Кубок эмиэ хааччахтааһыны биллэ
Ыам ыйын 7 күнүгэр Дьокуускайдааҕы Марха бөһүөлэгэр Аллараа Халыма лидерэ Анастасия Татаева Үтүө дьыала Кубогын Абый улууһун бэрэстэбиитэлэ Светлана Соломоваҕа туттарбыта. Мантан ыла Кубокпыт Абый улууһунан айана саҕаламмыта.
Кубогы туттарсыы сиэрэ-туома Улуу Кыайыы иһин сэрии толоонугар олохторун толук уурбут буойуттарга аналлаах обелиск таһыгар бөх хомуйуу субуотунньугунан түмүктэннэ.
Үтүө дьыала Кыайыы 75, оскуоланы бүтэрбиппит 35 сылыгар ананна. Ол курдук Дьокуускай куорат Мархатааҕы 1 №-дээх орто оскуолатын учууталлара Лилиана Ивановна Антонова, үрдүк категориялаах физика учуутала, "Менеджмент" хайысхатыгар магистр, «Азия оҕолоро» пуонда стипендиат педагога (Бүлүү-85), Оксана Софроновна Манчурина, үрдүк категориялаах нуучча тылын уонна литературатын учуутала, филология магистра, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин туйгуна (Таатта-85), Александра Коммунаровна Старостина, бөдөҥ тэрилтэ кылаабынай бухгаалтыра (Абый-85) "Бастыҥ кылаас” номинация кыайыылаахтарыгар – 4 «в» (Егорова И.Н.), 7 «в» (Карамзина Д.Я.), 9 «б» (Аравиди А.В.) – “Канцпроф" маҕаһыын 1000 солкуобай суумалаах сертификаттарын туттардылар.
Семен Романов оскуоланы бүтэрбит 25 сыллаах үбүлүөйүгэр сэргэ оҥорон, выпуск үс кылааһа кыттыһан туруорбуттара. Борис Бережнов дьиэ таһыгар оҕо оонньуур балаһааккатын тутан, оҕолор сынньанар сирдэннилэр.
Коронавирус хааччахтааһынын биһиги Кубокпыт эмиэ биллэ. Ол курдук, бэрэстэбиитэл Абыйга тиийэн 14 күн самоизоляцияҕа олордо. Оннук айаннаан, аны “Муома-85” туттарыллар күнэ тиийэн кэллэ. Муома лидерэ Венера Горохова хамаандата бу күһүҥҥүттэн Үтүө дьыала Кубогын чэрчитинэн элбэх үтүө аахсыйаны ыытта. Кини: "Хотугу Муомабын күндүтүк саныыбын. Бу хоһоон тыллара ырыа буолан, Муома оройуонун гимнэ буолан уостан түспэккэ ылланар. Егор Слепцов-Буоратай тыллара, Семен Сивцев матыыба”, – диэн кэпсиир.
Муома оройуона 1932 сыллаахха төрүттэммит. Бу кэм устата элбэх холкуос, сопхуос, оройуон салайааччылара, баһылык үлэлээбиттэрэ. Билигин Иван Петрович Павлов иккис сылын баһылыгынан үлэлии олорор. Оройуоммут киинэ – Хонуу. Улууспут 5 нэһилиэктээх – Соболоох, Буор-Сыһыы, Сайдыы, Улахан Чыыстай, Төбүлэх. Нэһилиэктэр бары 11 кылаастаах оскуолалаахтар, оҕотун ахсаана аҕыйах да буоллар, тигинэччи үлэлииллэр.
Муома орто оскуолатын 1985 сыллаахха 10 "а" кылааһы 25, 10 "б" кылааһы 24 выпускник, Улахан Чыыстай орто оскуолатын 21 выпускник бүтэрбитэ. Бары үөрэхтэнэн, олохторун оностон, Сахабыт сирин араас улуустарыгар, куоракка олороллор. Сорох оҕолорбут төрөөбүт Муомаларыгар дьиэ-уот тэринэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Саха АССР 1985 сыллааҕы выпускниктарын түмсүүтэ тэриллэн, биһиги оройуоммут оҕолоро эмиэ бэйэлэрин олоххо көхтөөх позицияларын көрдөрдүлэр. Ол курдук Ньурбатааҕы үөлээннээхтэрбит көҕүлээбит «Үтүө дьыала Кубога» хамсааһыннарыгар кыттыһан, бэйэбит төрөөбүт оройуоммутугар субуотунньуктары, атын да хабааннаах үтүө дьыаланы тэрийдибит.
