23.04.2024 | 14:06

КОРКИН СОРАТНИГА

КОРКИН СОРАТНИГА
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Улуу тренер Д.П. Коркин эркин курдук эрэнэр, күннэтэ алтыһар үөлээннээхтэрдээх, чугас доҕоттордоох, сүдү дьыалатын өйдүүр уонна өйүүр дьонноох-сэргэлээх, кэлэктииптээх буолан, айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Иитиллээччилэрэ Олимп, аан дойду чыпчаалларын дабайбыттара.

Коркин биир саамай чугас, тыл быһаҕаһыттан өйдөһөр доҕоро,  соратнига *Алексей Спиридонович Шадрин этэ. 
СӨ үтүөлээх учуутала, ССРС уонна РФ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, “Урожай” уопсастыба бочуоттаах чилиэнэ, Саха сиригэр XX-с үйэ спорка лауреата, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Алексей Спиридонович Шадрин 1929 с. кулун тутар 19 күнүгэр Чурапчы Аччаҕарыгар төрөөбүтэ. Сахаҕа бөдөҥ, төрөлкөй уҥуохтаах, сүүс киилэттэн быдан тахсаны үктүүр ыйааһыннаах, өрүкүйэ сылдьар хойуу баттахтаах, халыҥ баппаҕайдаах, күүс-уох өттүнэн лаппа “баардааҕа биллэр”, киэҥ көҕүстээх, холку, сэмэй киһи быһыытынан, эдэр-эрчимэн саастарыгар үчүгэй хайыһардьытынан биллэрэ, өрөспүүбүлүкэ “Колхозник” уопсастыбатыгар 30 км сиргэ бастыыра, копьену быраҕыыга Ыччат бэстибээлигэр рекорд олохтообута. 
Былаһын тухары үөрэх систиэмэтигэр үлэлээбитэ.  Хаһаайыстыбаннай үлэҕэ, тутууга сыһыаннааҕын көрдөрбүтэ. Горнай Бэрдьигэстээҕэр уонна Булуҥ оройуонун Күһүүрүн оскуолаларыгар дириэктэрдиир сылларыгар спорт саалаларын туттартаабыта. Ханна да тиийдэр, сытыары сымнаҕас майгытынан дьон билиниитинэн, тапталынан туһанара. 
Ити туһунан бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ бу курдук ахталлар:
Афанасий Егорович Алексеев, 1963-1987 сс. өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэлэ, Саха АССР Физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Алексей Спиридонович Шадрин наһаа үлэһит, спорт эйгэтигэр чугас, күрэхтэһиилэри умсугуйан көрөр киһи этэ. Тустууну улаханнык сэҥээрэрэ. Чурапчыга спортоскуолаҕа дириэктэрдииригэр күүһүн-уоҕун барытын биэрбитэ. Туруорсара элбэх. Дьокуускайга ШВСМ бастакы дириэктэринэн үлэлииригэр, Москваны кытта кэпсэтэн, тустуук уоллаттара Дьокуускай байыаннай чааһыгар сулууспалыылларын ситиспитэ. Тустуу сайдыытыгар бөдөҥ кылаатын киллэрбитэ.
Екатерина Семеновна Лукина, математика учуутала, 94 саастаах:
– Оскуолабыт дириэктэрэ Алексей Спиридонович дьон сөбүлүүр, ытыктыыр киһитэ этэ. Спортоскуоланы төрүттээбитэ, тутуу бөҕөнү ыытан, чиҥ базаны үөскэппитэ. Тустуук уолаттар математикаҕа үчүгэй этилэр. Бэрээдэк, дьиссипилиинэ туһунан кэпсэтии турбата. Тустуу сайдарын туһугар, Д.П. Коркин тула кэлэктииби түмпүтэ. Күрэхтэһэ барар оҕолорго сорудах биэрэрбит, кэллэхтэринэ, зачет тутарбыт. Оҕолор тустууну уонна үөрэҕи тэҥҥэ туталлара. Үгүс саҥата-иҥэтэ, айдаана-куйдаана суох, мөккүөрү таһаартарбат.  Куоракка “Якуттяжстрой” тутуу тэрилтэтин кытта шефтэһэн, спортивнай снарядтары аҕалтарара. Үөрэх миниистирэ Н.И. Шарин чугас табаарыһа-доҕоро буолан, өйөбүлүнэн туһанара, оҕолорбут күрэхтэһиилэргэ хааччаҕа суох бараллара-кэлэллэрэ. Аһы-үөлү дэбигис булара. 1977 сыллаахха куоракка барбыттарыгар “хоос” гынан, кураанахсыйан хаалбыппыт. Хата, Константин Сергеевич  Постников тулаайахсыйбыт санаабытын уһаппатаҕа, салгыы үчүгэйдик салайан, орун-оруммутун булбуппут.
Александр Николаевич Иванов, көҥүл тустууга 1976 с. Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера:
– Алексей Спиридонович үлэтэ улахан суолталаах. Оройуон дьаһалтатыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ өрүттээх үлэни ыыппыта. Соратниктарын көмөлөрүнэн, биир өйүнэн-санаанан, олус табыллан үлэлээбиттэрэ. Мин 1969 сыл күһүнүгэр кэлбитим. Оскуола-интэринээт аата-суола ырааппыт, олохсуйбут этэ. Бэлэмҥэ тиийбитим. Коркинныын олус өйдөһөн үлэлииллэрэ. Оскуоланы бүтэрбиттэри институттарга ыыталлара, сөбүлүүр үөрэхтэригэр киирэллэрэ. Ситиһиилээх үлэһиттэр буолбуттара. Д.П. Коркин, К.С. Постников уонна А.С. Шадрин айымньылаах үлэлэринэн тустууну таһаарбыттара. 
