19.02.2020 | 13:13

Константин Мохначевскай: “Киһи эрэ барыта тапталга түбэспэт”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппытын билиһиннэрэр улахан наадата да суох курдук. Кинини сахалыы ырыаны таптааччылар бары билэргит буолуо. Ордук “Эйиэхэ» диэн ырыатынан киэҥник биллибитэ. “Эйиэхэ” күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэккэ ылланар.

Контантин Мохначевскайы кытта кини айар үлэтин, тус олоҕун уонна, биллэн турар, дьылҕа, таптал уонна дьол туһунан кэпсэттибит.

Константин Константинович Мохначевскай 1956 сыллаахха Чурапчыга төрөөбүтэ. СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт.

СҮҮРБЭ СЫЛ ЭЛЭС ГЫННА

1985 с. Чурапчы Чыаппаратыгар Бахсы орто оскуолатыгар завхоһунан үлэлии сырыттахпына, Иннокентий Наумович Левин биһиги оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлии кэлбитэ.

Кини оччолорго хоһоон кинигэлэрдээх этэ. Оттон мин 1983 сылтан ырыа суруйарга холонорум. Ол иһин мин киниэхэ ырыаларбын иһитиннэрэр этим уонна, көрдөһөммүн, «Дьүрүһүй, хомуһум” диэн ырыам тылын суруйтарбытым. Ол ырыам 1986 с. Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт «Песня молодых исполнителей - 1986” Илин Эҥэр оройуоннар күрэхтэригэр бастаабыта. Ырыаны бэйэм толорбутум. Онтон сайыныгар Нерюнгри куоракка тиийэр буоллум, “Стальные рельсы АЯМа” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга. Дьэ, манна бааллар этэ маанылаах куоластар, талааннаах дьоннор. Аны оройуоммутуттан Саха сирин мелодистарын, композитордарын уонна поэттарын түсмүүлэригэр кытыннара ыыппыттара.

Ол сайыныгар оскуолабыт эр дьон учууталларын күүһүнэн, атын биригээдэ көмөтө суох, учууталларга түөрт кыбартыыралаах дьиэ тутуутун саҕалаан, күһүн сэтинньигэ үлэҕэ киллэрбиппит. Онно үлэлии сылдьан, өрөбүл ылан, биир күн тыраахтарга үөрэтэр учуутал Сивцев Николай Егорович “Москвич” массыынатынан биэс буолан куоракка айаннаабыппыт.

Баран иһэн, Иннокентий Наумович: “Көннөрү олоруохтааҕар, бу хоһооннорбун көр эрэ, баҕар, ырыа тылын булаайаххыный”, - диэн блокнотун биэрбитэ. Харандааһынан суруллубут блокнот лиистэригэр бииртэн биир хоhоон, бары да ырыа буолуох курдук үтүөкэн айымньылар аһыллан испиттэрэ. Оннук арыйбахтаан иһэн, испэр киҥинэйэн, «Дөлүһүөн сибэккитэ” диэн хоhooҥҥо матыыбым сөп түбэстэ. Дьоммор тута ыллаан иһитиннэрдим. Хайҕаан өрүкүнүстүлэр. Онно даҕаспытынан, аны «Эйиэхэ” диэн хоһооҥҥо хараҕым хатана түстэ. Адаьас сымыйанан эппит курдук, аһылла иһэр буолан, тута матыып сыһыаран ыллаабытынан бардым. Улахан сорунуу суоҕа, ити итинэн хаалбыта...

Дьэ, куоракка киирэн куүлэйдээн, дойдубутугар кэлэн, салгыы тутуубутугар үлэлии сылдьан Иннокентий Наумович сынньалаҥҥа: “Хаа, били үнүр ыллаабыт хоһоонноруҥ матыыбын өйдүүгүн дуо?» - диэн эмиэ блокнотун уунна...

Ырыа буолуох быаларыгар, аахтаҕым аайы мелодиям киирэн истэ. Хohooнун тылын сурунан, дьиэбэр тиийэн гитарабын ылан, дьэ оонньоон, ыллаан-туойан бардым. Ити икки “игирэ” ырыаларым ол курдук кэбэҕэстик төрөөн тураллар.

