19.09.2022 | 12:00

«Кросс нации-2022»: Дьокуускайга 8 тыһыынча кэриҥэ киһи сүүрдэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко, структурнай салаалар салайааччылара, Олохтоох дьаһалта биэдэмистибэлэрэ өрөбүлгэ «Кросс нации-2022» Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүүгэ кытыннылар диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Кросс нации-2022»: Дьокуускайга 8 тыһыынча кэриҥэ киһи сүүрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирэ Леонид Спиридонов, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора, норуодунай дьокутаат Анатолий Николаев кытыннылар. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата – өрөспүүбүлүкэтээҕи категориялаах судьуйа Альберт Трофимов.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев тэрээһин аһыллыытыгар сүүрүүгэ кыттар идэтийбит спортсмен, сүүрүүнү сэҥээрээччилэр, чөл олоҕу тутуһааччылар ахсааннара сылын аайы эбиллэн иһэр, быйылгы кросска 8 тыһыынча кэриҥэ киһи сүүрэр диэн бэлиэтээтэ.

«Саха АССР тэриллибитэ 100 уонна Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылларынан бу сайын бастакы марафоммутун ыыппыппыт. Марафону сылын аайы тэрийэ сатыахпыт», - диэтэ Евгений Григорьев.

Куорат баһылыга физкультура уонна спорт сайдыытыгар улахан кылааттарын иһин «Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сылынан» үбүлүөйдээх бэлиэлэри 1 №-дээх Оҕо спортивнай оскуолатын чэпчэки атлетикаҕа тренер-преподавателигэр Василий Алексеевка, «Стройподрядник» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Виктор Салтыковка, СӨ физкультураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ Галина Сырмолотоваҕа туттарда.

СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирэ Леонид Спиридонов бэлиэтээбитинэн, сүүрүү өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр ыытылынна.

«Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр физкультура уонна спорт сөбүлүүр дьарыктарбытынан хаалаллар. Ону бүгүҥҥү Дьокуускай куоракка ыытыллар «Кросс нации» бигэргэтэр», - диэтэ миниистир.

Кини «Саха АССР тэриллибитэ 100  сыла» үбүлүөйдээх бэлиэни СӨ үтүөлээх тренеригэр Василий Кононовка туттарда.

«Кросс нации – 2022» сүүрүүнү чэпчэки атлетика күүстээх спортсменнэрэ арыйдылар. Кинилэр кэннилэриттэн оскуола оҕолоро, тэрилтэ салайааччылара, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон, куорат олохтоохторо сүүрдүлэр.

Сүүрүү Сэргэлээхтиир суолтан саҕаланан баран «Юность» стадиоҥҥа түмүктэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...