Константин Тимофеев Ыччат палаататын бэрэссэдээтэлинэн талылынна
Дьокуускай куораттааҕы Дуума иһинэн үлэлиир Ыччат палаататын бэрэссэдээтэлэ Василий Иванов атын үлэҕэ көспүтүнэн сибээстээн, сэтинньи 12 күнүгэр Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа саҥа бэрэссэдээтэли талыы буолла. Ол туһунан Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыччат палаататын VIII-с пленарнай уочараттаах мунньаҕар соҕотох хандьыдаат – Константин Тимофеев аата ааттанна. Кини – Ыччат палаататын физическэй култуураҕа, спортка уонна патриотическай иитиигэ сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ.
Мунньаҕы Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов салайан ыытта. Василий Иванов атын үлэҕэ барар быһаарыыта ылылынна, палаата чилиэннэрэ саҥа бэрэссэдээтэлинэн Константин Тимофеевы биир санаанан таллылар.
"Икки сыл тухары элбэх тэрээһин ыытылынна. Сотору "1000 дворов" диэн тупсарыы бырайыага олоххо киириэҕэ. Биһиги ити бырайыакка кыттыахпытын уонна дьокутааттар уонна палаата чилиэннэрин икки ардыгар настаабынньыктаһыы күүһүрүөн баҕарабыт", – диэтэ Константин Тимофеев.
Альберт Семенов кэс тыллары эттэ, саҥа бэрэссэдээтэл куорат уокуругар баар ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытта ыкса алтыһыан, нормативнай-быраап аакталарын уопсастыбаннай экспертизатын ыытыан, ыччат политикатын эйгэтигэр бэйэтин этиилэрин киллэрэрэ наадатын бэлиэтээтэ. Итини таһынан, палаатаҕа ыччат быраабын уонна интириэстэрин көмүскүүргэ, дьарыктаах буолалларын ситиһэргэ улахан эппиэтинэс сүктэриллэр.