17.11.2020 | 10:40 | Просмотров: 627

Коронавирустаабыт дьону кытта алтыспыт дьоҥҥо саҥа быраабыла олохтонно

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирустаабыт дьону кытта алтыспыт дьон тест туттарыа суохтарын сөп, ол эрээри икки нэдиэлэ изоляцияны тутуһаллара булгуччулаах. Бу туһунан Роспотребнадзор дьаһала таҕыста.

Быраабыла ыалдьыбыт сибикитэ суох дьоҥҥо сыһыаннаах. Билигин ыарыһахтары биирдэ бэрэбиэркэлээн баран, тест «коронавирус суох» диэн көрдөрдөҕүнэ, балыыһаттан таһаарыахтарын сөп. Урукку өттүгэр иккитэ анаалыс ылаллара. Оттон анаалыс үтүөрэ илигин көрдөрдөҕүнэ, үс күнүнэн хос бэрэбиэркэлиир буолуохтара.

Ону кытта Роспотребнадзор анаалыһы оҥорууну 48 чааска диэри кыччатта. ПЦР анаалыһа сууккаҕа 200-тэн аҕыйыа суохтаах.

Анна Попова этэринэн, регионнарга икки нэдиэлэ устата хааччах миэрэтэ күүскэ тутуһуллан, балаһыанньа бэттэх кэлбит. Үс региоҥҥа ыарыы намтаан эрэр, 55-кэ балаһыанньа биир кэм, оттон 25-кэ элбии турар. Кытаанах изоляция эрэһиимэ олохтоммотун курдук, билиҥҥи быраабыланы барытын тутуһарга ыҥырда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.