КОРОНАВИРУС АНААЛЫҺЫН ХАННА ТУТАЛЛАРЫЙ?
Коронавирус ПЦР-чинчийиинэн уонна хаан биохимическай анаалыһынан булуллар.
Босхо анаалыһы тумуулаабыт, ОРВИ сибикилээх дьон быраас ыыттаҕына эрэ туттараллар. Кинилэр ПЦР-чинийиини (муруннарыттан уонна айахтарыттан ылыллар) ааһаллар. Оттон коронавирус антителатын быһаарар биохимическай анаалыһы медиктэр туттараллар. Ыалдьыбыт дьон бастакы анаалыстарын кэннэ 8-10 хонуктарыгар хат туттараллар. Поликлиникалар ылар анаалыстара олус элбэх буолан, уһун уочараттаах. Анаалыс түмүгэ дьаҥ бастаан кэлэрин саҕана 1-2 күнүнэн биллэр эбит буоллаҕына, билигин ортотунан 5-7 күн кэтэһиннэрэр буолла.
Төлөбүрдээх анаалыс сыаната ортотунан 1500-2000 солк. ПЦР-чинчийиини 3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа уонна СПИД Киин лабораториятыгар туттарыахха сөп. Биохимическэй анаалыһы – ХИФУ клиникатыгар, КВД балыыһатыгар уонна да атын чааһынай клиникаларга туттарыахха сөп.
Холобур, “Медлайн” клиника коронавирус анаалыһын күн аайы 09.00-16.00 ч. тутар. Түмүгэ 30 мүнүүтэнэн бэлэм буолар, сыаната – 2000 солк.
“Виктори-клиник”: 950 солкуобайдаах анаалыс туттардахха 2-3 күн кэтэһэҕит, 2000 солк. сыаналаах анаалыс түмүгэ 15-30 мүнүүтэнэн биллэр.
КВД балыыһатыгар анаалыһы күн аайы күнүс 14.00 чааска диэри туталлар. Манна антитела анаалыһа (билигин ыалдьа сылдьаргытын көрдөрөр) 1000 солк. Сарсыарда туттардаххытына түмүгүн эбиэт кэннэ ылыаххытын сөп. Пааспардаах тиийэргитин умнумаҥ.
⠀