20.11.2020 | 08:18

КОРОНАВИРУС БҮТЭР ЧИНЧИТЭ СУОХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт дьаҥ хааччахтарын тутуһар киһи ахсаана күннэтэ аҕыйаан иһэрин статистика көрдөрөр эбит. Социологическай чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, билигин дьон үксэ хааччахтартан, ирдэбиллэртэн сылайбыт, хал буолбут, тутуспат буолбут. Ол иһин “ковид-диссиденнэр” уонна “ковид-идиоттар” диэн терминнэри туттарга уолдьаста диэн киин көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымаларынан кэпсээтилэр. “Ковид-диссиденнэр” диэн мааска, бэрчээкки кэппэттэр, хааччахтары аһаҕастык утараллар эбит. Оттон “ковид-идиоттар” диэҥҥэ коронавирустан аһара куттанар дьону киллэрбиттэр...

Бастакы коронавирустаабыт киһи көстүбүтэ 1 сыл буолла. Былырыын баччаларга бастаан Кытайга 55 саастаах киһи ыалдьыбыта. Онно бу эпидемия буоларын туһунан билбэт этилэр...

ОСКУОЛА ОҔОТО ЫАЛДЬАРА ЭЛБЭЭТЭ.

СОЦИАЛЬНАЙ ДИСТАНЦИЯ ТУТУҺУЛЛУБАТ.

Саха сиригэр күннэтэ 30-40 оскуола үөрэнээччитэ уонна учуутал коронавирустуур буолла. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Метсников кэпсээбитин Бырабыыталыстыба сайтыгар таһаардылар.

Вице-премьер  этэринэн, үөрэх эйгэтигэр күннэтэ 30-40 киһи дьаҥҥа сыстара салалтаны долгутар кыһалҕа. Сэтинньи 16 күнүнээҕи туругунан, билигин Саха сиригэр 649 оскуола толору үлэлиир. Аҥаардара үгэс быһыытынан олохтоммут үөрэтии ньыматынан үлэлииллэр, ол аата оҕолор оскуолаҕа кэлэн үөрэнэллэр. Атын оскуолалар – илэ уонна кэтэхтэн үөрэҕи алтыһыннараллар.

Хас биирдии оскуола, олорор сирдэригэр баар эпидемиологическай балаһыанньаттан көрөн, үөрэҕи тэрийэр. Оскуолаларга барыларыгар салгыны вирустартан ыраастыыр рециркулятордар тураллар, үөрэнээччилэри уонна үлэһиттэри температураларын бэрэбиэркэлииллэр.

Күннэтэ 200-тэн тахса киһи коронавирустуур буолла. Аҕыйах хонуктааҕыта рекорд олохтоммута – биир суукка иһигэр 242 киһи ыалдьыбыта.

Хааччахпыт бу сааскыттан сымнаабыта. Кытаанах харантыын диэҥҥэ дойдубут киирэн да көрө илик. “Бэйэ изоляциятын” көрүнньэҥ эрэ курдук тутуһа сатыыбыт. Уһуйааннар, оскуолалар үлэлииллэр. Онно оҕону илдьиигэ, ылыыга туох да социальнай дистанция диэн тутуһуллубат. Арай маасканы ирдииллэр, бэрчээкки булгуччулаах ирдэбилгэ киирэ илик.

Мин оҕолорум миигиннээҕэр элбэх дьону кытта алтыһаллар. Кырам уһуйааҥҥа сылдьар, улаханым оскуолаҕа үөрэнэр, мин – дистанционкаҕа. Уһуйааммытыгар аан таһыгар температураны кээмэйдииллэр – үксүн сүүскэ буолбакка, илии харытыгар тыктарар буолбуттар, таһырдьаттан киирбит киһи сүүһэ сойбут буолар үһү. Илиибитин испииринэн ыстараллар. Оҕобутун киирэн ылар, таҥыннарар сирбит кып-кыараҕас. Билигин Дьокуускайга уһуйаан тиийбэтиттэн бөлөхтөр бары аһара туолан тураллар, онон таҥнарбыт-саптарбыт кытта бэйэ-бэйэбитигэр аалсыы, үрүт-үрдүбүтүгэр эрэ ыттыбакка таҥныы буолар. Дьиэ иһэ сылаас буолан, итииргээн, мааскатын сыҥааҕар түһэрбит элбэх буолар. Ханнык да социальнай тэйиччи туттуу быраабылата тутуһуллар кыаҕа суох...

