Коронавируһунан ыалдьыбыттар куойкаларын ахсаана эбиллэр
Киин куоракка коронавирус инфекциятынан ыалдьыбыттары эмтиир куойканы 60 миэстэҕэ диэри улаатыннарар буоллулар. Бу туһунан уочараттаах брифиҥҥэ суһал штаб салайааччытын солбуйааччы, вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ кэккэ улуустарыгар – Хаҥаласка, Мэҥэ-Хаҥаласка уонна Ньурбаҕа эмиэ куойка ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Ольга Балабкина балаһыанньа толору хонтуруолга сылдьарын бэлиэтээтэ. Билиҥҥи туругунан колл-кииннэр үлэлэрин күүһүрдүү саҕаламмыт. Маны таһынан, ревакцинацияны биэриини тэтимирдии соруга турар, билигин 10431 киһи ревакцинацияны ааспыт.
"Роспотребнадзор ирдэбилинэн өрөспүүбүлүкэ хас да улууһугар коронавируһунан уонна ОРВИ-нан сибээстээн харантыын биллэрилиннэ. Маны таһынан, киин куорат оскуолаларыгар эмиэ харантыын саҕаланна уонна дистанционнай үөрэххэ көһүү буолла. Онон төрөппүттэргэ туһаайан этиэм этэ — быһыыны ылыҥ, оҕолоргут ОРВИ сибикилээх буоллулар да, хайаан да балыыһаҕа биллэриҥ", – диэн бэлиэтээтэ Ольга Балабкина.
Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ вакцинаннан толору хааччыллыбыт.