15.06.2021 | 10:26

Коронавируһунан ыалдьыы ахсаана аҕыйаабат

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр бэс ыйын 14 күнүнээҕи туругунан коронавируһунан ыалдьыы 94 түбэлтэтэ регистрацияланна. 
Дьокуускай куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана – 61. Бүлүүгэ, Мирнэйгэ 5-тии түбэлтэ. Аммаҕа, Мэҥэ-Хаҥаласка уонна Нерюнгри оройуонугар – 4 киһи, Горнай, Аллараа Халыма, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас оройуоннарыгар  биирдии киһи ыалдьыбыта билиннэ. 


Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 1078 чинчийии оҥоһуллубут.
Ити күннээҕи туругунан, Саха сиригэр коронавирус дьаҥын утары барыта 208109 дуоза вакцина кэлбит. 
Бастакы вакцинацияларын 185275 киһи, ол  иһигэр 42109 60 саастарыттан үөһээ дьон ылбыт. Вакцинация иккис түһүмэҕин 136100, ол иһигэр 33196 60 саастарын ааспыт дьон оҥотторбут. 
Өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит вакцина 89,03 % туттуллубут.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйын 25 күнүгэр диэри уһатылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...