02.11.2020 | 09:40

Константин КРИВОШАПКИН: Сахалары төрүт аспыт эрэ быыһыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кубулҕаттаах кулун тутар ыйа көтүтэн аҕалан кутан кэбиспит коронавируһа куотан дуу, туораан дуу биэрбэккэ барыбытын да балыыҥкалаары гынна. Саатар бу ыарыыттан көмүскэнэр эмп-томп айылла илигэ, үрүҥ халааттаах аанньалларбыт уолуйуулара, сутуллубуттар, күн сириттэн күрэммит  ахсаана күн-түүн элбээн иһэрэ дьон-өйүн санаатын ытыйар.

Дьэ, бу үлүгэрдээх дьалхааҥҥа бассаап ситимэр сорох дьон эҥин-араас эриэккэс эрэсиэптэри коронавирустан куотунарга туһаныҥ диэн тарҕаталлара элбээтэ. Холобура, лабыктаны олус бэккэ туһанабыт диэччилэр бааллар. Бэс иннэтин чааныгар тыыныллар эҥин диэн «сүбэлэр» баһаамнар. Бу диэн эттэххэ, оту-маһы да сыыһа-халты туттан доруобуйаны айгыратыахха сөп. Эмп аата эмп, кээмэйин, аналын бутуйар эмиэ да кутталлаах. Арктическай государственнай агротехнологическай университет (АГАТУ) научнай үлэҕэ проректора Константин Кривошапкинтан интервью ыллыбыт.

Константин Константинович – биологическай наука кандидата, өр сылларга ХИФУ биолого-географическай факультетын деканынан, ХИФУ наукаҕа, инновацияҕа проректорынан үлэлээбитэ. ЯГСХА-ҕа ректор Иван Слепцов ыҥырыытынан көспүт. Үрдүк сололоох учуонайбыт манных саҥалаах-иҥэлээх буолла:

-Элбэх билэр дьонум коронавирустан суорума суолламмыттара олус хомолтолоох. Ол иһин да буолуо, сыта-тура бу ыарыы туһунан төбөбүн сынньабын.  Уопсайынан хайа баҕарар ыарыыга иммунитета мөлтөх дьон ордук хаптарар. Онтон биһиги иммунитеппыт тугу аһыырбытыттан-сиирбититтэн быһаччы тутулуктаах. Биһиги өбүгэлэрбит сүрдээх тыйыс, тымныы дойдуну баһылыылларыгар астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын сөпкө дьаһанан  21 үйэҕэ үктэнэн олордохпут. Аан дойду үрдүнэн элбэх ыарыы, эпидемия тура сылдьыбыта биллэр. Сахалар ону барытын, төһө да аҕыйах ахсааннаахпыт иһин, сүтэн-симэлийэн хаалбакка, имири эстибэккэ син туораан кэллэхпит.

Билиҥҥи ыарыыттан куттанарым диэн – сахалар төрүт аспытыттан аккаастанан иммунитеппытын мөлтөппүт кэммитигэр кэллэ. Монголлар бэйэлэрин төрүт астарын тута сылдьар буолан коронавируска улаханнык  оҕустарбакка олороллор. Үс мөлүйүөнтэн тахса киһиттэн  300-чэкэ киһи эрэ дьаҥҥа сутулунна, ыалдьыбыттар үтүөрэн иһэллэр, биир да өлүү суох. Бу монголлар төрүт астарыттан аһаан олороллоруттан тахсар.  Тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, Монголияҕа уопсайа 70 мөл. сүөһү (сылгы, ынах, хой) иитэр эбит буоллахтарына, Саха сиригэр барыта холбоон 645 тыһыынча эрэ сүөһү баар, онтон — 237 тыһ. ынах, 249 тыһ. сылгы, 159 тыһ. таба. Саха аһа, бары билэрбит курдук, эт, үүт, балык. Ол гынан баран былыргы сахалар бу астары хайдах ньыманнан, доруобуйаҕа, эккэ-сииҥҥэ туһалаах буоларын курдук, оҥостон сииллэрин биһиги умнан эрэбит.

