29.07.2021 | 11:30

Коронавируһунан сибээстээн хааччахтааһын киириэн сөп

Коронавируһунан сибээстээн хааччахтааһын киириэн сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыы үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Суукка иһигэр 122 түбэлтэ биллибит, итинтэн 65 киһитэ Дьокуускай куоракка. Итинэн сибээстээн сотору кэминэн хааччахтыыр миэрэлэри төнүннэриэхтэрин сөп. Ол туһунан суһал штаб мунньаҕар регион баһылыга Айсен Николаев эппит. 
Ыалдьыбыт дьон ахсаана оройуоннарга эмиэ элбээбит. Ол курдук, коронавируһунан ыалдьыы саҥа түбэлтэлэрин 21 оройуоҥҥа булбуттар. Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан нэһилиэнньэҕэ санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн куттал суоһаабатын курдук уһатыллыбыт хааччахтыыр миэрэ болдьоҕо бүтэр. Региональнай суһал штаб докумуону саҥардарга этиилэри бэлэмниир. 
«Быһыы-майгы кэнники күннэргэ мөлтөөтө, бастакы уочарат, Дьокуускай куоракка. Хааччахтыыр миэрэлэри хонтуруоллааһын куруук баар буолуохтаах. Ордук билигин, уоппуска кэмигэр дьон өрөспүүбүлүкэ уонна дойду үрдүнэн элбэхтик айанныыр кэмнэригэр», - диир Айсен Николаев.
Кылаабынай санитарнай бырааһы Дьокуускай куоракка буолар быһыы-майгы долгутар. Кини этэринэн, ити барыта хааччахтыыр миэрэлэри тутуспаттан, дезинфекцияны кэмигэр оҥоһуллубаттан, кэтээн көрөр уорганнар өттүлэриттэн хонтуруол мөлтөҕүттэн тахсар.  Ыарыы ордук нэһилиэнньэ эдэр араҥатыгар – 18-29 саастаах дьоҥҥо баара билиннэ. 30-40 саастаахтар ыалдьар түбэлтэлэрэ эмиэ аҕыйаҕа суох. Итини таһынан, коронавирус дьаҥа оҕо ортотугар элбээбит, сорох оҕолор икки өттүнэн сэбиргэхтэтэн балыыһаҕа киирбиттэр. 
Маргарита Игнатьева COVID-free зоналартан аккаастанарга уонна хааччахтыыр миэрэлэри уһатарга этии киллэрдэ.  
Итини сэргэ, кини ыалдьыбыт киһи чугас, хантаактаах дьонун 2020 сылга курдук обсерваторга изоляциялыыр наадатын этэр. 
Өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина оройуоҥҥа сынньана, үлэлии, ол иһигэр вахтовай ньыманан барар дьон самоизоляцияны тутуһаллара булгуччулааҕын бэлиэтээтэ. 
Ил Дархан вакцинацияны тэтимирдэргэ, эпидемиологическай быһыы-майгы онтон быһаччы тутулуктааҕын эттэ. Кини эппитинэн, Арҕаа  «быһыы ылбатахтар пандемияларынан» ааттанар коронавирус 4 «долгуна” чугаһаабыт.  Айсен Николаев вакцинацияны 65%-тан аҕыйах нэһилиэнньэ оҥотторбут оройуоннарын ураты болҕомтоҕо ыларга сорудахтаата. 
Вакцинация хаамыытыгар намыһах көрдөрүүлээх улуустар – Алдан, Амма, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Уус-Алдан, Уус-Дьааҥы, Чурапчы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...