Коронавирустан дьиэҕэ олорон эмтэнии быраабылата уларыйда
COVID-19 инфекциятынан ыалдьыбыттара аналиһынан бигэргэммит дьон, туспа хостоох буоллахтарына дьиэлэригэр эмтэниэхтэрин сөп. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Быһаарыы Арассыыйа доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин, сэтинньи 8 күнүттэн күүһүгэр киирэр бирикээһинэн бигэргэннэ. Докумуон билигин амбулаторнай ыарыһахтары эмтээһиҥҥэ туһаныллар регламеҥҥа көннөрүүлэри киллэрэр. Инники коронавирустаабыт, ол эрээри туруктара суһаллык балыыһаҕа киллэриини ирдээбэт дьон дьиэлэриттэн эмтэнэллэрэ, онуоха олорор усулуобуйалара аахсыллыбат этэ.
Мантан ылата уопсайга уонна коммунальнай кыбартыыраҕа олорор, ону тэҥэ саастаах уонна хроническай ыарыылаах дьону кытта бииргэ олорор ыарыһахтар балыыһаҕа киллэриллэр буолуохтара.
Бирикээскэ быраастар дьиэлэриттэн эмтэнэр ыарыһахтары, туруктара мөлтүүр түгэнигэр медицинскэй көмөнү ыҥырыахтаахтарын туһунан, булгуччу сэрэтиэхтээхтэрэ этилиннэ. Коронавирустаабыт ыарыһах дьиэтигэр соҕотох олорбот буоллаҕына, быраас дьиэ иһигэр олорор атын дьоҥҥо ыарыы тарҕанар кутталын уонна атын хоско олоруу ирдэнэрин туһунан кэпсиэхтээх. Ону тэҥэ ыарыһаҕы көрүү-харайыы уонна инфекцияттан көмүскэнии туһунан иһитиннэриилээх брошюра түҥэтиэхтээх.
Онуоха медицинскэй үлэһит олохтоохтору санитарнай-эпидемиологическай быраабылалары кэһии иһин холуобунай эппиэтинэс баарын туһунан сэрэтэрэ булгуччулаах.