргунов кыаммат ыалларга, саастаах дьоҥҥо көмөлөрүнэн астынабыт. Павел Дьяконов, Оксана Павлова олорор сирдэринэн Мэҥэ Хаҥаласка Үтүө дьыала Кубогын күннэригэр кылааттарын эмиэ умнубаппыт. Ону таһынан төрөөбүт оскуолаларыгар үйэлээх стендэ оҥоруутугар бары кыттыспыт выпускниктарга махтал маанытын этэбит. Бу курдук хас биирдиилэрин ааттыахха сөп.
Олунньу 28 күнүгэр Алевтина Захарова бииргэ үөрэммит оҕолоругар өрөспүүбүлүкэ 22 улууһун тилийэ сүүрбүт Кубокпытын кытта, 10 устуука “Киин куорат” хаһыат сибиэһэй нүөмэрин ыытан, Кубокпыт Эбээн Бытантайга күннэрэ саҕаланна. Бэлиэтээн эттэххэ, улуус киинигэр Саккырыырга Кубокпытын бу сырыыга эмиэ «Полярные авиалинии» хампаанньа летчига Аскалон Старостин тиэрдибитэ.
«Саккырыыр орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр Кубогы авиапортан көрсөн таһаарбыттара. Кылаас кэрэ аҥаардара, далбар хотуттара, ыал ийэлэрэ Анна Степанова, Наталья Горохова, Галина Слепцова соҕотох олорор Альбина Софроновнаҕа дьиэтин сууйбуттар. Василий Горохов, Михаил Тарабукин оттор мас бэлэмнээбиттэр, хаар күрпүттэр. Итини таһынан бу кылааһы бииргэ түмэр көхтөөх киһилэрэ, «Аннушка» маҕаһыын хаһаайката Анна Степанова көҕүлээһининэн «Үтүө дьыала полката» аахсыйа тэриллибит. Доруобуйаларыгар хааччахтаах, аҕам саастаах, биэнсийэлээх, элбэх оҕолоох, нэһилиэк кыаммат-түгэммэт араҥата бу көмөнөн туһанан, махталлара муҥура суох. Кытыы сытар Кустуур нэһилиэгин доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоно маҕаһыыҥҥа маннык аахсыйа ыытылла турарыттан үөрдүлэр-көттүлэр. Бу аахсыйа тэрийээччилэринэн Анна Степанова, Анатолий Баишев, Василий Горохов, Наталья Горохова, Галина Слепцова, Михаил Тарабукин, Владимир Никитин, Лилиана Антонова буолаллар. Саккырыыр оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр «Приятный сюрприз» аахсыйа ыытан, сэрии оҕолоругар, бэтэрээннэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо харчынан аадырыстаах көмөнү ыыппыттара”, – диэн Саккырыырга 1985 сыллааҕы выпустары түмэр, көҕүлүүр Анна Константиновна сырдатан турар.
Тапталбыт, махталбыт күүһүрэргэ дылы
Бүгүн биһиэхэ Кэбээйигэ массыынанан десаны көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ Евдокия Попова ыалдьыттыыр.
– Кэбээйигэ Кубок барарыгар туох былааннаах этигитий?
– Атын улуустарга Кубок сырыытын, үлэтин билсэ олорбут буоламмыт, төрөөбүт улууспутугар тиийиитэ өссө эппиэтинэстээх этэ. Онон үлэбитин төрүт эрдэттэн саҕалаабыппыт. Манна ыраах, чугас олорор оҕолорбут бука бары кыттыбыттара.
– Евдокия Алексеевна, автодесант эн төрөөбүт дэриэбинэҕэр Тыайаҕа айанын сыала туох этэй?
– Биһиги төрөөбүт сирбитигэр ахсыс кылааһы уонча буолан бүтэрбиппит. Быйылгы Патриотизм сылыгар сөп түбэһиннэрэн, бөһүөлэкпитигэр туох эрэ үйэлээҕи оҥоруохха диэн сыал-сорук турбута. Онон дэриэбинэбит уопсай көстүүтүгэр, хас биирдии олохтооххо сыһыаннаах "Мин таптыыбын Тыайабын" диэн улахан суругу оҥотторорго сүбэлэспиппит. Билигин кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕолуун-уруулуун хас хаартыска ахсын бу сурукка түспүттэрин көрдөхпүтүнэ, дойдубутугар тапталбыт, махталбыт өссө күүһүрэргэ дылы буолар, киһи эрэ үөрэр.
– Автодесант сыалын ситтэ дии саныыгын дуо?
– Ситэн буоллаҕа. Бастатан туран, манна Прокопий Лугиновка, тус массыынатынан тиэйэн илдьэ сылдьыбыт бииргэ үөрэммит уолбутугар махтанабыт. Иккиһинэн, күннэрин-дьылларын аахсыбакка бу хамсааһыҥҥа үтүө дьыалаларынан, үтүө баҕа санааларынан кыттыспыт бары оҕолорбутугар махтанабыт. Кэбээйи уонна Тыайа орто оскуолаларыгар Лилиана Антонова, Дьокуускай куорат Мархатын 1 №-дээх оскуолатын физика учуутала, бэһис кылаас оҕолоругар «Занимательная физика» диэн сэргэх уруоктары ыытта. Ону таһынан выпускной кылаастарга ГИА туттарыытын, үөрэххэ киирии туһунан иһитиннэрии оҥордо. Автодесант Кэбээйи уонна Тыайа детсадтарыгар аудиокинигэлэри, оскуолаларга физика кабинеттарыгар Уаров термометрын, «Хабылык. Хаамыска. Тырыынка» остуол оонньуурдарын бэлэхтээн, тыа оҕолоругар улахан көмө оҥоһулунна. Онон биһиги биир сомоҕо, түмсүүлээх буолуу ханнык да ыарахаттары туорууругар, үтүөнү үксэтэригэр эрэлбит өссө бөҕөргөөтө.