Коронавирустан быһыы ылбыттарга бириис оонньонно
Дьокуускайдааҕы 3 №-дээх балыыһаҕа коронавирустан быһыы толору кууруһун ааспыт дьон ортотугар бириис оонньотуутун түмүгэ билиннэ. Ол туһунан балыыһа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Урут кэпсээбиппит курдук, быһыы толору кууруһун ааспыт дьоҥҥо бирииһинэн медицинскэй чинчийиилэргэ сертификат буолбута. Ыам ыйын 18 күнүттэн бэс ыйын 23 күнүгэр диэри толору кууруһу ааспыт дьоҥҥо балыыһа инстаграмҥа официальнай сирэйигэр быһа эфиргэ оонньотуу ыытан кыайыылаахтар билиннилэр.
3 №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа этэринэн, кинилэргэ 5 тыһыынчаттан тахса киһи быһыыны ылбыт.
«Итиччэ элбэх бэйэлэрин уонна чугас дьоннорун доруобуйаларын харыстыыр дьон баарыттан үөрэбин. Пациеннарбытын үөрдээри үрдүк таһымнаах технологиялаах тэриллэргэ диагностическай чинчийиилэр сертификаттарын оонньоттубут. Сүүйбүт киһи сертификаты чугас, аймах дьонугар биэриэн сөп. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэ 30% улахан дьоно быһыыны ылла. Балаҕан ыйыгар диэри вакцинацияны ааспыт киһи 70% тиийэн уопсастыба иммунитеттанар ини диэн эрэнэбин», - диир Светлана Давыдова.
Уопсайа 48 бириис оонньоммут - МРТ, ис уорган УЗИ-та, иммуноглобулины бэрэбиэркэлээһин, маммография уо.д.а. Саамай табыгастааҕа – кыайыылаах чинчийиигэ хаһан, ханнык бириэмэҕэ кэлэр кыахтааҕын этэн туран суруйтарар эбит.