25.01.2022 | 20:00

Колл-кииҥҥэ күн устата 10 тыһыынча киһи эрийэр

Колл-кииҥҥэ күн устата 10 тыһыынча киһи эрийэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэ бээтинсэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ коронавируһу кытта сибээстээх «122» биир кэлим итии линиятыгар бэйэтин штабын тэрийдэ. Суукка иһигэр диспетчердэргэ 10-ча тыһыынча Саха сирин олохтоохторо эрийэллэрин туһунан «Саха сирэ 24» телеханаалга колл-киин салайааччыта Аида Коростылева иһитиннэрдэ. 
Ити линия үс түһүмэҕинэн үлэлиир: сарсыарда 8.00 чаастан 14.00 диэри, күнүс 14.00 чаастан 20.00 диэри уонна түүн 20.00 чаастан 8.00 диэри (олохтоох бириэмэнэн).
«Ордук элбэх киһи сарсыардааҥы кэмҥэ эрийэр, ол иһин сарсыардааҥы уонна күнүскү сменаҕа 50-нуу киһи үлэлиир. Түүҥҥү өттүгэр дьуһуурунай бөлөх коронавируһу кытта сибээстээх экстреннэй ыҥырыылары кытта үлэлиир, ити эбии 30 диспетчер. 24 чаас иһигэр 130 диспетчер уонча тыһыынча киһини кытта үлэлиир», – диэтэ Аида Коростылева.
Итини таһынан, биир кэлим итии линия диспетчердара Дьокуускай куорат түөрт поликлиникатын колл-кииннэрин кытта бииргэ үлэлииллэр – ыарыһах «122» нүөмэргэ эрийэн атын поликлиниканы кытта холбуулларын курдук көрдөһүөн сөп, оччоҕо, холобур бырааһы ыҥырыы тустаах медицинскай тэрилтэ колл-киинин исписэлииһигэр көһөр. 
«Ити курдук, биһиги уонна поликлиникалар диспетчердарын барыларын аахтахха сибээскэ 105 киһи баар. Кэнники күннэргэ наһаа элбэхтик эрийэллэр, салгыы төгүрүк суукканан үлэлиибит. Диспетчердэрбит эбиэккэ да барбаттар – сменаларын быыһыгар сынньаналлар. Итии линияҕа эппиэти күүтүү ортотунан 60 сөкүүндэҕэ тэҥнэһэр, ол эрэн наһаа элбэх киһи эрийдэҕинэ, холобур, бэнидиэнньик сарсыарда, күүтүү алта мүнүүтэҕэ диэри уһуон сөп», – диэн чуолкайдаата колл-киин салайааччыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...