Коронавирустан быһыыны хаһан ылыахпытый?
Арассыыйа аан дойдуга бастакынан коронавирус вакцинатын айбытын туһунан биллэрдэ.
INTERFAX.RU суруйарынан, Арассыыйа олохтоохторун коронавирус дьаҥыттан маассабай вакцинациялааһын аны кыһын ахсынньы-тохсунньу ыйдарга саҕаланыан сөп.
Н.Ф. Гамалеи аатынан Эпидемиология уонна микробиология Национальнай чинчийэр киинин дириэктэрэ, академик Александр Гинцбург киин бэчээккэ таһаарарынан, атырдьах ыйыттан дьаҥҥа сыстар кутталлаах араҥаҕа быһыыны туруоруу саҕаланна. Билиҥҥитэ вакцина аҕыйах баартыйанан оҥоһуллан тахсыбыт. Гинцбург этэринэн, оҥоһуллубут вакцина регистрацияны ааһар буолан, маассабайдык туруоруу кыһыҥҥыга көстө. Бу иннинэ академик вакцина айылынна да, уонча хонугунан дьоҥҥо туруоран барыахпыт диэбитэ.
Путин кыыһа вакциналаммыт
Атырдьах ыйын 11 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин төрөппүт кыыһа вакцинаны ылбытын туһунан иһитиннэрдэ: “Мин билэрбинэн, бу вакцина киһиэхэ бэйэтигэр баар аденовирустарга тирэҕирэн оҥоһулунна. Ол аата бигэ туруктаах антителалары уонна килиэккэ иммунитетын үөскэтэр. Мин төрөппүт кыргыттарбыттан биирдэстэрэ вакцинаны ылла, онон эксперимеҥҥэ кытынна”, – диэн В.В. Путин Бырабыыталыстыба мунньаҕар эппит тылын аан дойду көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларынан барыларынан тарҕаттылар.
Путин кыыһа вакцина ылбыт күнүгэр температурата 38 буолбут, иккис күнүгэр 37-тэн кыратык тахсыбыт. Иккис укуол кэннэ эмиэ кыратык температурата тахсыбыт, онтон ааспыт. Анаалыска антителалара элбээбиттэрэ көстүбүт.
Аан дойдуга бастакы вакцина
РФ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ саҥа вакцинаны тургутан көрүү ситиһиилээхтик барбытын туһунан биллэрэр. «Спутник V» диэн сүрэхтэммит вакцинаны Н.Ф. Гамалеи аатынан Эпидемиология уонна микробиология Национальнай чинчийэр киинэ, Арассыыйа инвестиционнай пуондата уонна “Биннофарм” хампаанньа оҥорон таһаарбыттар. Вакцинаҕа номнуо миллиард дозаҕа сайаапка киирбит. Арассыыйа 5 атын дойдуга вакцинаны оҥорон таһаарар кэпсэтиилэри ыытта, ол аата сылга 500 мөл. доза оҥоһуллуон сөп.
Бастаан медицина үлэһиттэриттэн саҕалаан баран, сыл устата Арассыыйа олохтооҕо барыта вакцинациялааһыҥҥа хабыллыахтаах.
Быйыл кирииптэн оҥоһуллар вакцинация үгэс быһыытынан күһүн ыытыллыа дуо диэн дьон долгуйар.
Атырдьах ыйын 13 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев брифинигэр иһитиннэрбитинэн, алтынньы 1 күнүгэр диэри оскуола үөрэнээччилэригэр кирииптэн утары вакцинацияны оҥорон бүтэриэхтээхтэр.
Эндокринология диспансера быһа линияны үлэлэтэр
Бу сааскыттан, коронавирус дьаҥа тарҕанан бэйэ изоляциятын эрэсиимэ биллэриллиэҕиттэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи эндокринология диспансера эндокриннай ыарыылаах дьоҥҥо быһа линияны үлэлэтэр.
Төлөпүөнүнэн 89148200123 уонна 89148200194 нүөмэрдэринэн эрийэн, маны тэҥэ бассаабынан суруйан ыйыталаһыаххытын сөп.
Бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ диэри сарсыарда 9 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри эндокринолог быраас ыйытыыларга хоруйдуур.
