Кондиционердардаах тохтобуллар – сайдыы биир көрүҥэ

Кэнники кэмҥэ куораппыт нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоларыгар болҕомто биллэрдик ууруллар. Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бэс ыйын 10 күнүгэр Ленин проспегар баар тохтобулга кондиционердары туруорарга сорудахтаата.
«Куорат олохтоохторуттан куйаас күн-дьыл турар кэмигэр сабыылаах тохтобулларга кондиционердары ыйыыр туһунан этиилэр киирэллэр. Бу нэдиэлэҕэ проспекка боруобалаан көрүөхпүт. Онуоха тохтобул иһигэр санитарнай туругу бастайааннай хонтуруолга тутуохха наада», - диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Манна даҕатан эттэххэ, маннык хабааннаах тохтобуллар Уһук Илин хас даҕаны куоратыгар үлэлииллэр, онон бу сөптөөх хамсааһын салгыы элбииригэр баҕарыаҕыҥ.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