Виктор Петрович Ноговицын, тустуук, учуонай, спорт миниистирэ, өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев сүбэһитэ, көмөлөһөөччүтэ, А.С. Шадрин туһунан научнай ыстатыйа ааптара:
– Дьоҥҥо сыһыана наһаа истиҥ этэ. Булуҥ оройуонугар Күһүүргэ оскуола дириэктэринэн үлэлиир сылларыгар, байыаннай чаас генералларын кытта билсэн, аһынан-табаарынан Москваттан быһа хааччыттарбыт. Дьокуускай таһыгар хоту сир оҕолоро сынньаналларыгар анаан спортивнай лааҕыр тэрийбитэ. Д.П. Коркин ыҥыран, Чурапчыга барарыгар, Күһүүр дьоно бүттүүнэ кытылга киирэннэр, теплоход расписаниетыттан икки чаас хойутуор диэри атаарбыттар, теплоход көстүбэт буолуор диэри мотуорканан эргийэ сылдьыбыттар. Махтаммыттар. Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ С.З. Борисов үөрэх миниистиринэн оҥороору гыммытын, бэйэтин оннугар Ленинградка бииргэ үөрэммит, Орто Халымаҕа оскуола дириэктэринэн үлэлии олорор табаарыһа Н.И. Шарины, миигиттэн быдан ордук үлэһит диэн, кинини анаппыт. Николай Иванович кэлин дойдуга биллэр кыахтаах миниистир буолбута.
Оскуола-интэринээккэ кэлэн, Коркины дьиэтигэр олордон үлэлэтэр, кэргэнэ Ирина Степановналыын быарынан ыалдьарын билэр буоланнар, диетанан аһаталлар. Субуотунньуктаан, дьиэтин маһын бэлэмнээн, дьиэ тутан биэрэр. Бары биир киһи туһугар үлэлиибит диэн, учууталлары, үлэһиттэри биир өйгө-санааҕа түмпүт. Куолаһын кимиэхэ да соноппотох, кыыһырбатах, албыннаспатах, киһи эрэ ылынар салайааччыта. Коркины кытта бииргэ үлэлээн, материальнай база, хаһаайыстыба курдук тэрээһин бары боппуруостарын быһаарара, улахан оройуон, өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кытта кэпсэтэр үрдүк таһымнаах. Бэйэтин өрө туттубатах, киһи эрэ ылынар салайааччыта.
Михаил Егорович Друзьянов, Д.П. Коркин иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара, 70-с сыллартан өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин үлэһитэ, билигин спорт музейын дириэктэрэ, историяны чинчийээччи:
– Шадрин сахаҕа улахан уҥуохтаах, дуоспуруннаах киһи этэ. Эдэр саастарыгар Лениград чөмпүйүөнэ, хайыһардьыт, копьеһут. Коркинныын Ленинградка бииргэ үөрэммиттэр. Коркин улуу тренер буоларыгар элбэҕи оҥорбута. Тоҕо эрэ дьоһун аата-суола иһиллибэт буолан хаалбыта. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчыга “Постниковскай ааҕыыларга” тиийэн кыттыбытым. Шадрин аата ааттаныахтаах диэн тыл эппитим. Коркин, Постников, Шадрин ыкса ситимнээхтик бииргэ үлэлээбиттэрэ. Айбыттара, оҥорбуттара, тустууну Олимпиадаҕа таһаарбыттара. Дьокуускайга аан бастаан аһыллыбыт ШВСМ сүрүн тренеринэн Коркин, дириэктэринэн  Шадрин, мин завуһунан ананаммыт бииргэ үлэлээбиппит. Чурапчыттан 25 тустуук оҕону бэйэлэрин кытта аҕалбыттара. Үлэлиир, үөрэнэр, олорор усулуобуйа тэриллибитэ. Спорт рота аһыллыбыта. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэрбиттэр дьарыктана-дьарыктана Дьокуускай байыаннай чааһыгар сулууспалаабыттара. Олохтоохторго махтал, А.С. Шадрин аатын сөргүппүтэригэр. 
Улуу тренер Д.П. Коркин чугас доҕоро, соратнига Алексей Спиридонович Шадрин төрөөбүтэ 95 сыла туолуутун биир дойдулаахтара, үлэлээн ааспыт оскуола-интэринээтин томторун дьоно-сэргэтэ, Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан спорт оскуола-интэринээтин кэлэктиибэ үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Үтүө ааттар, дьоһун дьыалалар умнуллубаттар, үйэтитиллэр аналлаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...