Оттон оскуолаттан оҕону таһырдьаттан ылабыт. Эбэтэр киирии ааҥҥа тоҕуоруһабыт. Кыһын буолан төрөппүттэр тоҥоллор, кыралар бытааннык таҥналлар, ол иһин сылааска талаһабыт, иһирдьэ киирэн “прихожкаҕа” кэтэһэбит. Оскуола иһигэр төрөппүттэри киллэрбэттэр. “Прихожкаҕа” эмиэ ыга симсэн туруу буолар, ордук ыла кэлэрбит саҕана. Ону кытта оскуола ааныгар иһирдьэ оҕолорбут мусталлар. Ким таҥнаары көлөттөр, ким суумкатын кыайбакка соһуллар. Уһуйаантан саҥа тахсыбыт дьон таҥналлара бытаан, тиэрэ-маары аат эрэ харата таҥастарын бэйэлэригэр сөрөөн тахсыбыт оҕолору ол кыараҕас “прихожкаҕа” хаттаан таҥыннарабыт. Эмиэ социальнай дистанция эрэ туох эрэ, мааска да кэппит ахсааннаах буолар...

ОПТУОБУСТАРГА ЫСТАРААП КЫТААТАР

Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспардарга, оптуобустарга хас айан кэнниттэн дезинфекция үлэтэ ыытыллыахтааҕын туһунан сэтинньи 14 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕа таҕыста. Ол курдук, оптуобус суоппардара биирдии рейс кэнниттэн салоннарын иһин салгылатан, дезинфекциялаан, ыарыы тарҕамматын туһугар санитарнай ирдэбили тутуһуохтаахтар диэн буолла.

Оптуобуска мааската суох сылдьыы иһин 30 тыһыынчаҕа тиийэ ыстарааптаныахха сөп. Ол эрээри дьыалатыгар тиийдэххэ – атын хартыына. Оптуобуска син биир мааската суох дьон элбэх, кинилэри ким тутан ылан ыстарааптыахтааҕа буолла... Оптуобус иһигэр социальнай дистанцияны ирдээтэхпитинэ күлүүгэ эрэ барар инибит.

ОСТОЛОБУОЙДАРЫ БЭРЭБИЭРКЭЛИИЛЛЭР

Дьокуускай куорат суһал штабын анал бөлөҕө остолобуойдар санитарнай ирдэбили төһө тутуһалларын бэрэбиэркэлээтэ.

Ол курдук, Короленко уулуссатыгар баар «Рублевка» остолобуойга дьон икки ардыгар тутуһуллуохтаах 1,5 м сурааһын  муостаҕа тардыллыбатаҕа бэлиэтэммит.  Маннык бэлиэ “DAN-DAN» диэн Крупская уулуссатыгар баар остолобуойга суоҕа ыйыллыбыт. Маны таһынан муостаны сууйуу, дезинфекция оҥоһуллуутун анал сурунаала суох эбит. 

Бэрэбиэркэни ааспыт «Ложкин», «Сэргэ», «Холбос», «Трапеза», «Сэргэлээх», «МЯСОROOВ» аһыыр сирдэргэ ирдэбили кэһии суох эбит.

ЭБИИ ХААЧЧАХТАР КИИРДИЛЭР

Cэтинньи 14 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан, коронавирус инфекцията тарҕамматын туһугар ылыллар миэрэлэргэ уларытыылар, эбиилэр киирдилэр. Бу миэрэлэр СӨ кылаабынай санитарнай бырааһын этиилэрин учуоттаан ылылыннылар.

Эбии үөрэхтээһин уонна спортивнай бэлэмнээһин бырагыраамаларын үлэлэрэ күнүскү уонна күнүскү-кэтэхтэн көрүҥнэринэн сөргүтүллэр. Манна тэйиччиттэн үөрэтэр технологиялар, электроннай үөрэтии ньымалара киириэхтэрин сөп, санитарнай ирдэбиллэр булгуччу тутуһуллуохтаахтар.

Тэрилтэҕэ үлэһиттэр кыраадыстарын кээмэйдиэхтээхтэр, кыраадыһа үрдээбит, эбэтэр тумуулаабыт сибикилээх буоллаҕына, үлэлэлэтиэ суохтаахтар. Коронавируһунан ыалдьыбыт киһини кытары алтыспыт дьон туһунан Роспотребнадзор управлениетыгар суһаллык биллэриэхтээхтэр, ыалдьыбыт киһи сылдьыбыт хосторугар суһаллык дезинфекцияны ыытыахтаахтар.

Муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын баһылыктара коронавирустан өлбүт дьону көмүүгэ бары санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэр тутуһуллалларын хааччыйыахтаахтар. Каникул кэмигэр оҕолор айанныылларын, кэлэллэрин-баралларын хонтуруоллуохтаахтар.

Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ банкеттары, бырааһынньыктары ыыталларын бобор пууҥҥа эбии киирдэ: банкет киһитэ 15-тэн элбэх буолуо суохтаах уонна дискотекалар, атын да аралдьытар тэрээһиннэр ыытыллаллара бобуллар. Уопсастыбаннай түмсүүлэр элбэх киһилээх публичнай тэрээһиннэри ыыталлара олоччу бобулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....