25.12.2020 | 17:35

КОРОНАВИРУҺУ АҺАРЫММЫТ ДЬОҤҤО ПСИХОЛОГ СҮБЭТЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

3-с нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа (@gau_rkb_3) медицинскэй психолога Матрена Шестакова коронавируһу этэҥҥэ аһарыммыт дьоҥҥо сүбэтэ:

– Коронавируһунан ыалдьан баран аһарыммыт киһи бу ыарыы кэнниттэн кэккэ психологическай кыһалҕалары көрсүөн сөп. Бу дьонтон сорохторугар урут даҕаны уйулҕа кэһиллиитэ баар буолуон сөп, ыарыы кэмигэр бу барыта бэргээн, улаатан тахсар. Коронавирус кэмигэр киһи күүрүүгэ (депрессияҕа) ылларар, туохтан эрэ сэрэнэр, куттанар, стресскэ киирэн хаалыан сөп.

Сорохтор соҕотохсуйаллар, кыраттан ньиэрбинэйдииллэр, эмискэ хомойоллор, эмискэ күлэр-үөрэр буолан хаалаллар.

Утуйар уулара ыһыллыан сөп. Маны тэҥэ утуйар уулара быстах буолан хаалар, сотору-сотору уһукталлар. Хат утуйаллара уустугурар, ол иһин түүҥҥү эрэсиимнэрэ кэһиллэн хаалар. Түүн баттатар буолаллар, куһаҕан түүллэри көрөллөрө элбиир.

Киһи наар туохтан эрэ дьаархана сылдьар, өлөртөн уонна иккистээн коронавируска сыстартан наһаа куттанар. Бу барыта киһи урукку олоҕун укулаатыгар төннөрүгэр ыарахаттары үөскэтэр – куруук күүрүүгэ сылдьан, сатаан сынньаммат, ол иһин сэниэтэ туохха да тиийбэт.

 Маннык түгэннэргэ “когнитивно-поведенческая психотерапия” диэн олус туһалаах. Психология бу салаата ыарыы симптомнарын аһарынарга көмөлөһөр.

Бу үөһэ этиллибит сибикилэртэн ураты, коронавируһу аһарыммыт дьоҥҥо когнитивнай функциялара (информацияны өйдөөн хаалыылара, туохха эмэ болҕомто ууруулара, толкуйдуур тэтимнэрэ) мөлтүүр – ол эрэн бу барыта быстах кэмҥэ буолар. Кэмигэр реабилитацияланнахха барыта ааһар, мэйии үлэтэ чөлүгэр түһэр кыахтаах. 

Мэйии когнитивнай функциятын чөлүгэр түһэрэргэ эрчиллиилэр туһалыахтара. Өйдөөн хаалыыны эрэйэр садаачалар, Шульте таблицатынан мэйиини эрчийии, о.д.а. дьарыктаныҥ.

Оттон үөрэ-көтө сылдьыы, дьоллоох буолуу ырысыаба ханна да суох. Ханнык баҕарар куһаҕан туругу ууну ханар гына утуйан туруу, иҥэмтэлээх аһылык, киһи астынар сөбүлүүр дьарыга киэр кыйдыахтара.

Эти-хааны сымнатар, сылаанньытар эрчиллиилэр туһалаахтар. Чугас, таптыыр дьоҥҥутун, доҕотторгутун кытта үгүстүк алтыһыҥ – маннык көрсүһүүлэр сүргэҕитин көтөҕүөхтэрэ.

Сорох дьоҥҥо сөбүлүүр музыкаларын истэллэрэ, киинэ көрөллөрө, кинигэ ааҕаллара туһалыаҕа. Чэбдигирдэр спордунан дьарыктаныҥ, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ. Киһи бэйэтин этин-сиинин билиэхтээх, организма тугу этэрин истиэхтээх. Дууһа быраастарыгар, психологтарга бараргытыттан, көмө көрдүүртэн толлумаҥ.

СУҺАЛ ПСИХОЛОГИЧЕСКАЙ КӨМӨ НААДА БУОЛЛАҔЫНА

Дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр социальнай ситимнэргэ, ордук бассаапка, тарҕанар сонуннартан киһи дьаарханар. Дьон чахчы куттанар уонна туохтан барытыттан сэрэнэр буолла.

Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социальнай-психологическай өйөбүлү оҥорор киин аһара куттаммыт, ыгылыйбыт, ыксаабыт, санааҕа баттаппыт дьоҥҥо суһал психологическай көмөнү оҥорор. Үрдүк квалификациялаах психологтар уустук кэмҥэ ыгылыйыыттан, стресстэн тахсарга көмөлөһүөхтэрэ.

Суукканы эргиччи быһа линияҕа төлөпүөннүөххэ сөп:

8-800-100-3550 (Республиканский телефон доверия)

8-800-2000-122 (Всероссийский детский телефон доверия)

8-800-100-22-83 (Мобильная кризисная служба).

Эрийэн кэлэргит:

Анонимнай (ааккытын этимиэххитин да сөп);

Буор босхо (ханнык баҕарар суотабай операторыттан эрийии босхо);

Кистэлэҥ (тугу кэпсээбиккитин туора дьон билбэттэр).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....