Ол курдук оҕолорбут өссө 2019 сыл балаҕан ыйыгар мустан, сүбэлэһэн, алтынньы 19 күнүттэн үлэлэрин саҕалаабыттара. Уопсайа 105 тыһыынча 450 солкуобай харчы хомуллан үтүө дьыала чэрчитинэн туһааннаахтык туттулунна. Форма, флаг, значок оҥоһулунна. Матрена, Владислав Старостиннар, Антонина Дмитриева, Изабелла Черемкина, Александра Слепцова, Венера Горохова, Валера Григорьев Учуутал күнүгэр кылааспыт салайааччытыгар, нуучча тылын учуутала Мария Дмитриевна Габышеваҕа оҕуруот аһын биэрбиппит, төрөөбүт күнүгэр икки сахалыы олоппос, олбох бэлэхтээбиппит.
Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбит, доҕотторбут Мирик Михалев, Толя Слепцов (билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар) ийэлэригэр Михалева Ирина Прокопьевнаҕа, Слепцова Евдокия Иннокентьевнаҕа Габышев Витя, Ефимов Петя, Софронов Витя, Черов Саня, Черемкина Иза буолан муус киллэрбиттэрэ. Кырдьаҕастар күннэригэр бэтэрээннэргэ торт, "Фаворит" маҕаһыынтан сертификат, харчынан көмө, бириис, бэлэх туттарбыттара. Бииргэ үөрэммит доҕорбут Афоня Атласов бииргэ төрөөбүт балтытыгар Елизаветаҕа пансионакка бородуукта, бытовой химия, бэлэх илдьэн биэрбиппит. Сэттэ кыталык кыргыттардаах Саргылана, Тихон Васильевтарга бородууктанан көмө оҥорбуппут. Маныаха Ольга Уваровская, Петр Ефимов, Катя Сокорутова, Аня Черепанова, Иза Черемкина, Витя Габышев, Айта Ефимова, Альбина Васильева кыттыыны ыллылар. Суон-Тииккэ олорор инбэлиит, үлэ бэтэрээнэ Прибылых Розалия Ивановнаҕа субуотунньуктаан, соҕотох кырдьаҕас махтала улахан. Кулун тутар ыйга тапталлаах оскуолабыт 90 сыллаах үбүлүөйэ буолбутугар выпускниктар кинигэлэрэ тахсарыгар, оскуола музейыгар харчынан көмө оҥоһуллубута. Дьокуускайдааҕы 4-с №-дээх коррекционнай оскуолаҕа 40 устуука сибэкки арассаадата, выпускной 9 "б" кылаас оҕолоругар бэлэх туттарбыппыт. Арчы дьиэтин күрүөтүн кырааскалаан көмөлөстүлэр. Бу аахсыйаҕа кыттыыны ыллылар элбэх оҕолоох ийэ, Нефтебаза биир тутаах үлэһитэ Ольга Уваровская, "Кэнчээри" оҕо уһуйаанын иитээччитэ Альбина Васильева, Арчы дьиэтин хаһаайката Ирина Николаевна Слепцова.
Маны таһынан биһиги выпуск оҕолоро, төһө да дойдуларыттан тэйэн ыраах олордоллор, бэйэлэрин кыахтарынан сүрдээх элбэх көмөнү оҥороллор. Ол курдук бииргэ үөрэммит доҕорбут Иннокентий Апросимов Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуодатыгар олорон үтүө дьыала аахсыйаларын тэрийэр. Хортуоппуй үүннэрэн дьарыгырар, учууталбытыгар Мария Дмитриевнаҕа, миэхэ, Шураҕа биирдии куул хортуоска аҕалан долгутан турар», – диэн кэпсиир Венера Горохова.
Элбэх үтүө аахсыйалаах “Муома-85” түмсүү Аллайыаха улууһугар Үтүө дьыала Кубогын алҕаан, бу үлэлэрин сырдатан туран туттарда.
Аллайыаха лидерэ Максим кэпсиир: «Аллайыаха оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр бэс ыйын 7 күнүгэр "Консультации по правовым вопросам коренных малочисленных народов Севера в области традиционного рыболовства в РФ, РС (Я)» диэн аахсыйаны көҕүлээтилэр. Мотуорканан балыксыттар үс учаастактарынан сылдьан олохторун-дьаһахтарын кытта билистибит, сайыҥҥы күннэри көрсө тэрээһин ыыттыбыт.
