29.10.2021 | 11:20

Комсомол күнүгэр – саҥа документальнай киинэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха АССР оскуолаларын ыраах 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр оҕо, эдэр саастара Комсомол аатын кытта быстыспат ситимнээх.

Ол курдук, 2019-2020 сылларга бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүт ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГА хамсааһыннарын сырдатар документальнай киинэлэрин бастакы түһүмэҕэ лоп-бааччы КОМСОМОЛ күнүгэр таҕыста. Киинэ күн сирин көрөрүгэр Маргарита Степанова (Үөһээ Бүлүү-85), Лилиана Антонова (Бүлүү-85) уонна видеооператор, монтажник Айаал Евдокимов састааптаах айар бөлөх үлэлээбиттэр.

Киинэ ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГЫН идейнэй көҕүлээччи «Ньурба-85» бөлөх өрөспүүбүлүкэ улуустарынан тыһыынчанан үтүө дьыаланы оҥорбут КУБОК хайдах үөскээбитин, туох сыаллаах-соруктаах төрүттэммитин, бастакы үтүө дьыалаларын кэпсииллэриттэн саҕаланар.

Салгыы КУБОГЫ «Үөһээ Бүлүү-85” бөлөххө историческай туттарыы, ол дьоһун түгэҥҥэ Дьокуускайтан анаан-минээн автодесант айана, тэрээһин суолтатын, ис хоһоонун арыйар интервьюлар киирбиттэр. "Үс улуус 85-тэрэ биир күн үтүө дьыаланан - Далырга" диэн ааксыйанан ис хоһоонун өссө чиҥэтэн, арыйан көрдөрбүттэр.

Ол кэннэ “Бүлүү-85”-тэр ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГЫН иитинэн үйэлээх тутуулары ылсан, үөлээннээхтэригэр холобур буолбуттара кэпсэнэр.

Көрөөччүгэ бырайыак бүгүҥҥү ыччакка иитэр-үөрэтэр кылаатын «Выпуск-85» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Алексей Васильев кэпсиирэ ураты суолталаах.

Ол курдук, ҮТҮӨ ДЬЫАЛА КУБОГА бырайыакка үс бастакы улуус хайдах тэриммиттэрин көрөн, ону сайыннаран, КУБОК салгыы Сахабыт сирин бары улуустарынан эргийэн, Саха АССР оскуолаларын 1985 сылга бүтэрбиттэри түмпүтэ, сомоҕолообута, биир тыыннаабыта.

Бүгүн ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан олорор оччотооҕу комсомолецтар эдэрдии эрчимнэрин, хомсомуоллуу төлөннөрүн ыһыктыбаттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...