Коронавируһу кытта охсуһарга кэлэктиип иммунитета улахан суолталаах
Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Суһал штабын мунньаҕар коронавирус дьаҥыттан үтүөрбүт киһи ахсаана ыалдьыбыттардааҕар элбэҕин, ол эрэн региоҥҥа уустук санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы оннунан хааларын бэлиэтээбит. Ол туһунан баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр кэнники күннэргэ коронавируһунан ыалдьыбыттар балыыһаҕа киирэллэрэ аҕыйаан миэстэ тахсыбыт. Ол курдук, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 26% куойка саппааһа баара этиллибит.
Ол эрэн, саҥа ыалдьыбыт уонна ыарахан туруктаах дьон ахсаана аҕыйаабат эбит. Бүгүҥҥү күҥҥэ 45 киһи «ИВЛ» аппараатыгар холбоммут.
«Коронавируһу кытта таһаарыылаахтык охсуһарга үрдүк таһымнаах кэлэктиип иммунитета ирдэнэр. Ол туһугар быһыы хампаанньата икки нэдиэлэ устата ситиспит тэтимин ыһыктыа суоҕун наада. Өрөспүүбүлүкэҕэ күн аайы түөрт тыһыынчаттан тахса киһи быһыы бастакы түһүмэҕин ылар. Ити тэтими тутарбыт ирдэнэр», — диэбит Ил Дархан.
Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин дааннайдарынан, билиҥҥи кэмҥэ коронавирус дьаҥын утары быһыы бастакы түһүмэҕин Саха сирин 59,75% (428 415), оттон толору кууруһу 54,46%, ревакцинацияны 39 722 киһи ааспыт.
Быһыыны ылыы тэтимин көрдөххө, 50%-наах кирбиигэ Нам уонна Чурапчы улуустара тиийэ иликтэр. Ил Дархан сорудаҕынан ити оройуоннарга көһө сылдьар медицинскэй биригээдэлэр үлэлэрин күүһүрдүөхтэрэ.
Вакцинация тэтимэ Дьокуускай куоракка куһаҕана суоҕа бэлиэтэннэ. Билиҥҥи туругунан, манна нэһилиэнньэ 62% улахан дьоно быһыы бастакы түһүмэҕин, оттон 55% толору кууруһу ааспыттар.
Киин куоракка алтынньы 11-18 күннэригэр суукка иһигэр 489 киһи быһыыны ылбыт буоллаҕына, билигин сууккаҕа 1326 киһи ылар эбит. Уһун өрөбүллэргэ Дьокуускайга быһыыны ылыы 88% үрдээбит.
Айсен Николаев куорат салалтатыгар быһыы тэтимин ыһыктыбаттарыгар сорудахтаабыт уонна киин куоракка кэлэктиип иммунитета үөскээһиниттэн улуустарга эмиэ эпидемиологическай быһыы-майгы тутулуктааҕын санаппыт.