Бэс ыйын 8 күнүгэр социальнай үлэһиттэр күннэрин бэлиэтээн, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Ассоциацияларын эдэр ыччатын сэбиэтин уонна "Инди" этнокултуурунай киин актыыба "Ящик добра для детей рыбучастка КМНС" диэн аахсыйаҕа бородууктанан уонна дьиэҕэ-уокка наадалаах набордарынан көмө оҥордубут».
Хааччахтааһын миэрэтэ уһуллубут Саха сирин улуустарыгар көмө аахсыйалар бара тураллара биһигини үөрдэр, инникитин да үлэлэһэрбитигэр тирэх буолар.
Тааттаҕа умнуллубат түгэннэр
Биһиги Тааттаҕа тиийэ сылдьан СӨ култууратын туйгуна, Хадаайы сиригэр аһаҕас халлаан анныгар турар музей дириэктэрэ В.Д. Таппыровы кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Владимир Дмитриевич, музей туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– "Таатта" литературнай- художественнай музей заповеднига 2001 сыллаахха норуодунай суруйааччы Д.К. Сивцев- Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн бүтүн 39 га сири хабан, аһаҕас халлаан анныгар аһыллыбыта. Территория иһигэр уопсайа 18 эбийиэк баар. Ол иһигэр үс реалист суруйааччы – А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев олорон ааспыт дьиэлэрэ, тутта сылдьыбыт маллара бааллар. Маҥнайгы профессиональнай худуоһунньук И.В. Попов балаҕанын куоппуйата, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа А.И. Егорова оригинал балаҕана төрөөбүт Уолбатын нэһилиэгиттэн көһөрүллэн кэлбиттэрэ.
– Таатта, оччотооҕу Алексеевскай оройуон оскуолаларын 1985 сылга бүтэрбиттэр дойдуларыгар дьоһун тутуулары бэлэхтээтилэр. Ол идеята хайдах үөскээбитэй?
– Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ – Таатта уола Алексей Николаевич Васильев. Кини бу саас дойдутугар тахса сылдьан үөлээннээхтэрин кытта сүбэ мунньаҕы тэрийиэҕиттэн саҕаламмыта. Чуолаан музей территориятыгар саҥа сыананы тутар туһунан санаа ааптара – 1985 сыллаах выпускницата Анастасия Ильинична Мурунова. Бу этиини өйөөннөр, ол кэмтэн Таатта-85 выпуск ортотугар өйдөтүү, ыҥырыы үлэтин ыытаннар, Үтүө дьыала Кубога Тааттаҕа туттарсыытыгар сабыс-саҥа сыанаҕа бу умнуллубат түгэннэрин оҥорору ситистилэр.
– Тутуу туһунан сэгэтэн кэпсээтэххэ, хайдах этэй?
– Бэс ыйын саҕаланыыта выпускниктар күргүөмнээх үтүө дьыалаларын саҕалаабыттара. Үлэ туттар тэрилиттэн саҕалаан, ымпыгар-чымпыгар тиийэ былааннаан, баара-суоҕа биэс хонук иһигэр УРАҺА сыана музей территориятыгар дьэндэс гыммыта. Уолаттар уһаналларыгар кыргыттар ас астаан, кырааскалаан, бары биир киһилии күргүөмнээхтик, сатабыллаахтык тэринэн, бу улахан тутууну кыайдылар. Ону биһиги, музей үлэһиттэрэ, соһуйа, махтана көрдүбүт.
Түгэнинэн туһанан, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар бука бары 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит үтүө дьону иитэн улаатыннарбыт аймах дьоҥҥо, үөрэтэн таһаарбыт учуутал уһуйааччыларга музей кэлэктиибин аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит. Маннык үтүө санааҕытынан туппуккут тупсан, баҕарбыккыт барҕаран, санаабыккыт сатанан иһэригэр баҕарабыт. Бу Үтүө дьыала Кубога диэн дьоһун, бүтүн өрөспүүбүлүкэ хабааннаах хамсааһыны оҥорбут, 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэри 35 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэбитин ыытабыт.
"Таатта" литературнай- художественнай музей заповедник аана эһиэхэ бука барыгытыгар өрүү аһаҕас.