10.10.2020 | 14:14 | Просмотров: 631

Коронавирус утары быһыыны 2021 сыл олунньутуттан ылыахпытын сөп

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтоохторо коронавирус утары быһыыны 2021 сыл олунньу ыйыттан ылыахтрын сөп. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова социальнай ситим нөҥүө быһа эфиргэ иһитиннэрдэ.

«Нэһилиэнньэҕэ уопсай быһыы олунньу ыйтан саҕаланыан сөп», — диэтэ миниистир. Кини этэринэн, билиҥҥи туругунан, быһыыны коронавирус утары үлэлиир медицинэ үлэһиттэрэ ыла сылдьаллар. Саха сиригэр бастакы баартыйа балаҕан ыйыгар кэлбитэ, иккис сотору кэминэн кэлэрэ күүтүллэр.

Н.Ф. Гамалея аатынан Эпидемиология уонна микробиология национальнай чинчийэр киинигэр оҥоһуллубут бастакы вакцинаны РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ атырдьах ыйыгар регистрациялаабыта. Оттон биотехнология уонна вирусология наукатын киинэ оҥорбут «Вектор» иккис вакцина клиническэй тургутууну ааһар, алтынньы 15 күнүгэр диэри регистрацияланара былааннанар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.