19.02.2021 | 08:30

КОРОНАВИРУҺУ ЧЭПЧЭКИТИК АҺАРЫММЫТ ДЬОН ВАКЦИНА ЫЛЫАХТАРЫН СӨП

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) коронавируһу чэпчэкитик аһарыммыт дьоҥҥо вакцинаны ыларга сүбэлээтэ.

Чэпчэкитик, ол аата ыарыы сибикитэ суох дьаҥы аһарыммыт дьоҥҥо иммунитет үөскээмиэн, антителаларын таһыма намыһах буолуон сөп. Билиҥҥи чинчийиилэргэ олоҕурдахха, коронавируһунан күүскэ ыалдьан баран аһардыммыт дьоҥҥо, чэпчэкитик аһарыммыт дьоннооҕор  иммунитеттара күүстээх буолар. Ыалдьыбыт да буоллаххытына, вакцина ыллаххытына, иммунитет эппиэтэ күүһүрэн биэрэр диэн ВОЗ суруйар.

Маны кытта Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ вакцинацияны, чинчийиилэр бара туралларынан сибэстээн, оҕолорго биэрэри сүбэлии илик.

ВОЗ суруйарынан, дьаҥы аһарыммыт киһи организмын иммунитета төһө өр вируска бэриммэккэ тулуһарын билигин чуолкай быһаарылла илик. Ол эрэн быһыыны ылбыт киһи доруобуйата, быһыы ылбатах киһи киэнинээҕэр бөҕөх буолуо дииллэр.

Аан дойдуга вакцинаны ылбыт киһи ахсаана пандемия саҕаланыаҕыттан ыалдьыбыт дьон ахсаанын куоһарда. 10 судаарыстыбаҕа, Арассыыйаҕа курдук, маассабай вакцинация күүскэ бара турар – балар аан дойду ВВП-тын 60 бырыһыанын оҥорор дойдулар. 130-ча кэриҥэ дойдуга (2,5 млрд нэһилиэнньэ) коронавирус утары быһыыны ыла иликтэр.

Аан дойдуга пандемия саҕаланыаҕыттан 108,4 мөл. киһи COVID-19 ыалдьыбыт, онтон  2,3 мөл. киһи суорума суолламмыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...