ТАР

Былыр үүтү сибиэһэйдии эрэ испэккэ, аһытан суорат, тар эмиэ оҥороллоро. Суорат диэни бары билэбит. Онтон тар диэн хайдах оҥоһуллар эбитий? Хатыҥ туоһунан холлоҕос (бочка) оҥорон сиргэ көмөллөр, онно үүттэрин сайыны быһа 2-3 ый мунньан аһыталлар. Мантыларыгар кэлэ-бара эт, балык тобоҕун, уҥуоҕун, араас оттору быраҕа сылдьаллар эбит. Бактерия бөҕө үөскүүр, сыта-сымара амырыын… ол эрэн амтана, нууччалыы этэххэ, «божественная еда» буолар эбит. Бу тардарын тоҥорон баран кыһыннары көйөн сииллэр. Бу ньымабыт «ферментативная кухня» диэн ааттаах. Сиикэй эт, балык аһыйбыт үүккэ суураллан битэмииннэрэ, минераллара элбээн (холобур, кальций) киһи организма ылынарыгар судургу буолан, доруобуйаҕа ордук туһалааҕын аныгы учуонайдар билиннилэр. Тас дойдуларга маннык аһы астыыр анал рестораннар үөскээн эрэллэр, натураалынай бородууктаттан өр кэм оҥоһуллар аһылык сыаната үрдүгэ сэрэйиллэр. Арассыыйа сайда илик буолан биһиги дойдубутугар маннык рестораннар мээнэ суохтар, арай Москваҕа биир-икки устуука баара иһиллэр.

СЫМА

Сыма – өрүс, күөл балыгын (собону, мундуну уо.д.а.) эмиэ сиикэйдии биир-икки ый холлоҕоско хаһааналлар. Хааһы курдук биир маасса буолар, сыта-сымара дьаабы, ол эрэн амтана – олус бэрт. Кальцийынан, фосфорунан, Д, Е битэмииннэринэн баай буолар. Оруобуна маннык ньыманнан селедкаттан оҥоһуллубут «сюрстремминг» диэн шведтэр национальнай бүлүүдэлээхтэр. Онтуларын өссө кэнсиэрбэлээн тас дойдуга экспортыыллар.

ЭТ

Эккэ С битэмиин элбэх, бу битэмиин киһи организмыгар суох, аспытынан эрэ киирэр. Былыр муораҕа устар моряктар, пираттар аҥардас балыгынан эрэ аһаан, бу битэмииннэрэ тиийбэккэ цинга ыарыытыгар ыллараллара. Ханнык баҕарар битэмиини буһардахха, оргуттахха үрэллэн хаалар, онон С битэмииммитин элбэтэр туһуттан эти (убаһа этин эрэ буолбакка, бэйэ сүөһүтүн этин эмиэ) сиикэйдии сиир оруннаах. Атын дойдуларга холоотоххо экологиябыт ыраас, онон бэйэбит сүөһүбүт этин сиикэйдии сиэххэ сөп. Сэрэхэчийэр дьоҥҥо этиэм этэ, -30, -40 кыраадыска тоҥоруллубут эккэ туох да бактерия, инфекция хаалбат.

Кэлиҥҥи кэмҥэ омук дойдуларыгар “ТарТар” диэн сиикэй эттэн оҥоһуллубут салаат муодаҕа киирэн эрэр, эмиэ сыаната дьикти. Онтон стейк (сүүрүҥүй эт) диэни омук киинэлэригэр рестораҥҥа сакаастаан минньигэс баҕайытык мотуйалларын бары да көрө сылдьар буолуохтааххыт. Онон былыргы сахалар олус сөпкө аһаан-сиэн олорбуттар эбит диэн этиэххэ наада.

БАЛЫК

Онтон Д битэмиин балыкпытыгар элбэх, киһи организмыгар күн уотун көмөтүнэн үөскүүр. Хомойуох иһин уһук хоту олорор дьоҥҥо күн мэлдьи баар буолбатах. Онон тоҥ балыкпытын туохха да биэрбэппит. Эбиитин муора балыктарын рациоммутугар киллэрдэхпитинэ өссө үчүгэй. Треска диэн муора саамай битэмииннээх балыга биһиги сыалыһарбыт быарын кытары тэҥ дьайыылаах. Онон муора балыгын сыанаҕыргатар дьон сыалыһардаан сиэхтэрин сөп. Д битэмиин балыктан ураты сүөһү арыытыгар, сүөгэйгэ уонна балык хоргунугар (рыбий жир) баар. Сэбиэскэй саҕана оҕолорго балык хоргунун хайаан да иһэрдиллэр этэ. Билигин да аптекаҕа баар, сыаната удамыр. Ол онно Д битэмиинтэн ураты омега-3, омега-6 диэн киһиэхэ олус туһалаах кислотаалар бааллар.

