19.03.2020 | 09:04

Коронавирустан самнар сатаммат!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт короналаах вирус туһунан күҥҥэ хаста да тахсар сонуннары кэтии сылдьан куттанар, дьаарханар буоллубут. Ыалдьыбыт киһи ахсаана элбээн иһэр, өлөр дьон ахсаана эмиэ аҕыйаабат...

Социальнай ситимнэринэн, интэриниэтинэн барытынан омуннуруу, үлүннэрии аҥаардаах сонуннар тарҕаналлара, эчи, түргэнин. Киһи эрэ куттаныах, ыгылыйыах курдук. Ол курдук, өрөбүлгэ бассаапка “Мииринэйгэ биир коронавирустаах киһи булуллубут” диэн сонун кэннэ сорох дьон дьиэлэригэр баар астарын саппааһын халыҥаттан барбыттара – уоптабай базаларга бу өрөбүллэргэ лыык курдук киһи, аптекаларга мааска уонна дезинфекция эмтэрин ылаары ойоҕос тостор уочарата. Бөртөлүөтүнэн дезинфекция эмин ыстырыахтара диэнтэн саҕалаан, комендантскай чаас биллэриллибитин туһунан сымыйа сурахтар тарҕана оҕустулар. Онтон аны мааска атыыга олоччу бүтэн хаалла!

Бассаап оргуйан олорор. Араас интернет блогердар саарбах соҕус сүбэлэрин ыһа-тоҕо тарҕаттылар. Сорохтор дьону куттуур соруктаах үлэлиир курдуктар.

Саха сиригэр билиҥҥитэ 6 киһиэхэ коронавирус булулунна. 1 - ЯТЭК топ-менеджерэ Андрей Коробовка, өссө 5 киһи - бары ЯТЭК топ-менеджерэ Коробовы кытта ыкса алтыспыт дьон. Коробов Москва нөҥүө Швейцарияттан көтөн кэлбит эбит. Оттон Арассыыйа киин куораттарыттан көтөн кэлэр дьону бу нэдиэлэ саҥатыгар дылы ким да бэрэбиэркэлээбэт этэ...

COVID-19 туһунан кырдьыктаах информацияны бу эрэ сигэлэринэн билиэххэ сөп:

1. Аан дойдуга – https://www.who.int/ru Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин официальнай сайта;

2. Арассыыйаҕа – Роспотребнадзор официальнай сайтыгар https://www.rospotrebnadzor.ru, Стопкоронавирус.рф;

3. Регионнарга – олохтоох былаастар официальнай сайтарыгар;

4. Коронавирус тарҕаныытын картата – https://yandex.ru/web-maps/covid19

Үгүс дойдулар кыраныыссаларын саптылар, киириини-тахсыыны бобон кэбистилэр. 14 күннээх карантинынан саҥа кэлээччилэри, ыалдьыбытдьонтон сыстыбыт буолуон сөптөөх дьону, уопсастыбаттан арааран бэрэбиэркэлииллэр. Арассыыйаҕа эмиэ сэрэхтээх буолуу араас миэрэлэрэ туттуллар буоллулар. Ол эрэн хайдах уонна тугунан эмтэнэр ыарыы буоларын чуолкайын ким да быһаара илик.

Арассыыйаҕа Коронавируһунан сутуллубут дьон ахсаана Арассыыйаҕа 100-чэкэ буолан эрэр.

Үөрэх тохтоото

Бэнидиэнньиктэн Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан элбэх киһи мустуулаах тэрээһиннэр тохтообуттара, оптуорунньуктан Саха сирин оскуолалара бары карантиҥҥа сабылыннылар. Учууталлары үөрэнээччилэри кытта ыраахтан олорон үлэлээҥ диэтилэр. Оттон оҕо уһуйааннара үлэлээбиттэрин курдук үлэлии тураллар эрээри, бэйэ баҕатынан карантиҥҥа барыы олус элбээтэ, бөлөхтөргө 5-6 оҕо хаалбыт түгэннэрэ баар.

Бары улахан, элбэх киһилээх тэрээһиннэр тохтоотулар. Бу күннэргэ ыччат сөбүлүүр артыыһа Тима Белорусских Дьокуускайга буолуохтаах кэнсиэрэ бэс ыйыгар көстө. Сураҕа, артыыс Дьокуускайга хонон баран төннөөхтөөбүт үһү.