Онтон субу-субу кэнсиэрдэргэ ыҥыралларын ыарырҕатан, саатахха, “кыра, элбэх оҕолоох киһи, үлэлээбэтэхпинэ, ким дьоммун иитиэй?...” диэн ыллыыртан аккастанан, устунан тохтоон хаалбытым.

Ол курдук сүүрбэ сыл элэс гыммыта. Оҕолорбут улааттылар, кинилэри батыһан куорат диэки киирдибит. Ити 2005 сыл күһүнэ этэ. Айылҕа барахсан саамай күлүмүрдүү турар кэмэ буоллаҕа, хаар түһэн эрэрэ. Түптээх үлэ буолбатым, үлэ суох, көстүбэт. Ити курдук дойдубар бара-кэлэ, биир сылым ааһан хаалла.

БАҔАР ХАҺАН ЭМИТ ХОЛБУОХТАРА

Оннук сырыттахпына биир дойдулааҕым, күтүөтүм, убай доҕорум Виктор Иванович Хон булан : “Дьиэбэр кэлэ сырыт эрэ”,  -диэн ыҥыран ылла.

Бииктэр хоһоон суруйарга холоно сылдьар эбит. Убайын Вячеслав Иванович кинигэтин бэлэх биэрдэ. Вячеслав Хон – биллэр поэт. Итиннэ бэйэтин хоһооннорун көрдөрдө: “Урут ырыа суруйар, ыллыр этиҥ дии, ырыаларган иһитиннэр эрэ», - диэн көрдөстө. Мин тугу улаханнык көрдөһүннэриэхпиний? Гитараҕа доҕуһуоллаан, ырыаларбын хайдах баарынан биир-биир ыллаабытынан бардым, тугу өйдүүрбүнэн.

Арай биир ырыабын, Иннокентий Левин тылыгар «Эйиэхэ” диэни, икки эрэ күппүлүөтүн өйдүүр эбиппин. Онтум табыллан соҕус ылланна. Дьэ, мин Виктор Ивановичтан көрдөһүүлээх киһи буолан биэрдим. “Хайдах да үс күппүлүөт буоллаҕына табыллыыһы, үһүс күппүлүөтүн суруй”, -  диэн.

Виктор Иванович маҥнай буолуммата, кыккыраччы аккаас. “Улахан бэйиэт суруйбутун ыарырҕатабын”, - диэтэ. Ол эрэн көрдөһүүбүн ылынан, сарсыныгар: «Маннык буоллаҕына хайдаҕый, ыллаан көр”, – диэн биэрдэ. Гитарабын биир-биир охсон, ыллаатым. Сатанна. Аны киһим: «Бу ырыаҕа фонограмма оҥорторуохха, мин төлөһүөм, өйүөм, эн кытаат”, - диэтэ. Сотору ылыммытын ыһыктыбат уол оҕото фонограмма оҥорооччуну булбут. «Ырыаҕын студияҕа тиийэн биэр”, - диир. Мин үөрүүнэн ойуу...

Онон ырыабыт музыката бэрт кудуххайдык суруллан хаалла. Ону, омун-төлөн дьикти этэ, нөҥүө күнүгэр ыла охсон, аҕыйах хонук үөрэппитэ буолаат, аны студияҕа ырыабын уһултара бардым. Ити  2006 сыллаахха этэ.

Ол уһултарбыт ырыабын, табылыннын-табыллыбатын, “Виктория” араадьыйа долгунугар биэрэр дьон буолан биэрдибит. “Баҕар, хаhан эмит холбуохтара...” диэн эр санаалаахпын. Арай ырыабыт дөрүн-дөрүн тыаһыыр буолан барда. Дьон-сэргэ тохтоло суох сакаастыыр дьыалата буолла. Онтон Виктор Иванович: “Дьон көрдөһөн, күн аайы кэриэтэ иһиллэр буолбут, арыт иккитэ-үстэ биэрэр буолбуттар”, – диэн бэрт үөрүүлээх солуннаах кэпсээтэ.