СЫА

Е битэмиин диэн ууга суураллыбакка, арыыга эрэ суураллар муокас соҕус битэмиин баар. Киһиэхэ аһынан эрэ киирэр, ол киирэн организыммытын эдэр оҥорор, шлактарбытын таһаарар. Сыаны сиэбэт киһиэхэ суураллыбат. Бу битэмииммитин элбэтиэхпитин баҕарар буоллахпытына, ыраастамматах мас арыытын, балыгы, быары, ынах арыытын, эриэхэлэри, үүтү, сүөгэйи, эмис убаһа этин, куһу, куобаҕы сиэхтээхпит. Мантыбыт саҥа үүнэн эрэр сэлиэһинэй окко эмиэ баар. Өбүгэлэрбит ыт, саһыл, эһэ сыатын уулларан тыҥаларын эмтэнэр этилэр. Хоргун тыҥаҕа киирэн өлбүт клеткалары саҥардар. Сөтөл киирдэҕинэ, күөмэй ыарыйдаҕына сарсыарда аайы биирдии кыра ньуосканан иһэ сырыттахха олус туһалаах, эбиитин таһынан соттуохха сөп.

ЧЭЙ

Саамай элбэх дьааты чэйи кытары иһэ олоробут. Чэйи субтропик үлүгэр үөннээх-көйүүрдээх дойдутугар мөлүйүөнүнэн гектардаах сиргэ ыһаллар. Үчүгэйдик үүннүн диэн пестицид, сыыс от ыспатын диэн гербицид, үөн ыспатын диэн инсектицид диэн дьааттары үгүөрүтүк тутталлар. Былыргы сахалар тугу чэй гынан иһэр эбиттэрий? Чаакы (чага) – хатыҥ тэллэйин, кучу (кипрей узколистный), бэс, тиит сутукатын (заболонь) оргутан иһэллэр эбит. Чаакыттан медиктэр онкологияны утары эмп оҥорон эрэллэр. Сутука диэн мас хатырыгын кэннэ кэлэр араҥа, хаан эргиирин тупсарар, каппилярдары бөҕөргөтөр, иммунитеты күүһүрдэр. Холобур, тыҥа тымырдартан турар, онон капиллярдарбыт бөҕөргөөтөхтөрүнэ тыҥабыт, уопсайынан эппит-сииммит барыта чөллөрүйэр.

РЯСКА ҮҮНЭЭЙИ

Күөл үрдүгэр үүнэр күөх үүнээйи баар —  ряска. Бу олус туһалаах от, маны хомуйан хатаран эмп оҥостоллор эбит. Мантыбыт туохха туһалыыр диир буоллахха, биһиэхэ, сахаларга хас да ый күнү көрбөт дьоҥҥо, йодпут тиийбэт. Йод тиийбэтиттэн киһи төбөтө ыалдьар, өйө мөлтүүр, сэниэтэ суох буолар, обмен веществ бытаарар, оҕо үөскүүрэ мөлтүүр. Рясканы кууруссаҕа, ынахха, сибиинньэҕэ сиэттэххэ йодунан баай идэһэлэниэххэ сөп. Йоду атыннык муора хаппыыстатын (морская капуста), клюкваны, собону, тресканы сиэн киллэриниэххэ сөп.

САХАЛАР КИЛИЭПТЭРЭ

Унньуула, эбэтэр күөл аһа (сусак зонтичный) диэн күөл кытыытыгар үүнэр от сиппитин кэннэ силиһин (силиргэҕин) хомуйан бурдук мэлийэн сылаас үүтү кытары булкуйан сииллэр эбит. Бу силиргэхпит 60% крахмалтан, 14% сыаттан, 4% белоктан турар, сүрдээх тотоойу буолан, сут дьылларга элбэх киһини хоргуйууттан быыһаан научнай литератураҕа “хлеб якутов” диэнинэн биллэр. Ис, куртах, оһоҕос язваларыттан, баастарыттан, астаах сөтөлтөн, тыҥа ыарытыттан, сэниэ суоҕуттан эмтиир. Официальнай медицина билинэ илик, сахалар бэйэбит былыр-былыргаттан эмтэнэр оппут.

