Коронавируһу ыараханнык аһарбыт дьону чөлгө түһэрэр санаторийдар үлэлииллэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ 90-тан тахса коронавирустан үтүөрбүт киһи чөлгө түһэрэр эмтэниини ааста диэн СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Абалаах” өрөспүүбүлүкэтээҕи медицинэ киинигэр 3 ый иһигэр 90-тан тахса киһи чөлүгэр түһэр эмтэниини ааста. Коронавирустан үтүөрбүт дьоҥҥо анаан «Чэбдик» санаторий-профилакторийга эбии миэстэлэри ылан эрэбит», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Чөлгө түһэр эмтэниини пневмония ыарахан көрүҥүн аһарбыт, өр кэмҥэ ИВЛ аппараатыгар холбонон сыппыт дьон ааһар. Ыарыһахтар 14-17 күн устата анал физкультура, физио эмтээһини, илбийиини ылаллар, ыраас салгыҥҥа дьарыктаналлар. Эмтэнэн чөлгө түһүү кууруһугар поликлиника терапевын быһаарыыта наада эбэтэр стационартан салҕыы эмкэ барыахха сөп.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ эбии 178 киһи коронавирустаата.