18.04.2020 | 21:39

Коронавирустаабыт дьон ахсаана 88 буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 18 күнүгэр, киэһээҥи туругунан, Саха сиригэр коронавирустаабыт дьон ахсаана 88 буолла. Дьаҥ Дьокуускай куоракка уонна 5 улууска тарҕанна, ол иһигэр Чаянда вахтовай бөлүөлэгэр 11 киһи ыарыйда.

Дьокуускайга – 27.

Алдаҥҥа – 40.

Ленскэйгэ – 5.

Горнайга – 2.

Бүлүүгэ – 2.

Мииринэйгэ – 2.

88 киһиттэн балыыһаттан үтүөрэн тахсыбыта – 16. Билигин 61 киһи балыыһаҕа сытар, 11 ыарыһах вахтовай бөһүөлэккэ бааллар.

Роспотребнадзор специалистара Дьокуускайга, Нерюнгригэ, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Удачнайга ааспыт нэдиэлэ устата уопсайа 48 сөмөлүөт рейсин, тимир суол станцияларыгар 16 поеһы көрсөн бэрэбиэркэни ыыттылар. Аэропортартан уонна тимир суол станцияларыттан 177 киһи обсерваторга утаарылынна.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн обсерваторга сытар киһи ахсаана 349 буолла, ол иһигэр 51 тас дойдуттан кэлбит дьон, 146 – Арассыыйа атын регионнарыттан, 152 - коронавирустаахтары кытта алтыспыт дьон.

7 лабораторияҕа уопсайа 15090 анаалыс оҥоһулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....