Коронавирус уонна грипп утары быһыылары тэтимирдэр сорук турда
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев коронавирус уонна грипп дьаҥнарын утары быһыылары тэтимирдэр туһунан соругу туруорда. Бу туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ быһыыны былааннаммыттан 76%, улахан дьон 45% ылбыттар.
Коронавирус дьаҥыттан быһыыны ылыы Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Уус-Алдан, Чурапчы, Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар намыһаҕа этилиннэ. Итини сэргэ Дьокуускай куоракка быһыыны ылыы тэтимэ бытаарбыт.
«Чуолкайдык өйдүөххэ наада, ыалдьыы таһымын уонна вакцинация таһымын кытта сибээһи. Төһөнөн элбэх киһи быһыыны ылар да, оччонон ыалдьыы аҕыйыыр», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Саха сиринээҕи Роспотребнадзор управлениетын дааннайынан, короновируһу сэргэ дьон ОРВИ-нан ыалдьаллар, былырыын итинник суоҕа бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн регион олохтоохторун грипптэн быһыыны ылалларыгар ыҥыраллар.
«Саҥа коронавирус инфекциятыттан вакцинация тэтимин түргэтэтэн биэриэхпит, итини сэргэ грипптэн быһыыны ыытыахтаахпыт. Вакцинация – кылгас болдьох иһигэр кэлэктиип иммунитетын үөскэтэргэ соҕотох ньыма», – диэн түмүктээтэ Ил Дархан.