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара биир бастакынан “ыраахтан үөрэнии” ньыматыгар көспүттэрэ. Маннык дистанционнай ньыманы туох баар үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар киллэрдилэр. Интернаттаах оскуолалар, уопсайдаах үөрэхтэр оҕолорун дьиэлэригэр тарҕатар аакка олороллор.

Мааска атыыга суоҕун курдук суох

Анаалыстары 2 олохтоох вирусологическай лаборатория оҥорор буолбут. Медицинэ тэрилтэлэрэ бары бэлэмнэр диэн былаастар ньиргиччи отчуоттаатылар. Дьокуускайдааҕы клиническай балыыһа пульмонология салаата кэҥэтилиннэ – хас да отделениены атын дьиэҕэ көһөртөөтүлэр. Бу вирус тыҥаны көрбүтүнэн киирэрин иһин.

Билиҥҥитэ Дьокуускайга биир да аптекаҕа мааска атыыга суох. Бу иннинэ ыарахан сыанаҕа атыылыылларын сүөргүлүү көрөн суруйбут буоллахпытына, билигин оннуттан эстибит. Саха сиригэр медицинскэй маасканы оҥорууну Предпринимательство уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэлэрэ тобулуохтаахтар диэн буолла. Ону таһынан, тастан маасканы атыылаһар туһунан кэпсэтиилэр бараллар диэтилэр.

Хас да ИП х/б таҥастан мааска тигэн эрэр, сыаната ортотунан 80-100 солк. Манна биири өйдүөххэ наада - бу маасканы, син биирдэ эрэ туттуллар медицинскэй маасканы курдук, эмиэ 2-3 чаас эрэ кэтиллиэхтээх, онон күҥҥэ 5-тэн кырата суох мааска наада. Сыанатын суоттаан таһаарыҥ...

Бэйэбит мааска оҥостуохха

Маасканы киһи бэйэтэ оҥоруон сөп эбит. Маарыланы эбэтэр биинтэни 6-8 хос тутан, быалаан-туһахтаан баран кэтэбит. 2 чааһынан устан быраҕыахха сөп эбэтэр хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйан, өтүүктээн баран иккиһин туттуллар. Маннык ньыманы олохтоох инфекционка быраастара видео оҥорон тарҕаттылар.

Маарыла оннугар ханнык баҕарар х/б таҥас барсар. Маасканы баатанан халыҥатыахха сөп. Эбэтэр күрүчүөгүнэн мааска баанан баран иһигэр баатаҕа эриллибит маарыланы угуохха сөп.

Саха сатаабатаҕа суох. Кыһалҕа тугу оҥорторботоҕо баарай. Мааскаҕа тиксибэтэх буоллаххытына, бэйэҕит оҥостуҥ!

Арааһа, бэйэбитигэр ыарыы маннык түргэнник кэлээри суоһурҕаныаҕын билбиппит буоллар, Кытайга мааска ыытыа суох эбиппит буолуо. Үөһээ Бүлүү бырааттыы сыһыаннаах Кытай Хэйлунцзян провинциятыгар баар Тунцзян куоракка 10 тыһыынча мааска ыытан турар...

Коронавирус сибикитэ хайдаҕый?

- Температура тахсар;

- Элбэхтик ытырдаҕыт;

- Сөтөл киирэр;

- Тыынаргыт ыарыыр.

Маннык сибикилэр үксүн көннөрү ОРВИ буолалларын өйдүөххэ наада.

Коронавирус – ОРВИ бииһин ууһа. Ол иһин ханнык баҕарар ОРВИ кэнниттэн буоларын курдук, содула: пневмония, бронхит, синусит о.д.а.

Хайдах сыстарый?

- Салгынынан (вирус ыарыһах ытыртаҕына, сөтөлүннэҕинэ тахсар, кэпсэтиигэ о.д.а.);

- Бытовой суолунан (илии тутуһууттан, мал-сал нөҥүө);

Сыстыбыт буоллаххытына, ыарыы бастакы сибикилэрэ 14 хонугунан биллэллэр.

Хайдах сэрэтэбит?