ЫЛЛЫК ДУОРАҺЫЙДА

Онтон “Этигэн хомус-2007” күрэххэ “Сыл бастыҥ ырыата” тосхолугар кытынным. Сааһым лоп курдук биэс уонум. Ити сыл бастакы “Эйиэхэ” диэн ааттаах альбоммун таһаардым. Бу ырыам билигин 32 сааһын туолла. Диискэм биэс сүүс ахсаанынан таҕыста уонна сибиэһэй килиэп курдук былдьаһыгынан бүтэн хаалла. Онтон Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дьиэтигэр бэйэм кэнсиэрим буолла. Сотору-сотору каассаттан: «Хайа, билиэппит хайаста, барыах курдук дуо?» - диэн сурас да сурас. «Билиэт аҥаара да бапаккаа турар”, – диэн кассыыр санаабын түһэрэр. Онтон дьэ кэнсиэрим буолар күнэ үүннэ, мин дьолбор, ааҥҥа баппат элбэх киһи тоҕуоруһан кэллэ. Биир да миэстэ суох. Сорох дьоҥҥо эбии олоппос булан олортулар. Аны туран, биир дойдулааҕым билиэт бүтэн сыана кэтэҕэр баар буола түстэ. Дьэ, кэнсиэрдиир диэн уонна дьон махталын ылыы диэн тугун биллим.

ИЙЭ КУТУМ ИЭЙИИТЭ

2012 с. СӨ Ырыа айааччыларын сойууһугар ылаллар. 2015 с. култуура министиэристибэтин “За вклад в развитие народного художественного творчества”  наҕараадатыгар түһэрбиттэрэ. 2017 с. СӨ култууратын туйгуна буолбутум. Барыта үс сыл Өксөкүлээх киинигэр, биир сыл «Сэргэлээх уоттара”, алта төгүл «Үс Хатыҥҥа” Туймаада ыһыаҕар бэйэм кэнсиэртэрбин истээччилэрбэр бэлэхтээбитим.

2016 с. ийэ кутум иэйиитэ диэн диискэм 300 ахсаанынан тахсыбыта. Онтон “Иһит, ыллас, Ийэ кутум иэйиитин” диэн ырыанньыктаах толору компакт диискэм суруллан күн сирин көрбүтэ. Ити барыта кудуххайдык тарҕанан бүппүтэ.

Аны, урукку ырыаларбын сөргүтэн уонна Омук Уола уонча хоһоонугар ырыа суруйан, онно өссө эбэн, атын хоһоонньуттар тылларыгар ырыа суруйан, ырыанньыктаах альбомнаахпын.

Дьэ, итиннэ миигин, ырыаттан тэйбитэ сүүрбэ сыл буолбут киһини биэс уон сааспар ырыа эйгэтигэр эргитэн киллэрбит аҕа доҕорбор, биир дойдулаахпар  - Виктор Иванович Хоҥҥо – Омук Уолугар барҕа махталбын уунабын.

ТАПТАЛ УОННА МУЗА

Аттыбар баар дьонум, тулаалыр эйгэм, тыынар салгыным миэхэ иэйиилэрим буолаллар. Саамай аттыбар баар, ханнык баҕарар бириэмэҕэ миигин өйдүүр, өйүүр киһим Степанидам – мин Музам. Олоҕум аргыһын уопсайа 4 хоһоонугар ырыа суруйдум. Киһи олоҕун дьоло кыра-кыра дьоллоох түгэннэртэн таҥыллар буоллаҕа. Оттон оннук көрдөххө, мин дьоллоох киһибин, дьоллоох олоҕу олордум. Бачча сааспар кэллим, кэмигэр ыал буолбутум, оҕоломмутум, дьиэлэммитим-уоттаммытым. Киһи эрэ барыта тапталга түбэспэт. Ону эмиэ таба тутуоххун наада. Тапталы харыстыахха, сыаналыахха, угуттуохха наада. Түгэнинэн туһанан олохпор көрсүбүт, алтыспыт, билсибит дьоммор махталбын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...