10.07.2020 | 11:08

“Куһаҕан үчүгэйдээх” эбэтэр “чэпчэтиилээх” БКЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл үөрэх дьыла хаһааҥҥытааҕар да уратытык түмүктэннэ. Бүтэһик чиэппэр дистанционнай буолан, оҕолор дьиэҕэ олорон үөрэннилэр, тиһэх чуораан онлайн чугдаарда. Консультациялар эмиэ оннук буоллулар. Ыксаллаах быһыы-майгы тирээн, БКЭ хайдах ыытыллара хойукка диэри биллибэккэ, оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр ыгылыйан ыллылар.

“Куһаҕан үчүгэйдээх” дииллэринии, БКЭ болдьоҕо сыҕарыйбыта эмиэ да үчүгэй, бэлэмнэнэргэ эбии бириэмэлэннибит диэн үөрэнээччилэр үөрэллэр. Аны туран, үөрэх министиэристибэтэ уустук балаһыанньаны өйдөөн, оҕолорго утары барда. Онон быйыл “чэпчэтиилээх” соҕус буолла. Ол эбэтэр үрдүк үөрэххэ эрэ туттарсааччылар БКЭ тургутуктарын ааһаллар.

Сыыппаралары ылан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 200 пуун үлэлиэҕэ. Холобур, Аллайыаха оҕолоро 1 эрэ пууҥҥа, ол эбэтэр Чокурдаах орто оскуолатыгар икки аудиторияҕа эксээмэни туттарыахтара. Амма улууһугар – 5 пуун, ол иһигэр – 22 кэбиниэт.

Үөһэ этэн ааспытым курдук, быйыл БКЭ-ни туттарааччы ахсаана аҕыйаата. Ол эбэтэр 7968 выпускниктан 5991 киһи биир кэлим эксээмэни туттарарга сөбүлэспит. Горнай улууһугар 150 оҕо оскуоланы бүтэрэриттэн 104-дэ эрэ туттарар. Оттон Аллайыахаҕа – 9.

Эксээмэннэр от ыйын 3 күнүттэн саҕаланнылар. География, литература, информатика, нуучча тылын предметтэригэр БКЭ түмүктэннэ. Киин куорат үөрэнээччилэрин ылан көрдөххө, литератураны 308, информатиканы 470, географияны 46 оҕо талбыт.

УРАТЫ УСУЛУОБУЙА

Быйыл эксээмэн ыытыллар пууннара хаһааҥҥытааҕар даҕаны эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ, Роспотребнадзор бары ирдэбилигэр эппиэттиир туһугар ох курдук оҥостубуттара. Ол курдук, оҕолор киирэн иһэн температураларын бэрэбиэркэлэтэллэр. Бэрчээккилээх, мааскалаах буолаллара – сүрүн ирдэбил. Хас биирдии пууҥҥа социальнай тэйиччи туттуу анал бэлиэлэрэ бааллар. Салгыны ыраастыыр, анал сириэстибэлээх дозатордар тураллар. Көрүдүөрдэргэ уулаах кулердар, биирдэ туттуллар ыстакааннар тураллар. Онон эксээмэн туттарааччыларга усулуобуйа барыта олохтонно.

ИККИ КҮННЭЭХ ЭКСЭЭМЭН

От ыйын 6-7 күннэригэр нуучча тылыгар БКЭ туттардылар. Саамай элбэх оҕо туттарар эксээмэнэ икки күн ыытылынна. Бастакы күн 4994, оттон иккис күн 713 киһи (уопсайа 5707) нуучча тылыгар билиитин тургутта.

Киин куорат орто оскуолаларыгар уопсайа 19 биир кэлим эксээмэн ыытыллар пууна үлэлээтэ. Уопсайа 1799 киһи эксээмэн сорудахтарын толордо. Нуучча тылыгар БКЭ түмүгэ от ыйын 20 күнүгэр диэри биллиэҕэ.

ЫСПЫРААПКА ЫКСАЛА СУОХ

Соторутааҕыта интэриниэт ситимигэр, бассаапка оскуоланы бүтэрээччилэр ыспыраапка ылаары, уочаракка туралларын туһунан сурах, хаартыска тарҕаммыта. Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, быйыл абитуриеннартан 086 формалаах ыспыраапка, ФЛГ түмүгэ ирдэммэт. Үөрэх дьыла саҕаланнаҕына туттарыахтарын сөп.  

ОҔОЛОР САНААЛАРА

Наташа Слепцова Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей 11 политехническай кылааһын бүтэрдэ:

Мин нуучча тылыгар БКЭ-ни туттардым. Математика (профильнай), обществознание хаалла. Экономика эбэтэр менеджмент өттүнэн барыахпын баҕарабын. Киин куорат үөрэхтэрин кыһаларыгар туттарсыам.

Нуучча тылыгар бэйэм кыахпынан этэҥҥэ туттардым дии саныыбын. Сүрүн болҕомтобун быраабылалары хатылааһыҥҥа уурбутум. Туохха ордук сыыһарбын, өйдөөбөтөх эбэтэр ыарырҕатар тиэмэлэрбин хос көрүммүтүм.

3 ч.30 мүн. холкутук тиийэр.  

Быраабыла элбэх, ону барытын билиэхтээххин. Үрдүк баалга суруйуоххун баҕарар буоллаххына үчүгэйдик бэлэмнэниэхтээххин.