- Тус гигиена быраабылаларын тутуһабыт, элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыбаппыт;

- Илиигит наар ыраас буолуохтаах. Мыылалаан суунуҥ, дезинфекция ньымаларын туттуҥ;

- Илиигитинэн айаххытын, хараххытын, муннугутун тыытымаҥ (үксүгэр киһи бэйэтэ да билбэтинэн 1 чааска 15-тэ сирэйин-хараҕын илиитинэн тыытар эбит);

- Үлэҕитигэр остуолгутун сото сылдьыҥ. Компьютер клавиатуратын, суотабай төлөпүөнү ыраастыы, сууйа-сото сылдыҥ. Аан тутаахтарын, телевизор пультун о.д.а. сото сылдьыҥ;

- Биирдэ туттуллар салфеткалары илдьэ сылдьыҥ. Ытырдаргытыгар, сөтөллөргүтүгэр салфетканан бүөлэниҥ;

- Уопсай иһиттэн аһаамаҥ;

- Оҕолоргутугар микроб хайдах тарҕанарын быһааран биэриҥ. Коронавирус туһунан кэпсээҥ;

- Ыарыйдаххытына, бырааһы дьиэҕитигэр ыҥырыҥ.

Мааска чахчы көмөлөһөр дуо?

Вируснай инфекцияны хабартан көмүскүүр. 2-3 чаас буола-буола уларытан иһиллиэхтээх. Маасканы устаат, тута илиигитин суунан иһиҥ.

Билиҥҥитэ коронавирустан вакцина аан дойду үрдүнэн суох!

Киһи бэйэтин баҕатынан коронавируска анаалыс туттарбат!

Ыарыы киэҥник тарҕаммыт сирдэриттэн кэлбит, ыалдьыбыт дьону кытта чугастык бодоруспут дьон чинчийиини ааһаллар. Анаалыһы быраас эрэ ылар. Чааһынай клиникалар бу анаалыһы оҥорботтор.

Билигин ханнык дойдуларга ыарыы тарҕаммытын туһунан кырдьыктаах информацияны Роспотребнадор https://www.rospotrebnadzor.ru сайтыгар эрэ көрөҕүт.

Кыраныысса таһыттан кэлээччилэр Саха өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суһал линиятыгар эрийэҕит: 8-800-100-14-03

Балыыһаҕа барар наадата суох

Бүлүтүөн оҥорторорго эмиэ бу суһал линияҕа эбэтэр бэйэҕит поликлиникаҕытыгар эрийэн ыалдьыбыккытын, бэйэҕит карантиҥҥа барбыккытын иһитиннэриэхтээххит. Хаһан эрийэн тиийбиккититтэн ыла больничнай лист арыллар.

Саха өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин суһал линията: 8-800-100-14-03

Кыраныысса таһыттан кэлбит, ол эрэн ыарыы сибикитин билбэтэх дьон эмиэ суһал линияҕа эрийэн иһитиннэрэҕит уонна 14 хонук устата олорор дьиэҕититтэн быкпаккыт. Оҕолор ыспараапкаларын, бүлүтүөнү учаскуобай бырааскыт оҥорон аҕалан биэриэхтээх.

Кытайтан, Ирантан, Соҕуруу Кореяттан, Германияттан, Испанияттан, Францияттан кэлбит дьон 14 күн карантиҥҥа олороллор. Карантин ааспытынэрэ кэннэ чугас дьоҥҥутун, дьиэ кэргэҥҥитин кытта көрсөр ордук. Гигиенаны тутуһуу, мааска кэтэ сылдьыы, туспа иһит-хомуос, мал-сал туттуу эмиэ улахан суолталаах.

***

Коронавирус сэрэйиллэр киһитэ карантиҥҥа медицинэ тэрилтэтигэр сытара босхо. Эмтэнии эмиэ босхо.

Диагноз туруорарга ыалдьыбатах киһини иккитэ бэрэбиэркэлииллэр. Оттон ыарыы сибикитэ баар киһини коронавируска үстэн кырата суохтук анаалыстыыллар. Бэйэҕит эмтэммэккит.

Ыарыһаҕы балыыһаҕа киллэрэр туһунан быһаарыыны быраас эрэ ылынар.

Билигин ыарыы турбут сириттэн ыалдьан кэлбит дьону Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа уонна Оҕо инфекционнай балыыһатыгар киллэриэхтээхтэр. Улуустарга – улуустааҕы инфекционнай балыыһаларга. “Инфекционкалара» суох улуустар, ыксал буоллаҕына, атын отделениелары ыарыһахтары угарга бэлэмниэхтээхтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...