Коронавируһу оҕолор тарҕатыахтарын сөп
Кэккэ улуустарга оҕолор коронавируһу тарҕаппыт түбэлэтэлэрэ бэлиэтэннэ. Онтон сиэттэрэн Ил Дархан Айсен Николаев саҥа таһаарбыт ыйааҕар ирдэнэринэн, оҕолорун улууска ыыппыт төрөппүттэр олохтоох дьаһалтаҕа хайаан да биллэриэхтээхтэр. Бу оҕолор доруобуйаларыгар куттал суоһаабатын, ыалдьыбыт буоллахтарына атын дьоҥҥо сыһыарбаттарын туһугар ылыллар миэрэлэр.
Билигин Саха сиригэр уопсайа 113 оҕо балыыһаҕа киирэн коронавирустан эмтэнэр. 226 оҕо ыарыыны чэпчэкитик аһарар буолан амбулаторнайдык эмтэнэр.
“Оҕолор коронавируһу чэпчэкитик аһарыналлар эрээри, кэлин вирус оҕо доруобуйатыгар хайдах дьайара ситэ үөрэтиллэ да илик. Онон оҕолор уулуссаҕа тахсалларыгар мааска, бэрчээккэ кэтэллэрэ булгуччулаах», – диэн вице-премьер Ольга Балабкина суһал штаб брифинигэр эттэ.