«Кросс нации-2023»: ким тулуурдаах — ол кыайыылаах!
2004 сылтан саҕаламмыт “Кросс нации” Арассыыйаҕа спорт саамай улахан тэрээһининэн буолар. Сүрүн сыала — чөл олоҕу пропагандалааһын уонна Арассыыйа олохтоохторун спордунан дьарыктаныыга угуйуу.
Күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар Олохтоох дьаһалта Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов, СӨ физическэй култуураҕа уонна маассабай спорка управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Альберт Трофимов кыттыыны ыллылар.
Георгий Гаврильев, Дьокуускай куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы:
– Спордунан уонна физкултууранан дьарыктанар куорат олохтоохторо, ордук оҕолор уонна эдэр дьон, элбээтэр элбээн иһэллэрин биһиги үөрэ көрөбүт. Эһиги спордунан, физкултууранан салгыы дьарыктаныаххыт диэн эрэнэбин. Бүгүн доруобай киһи – ситиһиилээх киһи. Уонна ааспыт ковид пандемиятын кэмигэр доруобуйа сүдү суолтатын бары бэркэ өйдүүбүт. Онон көхтөөх буолуҥ, спордунан дьарыктаныҥ!
Гаврил Мохначевскай, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы:
– Саамай үчүгэйэ диэн “Кросс нации” спортсменнар эрэ буолбакка, баҕалаахтар бары кыттыахтарын сөп. Кэлэр ыйга, алтынньы 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкултуурунай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылын бэлиэтиэхпит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкултуурунай хамсааһын сайдыытыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка судаарыстыбаннай политиканы олоххо киллэриигэ, “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физкултуурунай хамсааһын 100 сыла” үбүлүөйдээх бэлиэнэн, ону тэҥэ “СӨ физическэй култуура уонна спорт бэтэрээнэ” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаланнылар: Дворко Олег Иванович — ССРС, РСФСР, САССР гиирэ спордун маастара; Кузьминых Валерий Васильевич — ССРС ыарахан атлетикаҕа бочуоттаах спорт маастара, ССРС, САССР гиирэ спордун маастара; Никифоров Сергей Гаврильевич — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тутааччыта, пауэрлифтиҥҥа аан дойду түөрт төгүллээх чемпиона, Европа икки төгүллээх чемпиона, Арассыыйа түөрт төгүллээх чемпиона, Арассыыйаҕа бэтэрээннэр ортолоругар рекордсмен.
Кыттааччылары саастарынан көрөн бөлөхтөргө араардылар:
- кыргыттар уонна уолаттар (2011 с. т. уонна онтон кыралар);
- кыргыттар уонна уолаттар (2009-2010 с.т.), кыргыттар уонна уолаттар (2006-2008 с.т.), дьахталлар уонна эр дьон (2005 с.т. уонна онтон аҕа саастаахтар).
- салайааччылар уонна спортсменнар ортолоругар туспа сүүрүүлэри ыыттылар.
Тыалы, силлиэни аахсыбакка!
Сүүрүүнү чэпчэки атлетикаҕа разрядтаах спортсменнар арыйдылар. Кинилэр кэннилэриттэн тэрилтэ салайааччылара, устудьуоннар, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон, оскуола оҕолоро, куорат олохтоохторо сүүрдүлэр.
Сүүрүү “Юность” стадионтан саҕаланан, Сайсары эбэ муостатын туораан, АГАТУ сүрүн куорпуһун иннигэр түмүктэннэ. Онон кросс дистанциятын уһуна — 2 км.
Күүстээх, тымныы тыал түһэн, 2010 сыллаах төрүөх оскуола үөрэнээччилэрэ, хомойуох иһин, кыайан кыттыбатылар. Ол да буоллар, атын кыттааччылар силлиэҕэ-буурҕаҕа болҕомтолорун уурбакка, биэтэккэ кыһалҕата суох тиийдилэр. Онон спорт тулууру, дьулууру эрэйэрин бу тэрээһин өссө биирдэ туоһулаата.
