Конституция күнүгэр куорат эдэр олохтоохторугар пааспардары туттардылар
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга пааспардары туттарыыга куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, Олохтоох дьаһалта Быраапка департаменын начаалынньыга Анатолий Илларионов кытыннылар.
Евгений Григорьев эҕэрдэ тылыгар, Арассыыйа Федерациятын Конституцията 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Норуот бүттүүнүн референдумугар ылыныллыбыта уонна онтон ыла, 30 сыл устата Арассыыйа сөптөөх хайысханан баран иһэрин уонна тохтоло суох сайдарын бэлиэтээтэ.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ уларыйыы кэмэ, ол эрэн судаарыстыбабыт, уруккутун курдук, үгэс буолбут сыаннастарбытын уонна элбэх омуктаах дойду култууратын бигэтик харыстыыр уонна ытыктыыр. Арассыыйа Федерациятын Конституцията – судаарыстыба уонна быраап эрэсиимин туллубат тутааҕа, сокуон тулхадыйбат акылаата. Бүгүн, итиннэ олоҕуран, эһиги Арассыыйа Федерациятын гражданинын пааспарын ылаҕыт. Ити аата, эһиги сокуонунан мэктиэлэммит бырааптаах уонна эбээһинэстээх буолаҕыт. Ситии-хотуу өттүгэр бастакы хардыыгытын оҥороҕут», – диэтэ, оҕолорго туһаайан, куорат баһылыга.
Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов эҕэрдэҕэ кыттыһан туран, судаарыстыба сайдыыта күннээҕи ситиһиилэртэн, гражданнар үлэлэриттэн, хас биирдии киһи тус бэйэтин, дьиэ кэргэнин, дойдутун иннигэр эппиэтинэһиттэн таҥыллан тахсарын бэлиэтээтэ.
«Билигин дойдугут толору бырааптаах гражданнара буоллугут, эһиги илиигитигэр – судаарыстыбабыт инники кэскилэ. Арассыыйа сайдыытыгар бэйэҕит кылааккытын киллэрэр дьоһун, үөрэхтээх гражданнарынан буолуоххут диэн эрэнэбит. Бастатан туран, Конституциянан олоруохтаахпыт уонна эбээһинэһэ суох быраап суоҕун өйдүөхтээхпит», – диэтэ Альберт Семенов.
Тэрээһин түмүгэр Олохтоох дьаһалта Быраапка департаменын начаалынньыга Анатолий Илларионов оҕолорго анаан «Гражданнар бырааптара уонна эбээһинэстэрэ» тиэмэҕэ бэсиэдэ ыытта.