Обществознание ордук ыарахан дии саныыбын. Элбэх матырыйаалы билиэххин, ааҕыаххын, хасыһыаххын наада. Ону барытын өйгөр хатыахтааххын.

Нуучча тылыгар уонна математикаҕа umschool.net, обществознаниеҕа “Шаг к сотке” диэн онлайн оскуолаларга дьарыктаммытым.

Дистанционнай үөрэхтээһин туһунан санаабын ыйытар буоллаххытына, оҕо син биир оскуолаҕа үөрэнэрэ, учуутал илэ бэйэтинэн быһаарара ордук. Арай биир үчүгэйдээх – ол сатаан аттарар буоллаххына, бириэмэҥ элбэх буолар. Бастаан ыарахан соҕус этэ. Эрдэ турарга, күннээҕи былааммын көрүнэргэ үөрэммитим. Төрдүс чиэппэргэ эксээмэннээх предметтэргэ ордук кыһаллыбытым, туох баар күүспүн, кыахпын ууран үөрэнним.

Оҕо ханнык хайысхаҕа барарын эрдэттэн быһаарынара, толкуйданара ордук. Син биир ханнык эрэ предмеккэ күүстээх, сэргиир-сэҥээрэр эйгэлээх буолар.

Бэйэҥ кыаххар, билиигэр эрэллээх буоллаххына, БКЭ-ни долгуйбакка, холкутук туттарыаххын сөп. Хас да сылы быһа үөрэппит билиигин тургутаҕын. Онон эйигиттэн тутулуктааҕы, төһө кыайаргынан оҥордуҥ дии саныахтааххын. Барыта этэҥҥэ ааһыа диэн бырагыраамаланыахтааххын.

Кыра эрдэхпиттэн оскуоланы туйгуннук бүтэриэм диэн сыал-сорук туруоруммутум. Учууталларым сорудахтарын барытын кэмигэр оҥорорум, тугу эппиттэрин толорорум. Эбии дьарыктанарым, хатылыырым.

Оскуоланы бүтэрэрбиттэн, үөрэххэ туттарсарбыттан, устудьуон буоларбыттан, биллэн турар, кыратык долгуйабын. Миигин саҥа уопсастыба, саҥа билсиһиилэр, атын эйгэ күүтэр.

Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэр өссө үрдүк эппиэтинэс буолар. Наташаҕа эксээмэннэрин этэҥҥэ туттарарыгар, баҕалаах үөрэҕэр киирэригэр, үлэһит үтүөтэ буоларыгар баҕарабын.

Павел Мокрощупов Дьокуускай куорат 12-с №-дээх оскуолатын 11 “Б” кылааһын бүтэрдэ:

– Информатикаҕа, нуучча тылыгар БКЭ-ни туттардым. Сарсын профильнай математикам эксээмэнэ хаалла. ХИФУ информатика, математика институтугар туттарсар санаалаахпын.

Кырдьык, бүтэһик чиэппэр уратытык түмүктэннэ. Дистанционнай үөрэхтээһини соччо сэҥээрбэтим.Биир кылааска үөрэнэр, учууталы илэ көрөн олорор ордук эбит. Оҕолор араас күчүмэҕэйдэри көрүстүбүт. Холобур, сорох оҕо микрофона суох буолуон, интэриниэтэ бытаан буолуон сөп.  

Информатикаҕа ордук күүскэ бэлэмнэммитим. Син үрдүк баалы ылыам диэн эрэнэбин. Бэйэм суоттуу сылдьыбыт садаачаларбынааҕар атын соҕус этэ. Ыарахан да буоллар, үчүгэйдик оҥоро сатаатым. 1-кы чааһыгар олус элбэх бириэмэни бараатым. Бүтэһик үс садаачаҕа өр олордум. Ол иһин 2-с чааска ыгым буолан хаалла. 3 чаас 55 мүнүүтэ олус түргэнник бүтэр эбит.

“Решу ЕГЭ” диэн сайтарга эбии дьарыктаммытым. Киһи бэйэтэ онлайн олорон билиитин хаҥатыан сөп эбит.  

Социальнай тэйиччи туттуу быраабылаларын барытын тутустубут. Бары мааскалаах, бэрчээккилээх кэлбиппит, уочаратынан киирбиппит. Бастаан элбэх оҕолоох оскуолалар үөрэнээччилэрин, онтон биһигини кэнники аһарбыттара. Хонтуруол кытаанаҕа. Илиигин антисептигынан ыстараллар, мааскаҕын уларыттараллар. Аудиторияҕа иккиэ эрэ этибит.

Эһиил туттарааччыларга эксээмэҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэниҥ, аҕыйах күн хаалбытын кэннэ түбүгүрэр туһата суох диэн этиэхпин баҕарабын.

Ыйыт – хоруйдуохпут

От ыйын 6-12 күннэригэр кытта онлайн көрсүһүүлэр буолуохтара.  Орто үөрэх кыһаларын үлэһиттэрэ үөрэххэ туттарсааччылар ыйытыыларыгар хоруйдуохтара.Онлайн-конференцияҕа кыттарга бу сыылканан киирэн https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScNU8QZlAK3XznEbCHzH_PD1Ci-Kht0MYKdWmF8DnSw962FSQ/viewform сайаапка толороҕут. Онтон тэрийээччилэр ыҥырыы сурук ыытыахтара. Табылыыссаҕа ханнык үөрэх кыһалара кытталлара, күннэрэ, билсэр төлөпүөннэргит сурулла сылдьар.        

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....