Атласовтар лабыктаттан антисептик айдылар
Атырдьах ыйын саҥатыгар «Атласовтар уһаайбалара» этнокомплекс хаһаайыттара дьаҥтан харыстанар сонун ньыманы айбыттарын туһунан социальнай ситимнэргэ биллэрдилэр.
Николай Атласов лабыктаҕа тирэҕирэн дьаҥтан харыстанар сириэстибэни оҥорон таһаарбыттарын туһунан иһитиннэрдэ. Кини Москва уонна Дьокуускай куорат чинчийэр кииннэригэр лабыктаттан экстракт оҥорторон анаалыска ыыппыт. Ону тэҥэ зверобой отун уонна таба муоһун эмтээх эттигин чинчийтэрбит. Онтон бу эттиктэри ханыылыы тутан, наукаҕа тирэҕирэр докумуонун барытын оҥорторон, «ПРИРОДОДАР» диэн ааттаах саҥа табаардарын оҥорон атыыга таһаардылар.
Антисептик буоларын быһыытынан, киһи илдьэ сылдьарыгар табыгастаах гына оҥоһуллубут «нано-спрей» диэн тэриллээх. Спрей антисептигы быыл курдук бып-бытархай микрочастицаларга арааран, киһи тириитигэр түргэнник уонна дириҥник киллэрэр. Кэлиҥҥи сылларга косметологияҕа туһаныллар буолбут таба муоһун эттигэ баар буолан, киһи тириитэ биллэ тупсар. Баастаах, мыччыстаҕас тириилээх дьоҥҥо эмиэ туһалыыр.
Сэрэниҥ, дьаҥ син биир баар!
Коронавирус сонуннарыттан хал буоллубут, дьиэҕэ олорортон сылайдыбыт, ол эрэн дьаҥ симэлийэ илик, күннэтэ ыалдьан балыыһаҕа киирэр дьон ахсаана халбаҥнаабат, биир таһымҥа турар да диэххэ сөп. Ыарыы улуустарынан киэҥник тарҕанан эрэр. Оттон Дьокуускайга дьон харыстанар ньымалартан хал буолбуттара, сэрэхтэрин сүтэрбиттэрэ харахха быраҕыллар.
Коронавирус сибикитэ хайдаҕый?
- Температура тахсар;
- Элбэхтик ытырдаҕыт;
- Сөтөл киирэр;
- Тыынаргыт ыарыыр.
Коронавирус – ОРВИ бииһин ууһа. Ол иһин ханнык баҕарар ОРВИ кэнниттэн буоларын курдук, содула: пневмония, бронхит, синусит, о.д.а.
Хайдах сыстарый?
- Салгынынан (вирус ыарыһах ытыртаҕына, сөтөлүннэҕинэ тахсар, кэпсэтиигэ, о.д.а.);
- Бытовой суолунан (илии тутуһууттан, мал-сал нөҥүө);
Сыстыбыт буоллаххытына, ыарыы бастакы сибикилэрэ 14 хонугунан биллэллэр.
Хайдах сэрэтэбит?
- Тус гигиена быраабылаларын тутуһабыт, элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыбаппыт;
- Илиигит наар ыраас буолуохтаах. Мыылалаан суунуҥ, дезинфекция ньымаларын туттуҥ;
- Илиигитинэн айаххытын, хараххытын, муннугутун тыытымаҥ (үксүгэр киһи бэйэтэ да билбэтинэн 1 чааска 15-тэ сирэйин-хараҕын илиитинэн тыытар эбит);
- Үлэҕитигэр остуолгутун сото сылдьыҥ. Компьютер клавиатуратын, суотабай төлөпүөнү ыраастыы, сууйа-сото сылдьыҥ. Аан тутаахтарын, тэлэбиисэр пультун, о.д.а. дезинфекциялааҥ;
- Биирдэ туттуллар салфеткалары илдьэ сылдьыҥ. Ытырдаргытыгар, сөтөллөргүтүгэр салфетканан бүөлэниҥ;
- Уопсай иһиттэн аһаамаҥ;
- Оҕолоргутугар микроб хайдах тарҕанарын быһааран биэриҥ. Коронавирус туһунан кэпсээҥ;
- Ыарыйдаххытына бырааһы дьиэҕитигэр ыҥырыҥ.