28.07.2022 | 09:14

Кондиционер туохха нааданый?

(Итииттэн быыһаныы эбэтэр доруобуйаны энчирэтии)
Кондиционер туохха нааданый?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Өҥүрүк куйаас сатыылаатаҕына дьону икки көрүҥҥэ араарыахха сөп: куйааһы олох тулуйбат уонна холкутук тулуйар.

Куйаас күннэр ордук куорат олохтоохторугар ыарахаттар, тоҕо диэтэххэ асфальт уонна таас дьиэлэр күҥҥэ итийэ-итийэ, бэйэлэрэ итии сыралҕаннарын быыстала суох таһаара тураллар. Онон дьиэ, офис иһигэр саамай абыраллаах тэрилинэн кондиционер буола түһэр.

Кондиционер туһунан сымыйа сурахтар

Сайын кондиционер эрэ баар буолан быыһанар дьону сэргэ, бу тэрилгэ үрдэрэртэн куттанар, сайыҥҥы ыарыы биричиинэтинэн тымныынан үрэр кондиционеры ааттыыр дьон бааллар. Кондиционер туһатын уонна буортутун туһунан төһө оруннаах өйдөбүллэр тарҕаммыттарын ырытан көрүөҕүҥ:

1. “Кондиционер – тумуу, тымныйыы төрүөтэ”

“Дьиҥэ, оннук буолбатах. Бастататан туран, ханнык баҕарар тумуу уонна күөмэй ыарыыта – вирустарынан тарҕанар ыарыылар, дьиэ уонна офис салгынын температурата манна оруолу оонньообот. Вирустарга биһиги ыалдьа сылдьар дьонтон эрэ сыстабыт”, - диэн инфекционист-быраас Н.И. Слепцова кэпсиир.

Тыҥа сүһүрүүтэ улахан тымныйыы кэнниттэн буолуон сөп. Күн устата тымныы салгынынан үрэр кондиционер анныгар олорон, биллэн турар, тымныйыахха сөп. Ол эрэн ардахха баттатан эбэтэр тыалга үрдэрэн эмиэ сыыстарыахха сөп.

Кондиционер үрэр салгынын температуратын бэйэбит талан туруорабыт. Эмчиттэр этэллэринэн, саамай табыгастаах уонна киһи доруобуйатыгар туох да буортута суох температуранан 22-24 кыраадыс буолар. Олох аһара куйаас эрэ күннэргэ 20 кыраадыска туруоран үрдэриэххэ сөп.

2. “Кондиционертан тахсар фреон – дьаат”

“Фреон диэн хас биирдии ыалга баар холодильнигы үлэлэтэр эттик. Оннук күүстээх буортулааҕа эбитэ буоллар, хладагент быһыытынан маннык киэҥник туһаныллыа суохтаах этэ. Фреон буортута икки түгэҥҥэ үөскүүр: фреоннаах баллону кыра хос иһигэр арыйдахха, салгыны барытын “ыган таһаарар” буолан; умайа турар аһаҕас уокка ыстахха – дьааттаах фосген диэн эттик таһаарарыннан. Онон күннээҕи олоххо маннык түгэннэр мээнэ тахсыбаттар, ол иһин фреон туох да буортуну аҕалбат”, – диэн “СахаКлимат” кондиционердары уонна тымнытар тэриллэринэн эргинэр хампаанньа специалистара кэпсииллэр.

3. “Кондиционер салгыҥҥа микробтары уонна вирустары тарҕатар”

Кондиционер тымныынан үрэригэр салгыны куурдан таһаарар. Бу тэрил иһигэр фильтрдар бааллар, ону кэмиттэн кэмигэр ыраастаныллыахтаах – туох баар кири, быылы барытын хаайан тураллар. Икки нэдиэлэ буола-буола бу фильтрдары уһулан уунан суйуллуохтаах. Кондиционер холбонон турбутун да иһин, түннүгү, ааны аһан, дьиэни салгылатыллыахтаах.

Микробу тарҕатар диир эмиэ оруна суох. Тоҕо диэтэххэ, микроб салгын хамсаабат, сииктээх сиргэ үөскүүр уонна ууһуур. Аныгы кондиционердар истэригэр рекуператор диэни туруораллар, ол аата кондиционер оборор салгына уонна үрэр салгына харсыспаттар. Ол иһин кондиционер салгыны түүнүктэн, вирустартан ыраастыыр диэххэ сөп.

Дьокуускайга кондиционер уонна тымныынан үрэр сплит-система сыаната 12999 солк. саҕаланар. Көһө сылдьар көлүөһэлээх кондиционердар 12000 солк. тахсалар.

Дьоҕус мини-кондиционердары 5000 солк. саҕалаан атыылаһыахха сөп.

Автокондиционер саппыраапката 2000 солк. кэриҥэ.