Сүүрүү кыттыылаахтарын санааларын көтөҕөөрү, тренердэр уонна кросс тэрийээччилэрэ хаһыытыыллар, ытыстарын таһыналлар. Оттон биэтэккэ кэлбит сүүрүктэр, ыараханнык тыына-тыына, атын кыттааччыларга мэһэйдээмээри, суолтан туоруу сатыыллар. Хата, биэтэктэн ырааппакка, 1-кы, 2-с уонна 3-с миэстэҕэ тиксибит кыттааччылары тута мэтээллэринэн уонна грамоталарынан наҕараадалаан истилэр.
Ыччат чөл олоҕу талар!
Анна Бетюнская, ХИФУ устудьуона, устудьуоннарга 1 миэстэни ылла:
– Бастаан мээнэ дьарык курдук сүүрээри гыммытым. Ол эрээри иннибэр кыргыттар аҕыйах этилэр, ол иһин харса суох түһүммүтүм. Бэйэм хотугу многоборьенан дьарыктанабын, ааспыт сылга “Кросс нации” кыттыбатаҕым. Быйыл үөрэх сыла саҕаламмытыгар бэйэбин холонон көрөөрү кытынным. Сотору хотугу многоборьеҕа элбэх күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара, онно бэлэмнэнэ таарыйа диэн санаа эмиэ баар. Күн-дьыл туруга мэһэйдээбэтэ, сүүрэргэ наһаа ыарахана суох, бэл диэтэр, чэпчэки соҕус.
Ирина Сивцева, АГАТУ 1 кууруһун устудьуона:
– “Кросс нации” сүүрүүгэ бастакытын кытынным. Группам куратора: “Ким кыттарый?” – диэн ыйыппытыгар, тута тылламмытым, баҕа өттүнэн кэллим. Саҕаланыытыгар сүүрэргэ ыарахан этэ, онтон финишкэ чугаһаан баран күүскэ «гаастаабытым». Бүгүн тыала бэрт буолан, Сайсары күөл аттыгар сүүрэргэ олус ыарахан этэ. Ол эрээри астынным аҕай, эһиил эмиэ кыттыам.
Альберт Егоров, 5 №-дээх Оҕо спортоскуолатын иитиллээччитэ, оскуолаҕа үөрэнэр уолаттарга 1 миэстэни ылла:
– Чэпчэкитик сүүрэн кэлиэм дии санаабытым да, ыарахан соҕус буолла. Тыала олус күүстээх. "Кросс нации" бастакыбын кытынным уонна бастакы миэстэни ылбыппыттан олус үөрдүм. Уопсайынан, доҕорбун кытта сүүрүөхпүт диэн эрдэттэн болдьоспуппут даҕаны, кини хортуоппуй хостуу баран, сатаан кыттыбата. Онон доҕорум туһугар бастакы миэстэ буоллум уонна кубогы ыллым!
Елена Захарова, Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ: – Бу тэрээһин чөл олоҕу көҕүлүүргэ, чуолаан оскуола үөрэнээччилэригэр, олус үчүгэй саҕалааһын дии саныыбын. Манна куорат бары оскуолаларыттан кытта кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх, элбэх билсэр оҕобун көрүстүм. Тыал утары үрэн, сүүрэргэ олус уустук этэ, онон умса түһэ-түһэ сүүрдүбүт. Ол гынан баран, бүгүн сөрүүн күн-дьыл турбута үчүгэй. Дьүөгэлэрбин кытта бииргэ сүүрэн саҕалаабыппыт, 20 иһигэр киирдибит диэн эрэнэбит. Бастакы миэстэлэри атлеттар ыллылар, онон кинилэри эҕэрдэлиибин!
“Кросс нации” – араас саастаах, араас дьарыктаах дьону түмэр спорт бырааһынньыга. Кытта илик буоллаххытына, эһиил хайаан да кыттан, бэйэҕитин холонуҥ.