КУОМА ЧААСКЫН ОТО

Өссө биир официальнай медицина билинэ илик, ол эрэн норуокка «Куома Чааскын ото» диэн, нуччалыыта “Вероника серая”, “Вероника седая” диэн. Кураанах, истиэптиҥи сиргэ үүнэр. Оҕонньор маҥан туртайбыт баттаҕар майгынныыр курдук сэбирдэхтээх, ол иһин сахалыы иккис аата «Оҕонньор ото» диэн. Бу оппут воспалительнай процеһы тохтотор, иммунитеты бөҕөргөтөр, шлактары таһаарар.  Мээнэҕэ Куома Чааскын ото диэн ааттамматах буолуохтаах, биллиилээх эмчиппит бу отунан элбэх киһини эмтээбитэ.

ЛАБЫКТА

Официальнай медицинаҕа лабыкта икки көрүҥэ киирбитэ – «цетрария исландская» — сиргэ үүнэр уонна «уснея длиннейшая», эбэтэр «уснея бородатая» — мас лабаатыгар үүнэр. Бу лабыкталар кырдьык эмтээхтэр, ол гынан баран медицинаҕа бу лабыкталары бэйэлэрин буолбакка, кинилэртэн ылыллыбыт веществолары туһаналлар. Интернетка биһиги дьоммут «сиибит» диэн кэпсиир лабыкталара, мин көрдөхпүнэ, эверния диэн ааттаах отой атын лабыкта. Уопсайынан, лабыкта тэллэйтэн уонна салахайтан (водоросль) турар, сылга биир, икки эрэ миллиметр үүнэр. Онон ити биһиги дьоммут ботуччу тутан турар лабыкталара сүүһүнэн сыл төһөлөөх радиацияны бэйэтигэр иҥэриммитин ким да билбэт. Лабыкта радиацияны күүскэ иҥэринэр, онон инник сиэбит дьон радиацияҕа ис өттүттэн сутуйуллаллар, ол тастан облучения ылардааҕар ордук кутталлаах. Онон бу дьону батыһар оруна суох диэн сэрэтиэхпин баҕарабын.

ҮРҮҤ КӨМҮС

Аан дойдуга сахалар дьахтары саамай киэргэппит, симээбит омугунан биллэбит. Элбэх норуоттары кэтээн көрдүм, үөрэттим даҕаны, сахалар курдук үрүҥ көмүһүнэн дьахтары симээбит омук суох. Бу эмиэ мээнэҕэ буолбатах, үрүҥ көмүс киһи доруобуйатыгар суолтата сүрдээх улахан. Аптекаҕа «Коллоидное серебро» диэн эмп атыыланар, мантыбыт киһи организмыгар киирэн бактериялары, микробтары өлөрөр антимикробнай дьайыылаах, айылҕаттан бэриллибит антибиотигынан билиниэххэ сөп. Баас, үүт кээһээнии, алдьаныы оһоругар сүрдээҕин туһалаах. Бэл кэтэ сырыттахха үрүҥ көмүс молекулалара тирии нөҥүө хааҥҥа киирэннэр хаан сүүрэр тымырдарын кэҥэтэллэр, токсины, шлагы таһаараллар, инфекцияны, микробу утары охсуһаллар. Коллагена тиийбэт киһи сирэйин тириитэ эрдэ мыччыстар, сааһырбыт көрүҥнээх буолар. Ол иһин кэнники кэмнэргэ косметологияҕа серебряные нити диэни туһанар буолан эрэллэр – үрүҥ көмүс саптары сирэйдэригэр киллэрэн коллаген элбэтэллэр. Онон, күндү сахабыт дьоно, өбүгэлэрбит астара, өбүгэлэрбит киэргэллэрэ мээнэҕэ буолбатахтар. Кинилэр сүүһүнэн сылларынан кэтээн көрөн бэйэлэригэр туһаммыт маллара-саллара, сиэбит-аһаабыт астара эһиэхэ эмиэ туһаны аҕаллын диэн алҕаан туран бэйэм санаабын үллэстэбин.

***

Кэпсэттэ Анжелика МОТОСОВА,

Источник: Aartyk.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...