Туһаныы быраабылалара

Гигиенист быраастар этэллэринэн, кондиционер дьиэ иһинээҕи салгын 30-40 бырыһыанын куурдар, ол, биллэн турар, киһи доруобуйатыгар мөкү сабыдыаллаах.

Кондиционер холбоноругар салгына дьоҥҥо туһаайыллыа суохтаах. Утары эбэтэр кэннигиттэн үрэрэ буортулаах. Анал “щит” ылан эбии ыйаан, салгын хайысхатын уларытан биэриэххэ сөп.

Кондиционер быылы бэркэ оборон ылар. Уонна салгыҥҥа төттөрү-таары хачайдаабат, иһигэр мунньар. Ону хайаан да ыраастыахха наада.

Салгын аһара куурар түгэнигэр, биһиги тыынар уорганнарбыт куура хаталлар, онтон ыалдьаллар. Салгын кураанаҕыттан хааҥҥа кислород киирэрэ мөлтүүр, ол түмүгэр наар сылайбыт курдук, утуйуох санааҕыт кэлэ сылдьар буолан хаалар. Салгыҥҥа сиик тиийбэтин өссө дьиэтээҕи сибэккилэр тута биллэриэхтэрэ – кууран-хатан барыахтара.

Массыынаҕа төһө туһалааҕый?

Массыынаҕа кондиционер суох буоллаҕына, суол саахалыгар да түбэһиэххэ сөп диэн экспертэр этэллэр. Онон билигин салгыны тымнытар тэрил байылыат олох туоһута буолбакка, тимир көлө иһигэр булгуччу наадалаах тэрил буолла. Германия автопромышленнаһын специалистара үөрэтэн көрбүттэринэн, массыына иһигэр салгын температурата 32 кыраадыска тиийдэҕинэ, суол саахала тахсара 15 бырыһыанынан эбиллэ түһэр, оттон 37 кыраадыска – 35 бырыһыан улаатар эбит.

Ол эрэн массыына кондиционера бэйэтэ туспа уратылардаах. Холобур, таһырдьа 40 кыраадыс сылаас буоллаҕына, 20 кыраадыстаах массыынаҕа киирэн олоруу организмҥа улахан стресс. Ол түмүгэр иммунитет мөлтөөн, ангина, фарингит, ларингит, тонзиллит уонна бронхит буолуохХа сөп. Ону ааһан фильтра кэмигэр уларыйбатаҕына, микроб тарҕатар тэрил буолан хаалар.

Үгүс суоппардар бэлиэтииллэринэн, кондиционердаах массыынаҕа өр олордоххо, харах аһыйар, ол аата кондиционер үрэр микробтара бастаан хараҕы сүһүрдэллэр. Салҕыы коньюктивит буолар.

Кондиционер холбуох иннинэ массыына иһин 2-3 мүнүүтэ салгылатыллыахтаах. Бу массыына иһигэр мунньустар бензолы ыраастыырга тоҕоостоох.

Массыына түннүгүн сабан, 24 чаас устата күлүккэ туруордахха, бензол 800 мг тиийэр.

Бензол – токсичнай эттик, быары, бүөрү, тыҥаны сүһүрдэр. Организмтан таһаарар олус уустук.

 

Күн сыралҕаныгар туруоруллубут массыына иһигэр бензол 4000 мг тиийиэн сөп. Салгылаппакка эрэ кондиционер холбоон кэбистэххэ, бензоллаах салгын киһи тыҥатыгар киирэр.

Массыынаҕа кондиционеры холбонуу быраабылалара:

1. Кондиционеры тута кыра температураҕа холбоомоҥ. Сыыйа-баайа кыраадыһын түһэрэн иһиҥ. Холобур, бастаан 26 кыраадыстан саҕалаан баран, уонча мүнүүтэнэн 20 диэри түһэриэххэ сөп.

2. Таһырдьа 35 кыраадыс итиигэ массыына салонун иһигэр 26-27 кыраадыс буолара ордук. Онтон аллараа гыннахха, ыалдьыахха сөп. Уопуттаах суоппардар, сакаалкаламмыт иммунитеттаах эрэ дьон тымныы салоҥҥа ыалдьыбакка олорор кыахтаахтар.

3. Кондиционер холбонон баран айанныырга, массыына түннүгүн арыйыллыбат. Кондиционер үрэр салгынын сирэйгэ тыктарар сыыһа.

4. Фильтрын уонна радиаторын кэмиттэн-кэмигэр ыраастаныллыахтаах. Автокондиционер 2 сылга биирдэ бэрэбиэркэлэниэхтээх, саппыраапкаланыахтаах.

5. Автокондиционеры кыһыҥҥы кэмҥэ бэрэбиэркэлиир,  анал кииннэргэ көрдөрөр ордук. Маны таһынан, кыһын гарааска туруоран, кэмиттэн кэмигэр 20-чэ мүнүүтэ холбоон ылар ордук.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...