17.08.2020 | 13:29

Климентий Черемкин: “Сыанаҕа ураты турукка киирэбин”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүргэһи хааһах иһигэр хаайбаккын. Айылҕа биэрбит дьоҕурун сайыннардаххына, кыаххын толору туһаннаххына, олоххо үүнэр-үрдүүр суолу тутуһаҕын. Бүгүн математика учуутала сөбүлүүр дьарыгын ордорон, билигин артыыс буолан олорорун туһунан сэһэргиэхпит.

Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар судаарыстыбаннай театрын артыыһа Климентий Черемкин Муома улууһун Сааһыыр нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини ойор күннээх оҕо сааһа кэрэ айылҕалаах Муомаҕа ааспыта. Дьиэ кэргэнэ култуураны кытта ыкса ситимнээх буолан, Клим ырыа, үҥкүү аргыстаах улааппыта. Ийэтэ оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлиирэ, үҥкүүлүүрэ, “Һээ куо” диэн ансаамбылы тэрийбитэ. Онно уол аҕата эмиэ сылдьыбыта. Эргиччи айар куттаах уон оҕолоох ыалга бары да ыллыыллара, үҥкүүлүүллэрэ.  

– Оҕо сылдьан биир сиргэ олорбот, ханна да баппат мэник этим. Ол иһин аҕам элбэх куруһуокка суруйтарбыта. Бара сатаан иискэ кытта сылдьыбытым. Математиканы олус сөбүлүүрүм. Ыллыырым, волейболунан, чэпчэки атлетиканан дьарыктаммытым. Аҕам үҥкүүттэн туората сатаан эбитэ дуу, спортка сыһыара сатаабыта. Кулууптан тахсыбат этим. Кыттааччы, көрөөччү быһыытынан биир да тэрээһини көтүппэтим. Биһиги учууталлар дьиэ кэргэннэрэ буолабыт. “Династия учителей Момского улуса” кинигэҕэ киирбиппит. Бииргэ төрөөбүттэр үксүбүт учуутал, иитээччи идэтин талбыппыт. Мин култуура өттүнэн барыахпын баҕарбытым эрээри, аҕам бопсубута, – диэн сэһэргиир сэргэх сэһэргэһээччим.

Оскуоланы бүтэрээт, Клим педколледжка математика учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Онтон кэтэхтэн университеты бүтэрбитэ. Дойдутугар оскуолаҕа үлэлээбитэ. Ол тухары Клим сөбүлүүр дьарыгын бырахпатаҕа.

– Биирдэ Муомаҕа “Гулун” ансаамбыл кэлбитэ. Онно сүрэҕим мөҕүл гыммыта, олус долгуйбутум. Бу ансаамбылга хайаан да киирэбин диэн сыал-сорук туруоруммутум.

Ньурбаҕа Олоҥхо ыһыаҕар ыҥырыллан, ансаамбылынан кытта тиийбиттэрэ. Онно аар-саарга аатырбыт “Гулун” ансаамбылы кытта бииргэ тэрээһиннэргэ кыттыбыттара. Салайааччы Любовь Алексеевнаны кытта билсибитэ. Ол сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирбитэ.

Үҥкүү күүс-көмө буолар

– Кыра сылдьан сыанаҕа тахсыбыппын бу баардыы өйдүүбүн. Оччолорго саҥа кулууп тутуллубута. Ол үөрүүлээх аһыллыытыгар үлэ лааҕырыгар сылдьыбыт оҕолор кыттыбыппыт. Ламбада үҥкүүлээбиппит. Бииргэ үөрэнэр кыыспын кытта биһиги паарабыт бүтэһигинэн тахсыбыта. Саамай кыралар этибит. От күөҕэ шортиктаах, дьэрэкээн өҥнөөх, элбэх сурааһыннаах маайкалаах этим. Олус долгуйбутум.

Үҥкүү кэрэ эйгэтин ийэм үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэриммитим. Үлэбинэн дьону кытта билсэбин, сири-дойдуну кэрийэбин. Атын норуоттар култуураларын билсэбин. Санаам түспүт кэмнэригэр, чугас дьоммун сүтэрбит олоҕум ыар күннэригэр үҥкүүм күүс-көмө буолбута. Сыанаҕа тахсан аһарынар этим.

Билигин Култуура коллеһын бүтэрээри сылдьабын. Һээдьэ суолтатын, историятын туһунан дипломнай үлэ суруйа сылдьабын. Эбээн култууратын дьоҥҥо тиэрдиэхпин баҕарабын.

Ийэбит тэҥэ күндү киһибит

– Олохпор холобур оҥостор киһим – биһиэхэ ийэбитин солбуйбут киһибит, эдьиийбит Алена Николаевна. Кыра эрдэхпитинэ, мин балтараалаахпар ийэтэ суох хаалбыппыт. Эдьиийбит биһигини көрбүтэ-харайбыта, киһи-хара оҥорбута. Күндү киһибинэн киэн туттабын. Олох араас охсуутун тулуйбут, этинэн-хаанынан билбит киһи. Кини барыбытын атахпытыгар туруорбута.

Тула өттүбүн таһыччы умнабын

– Хас биирдии айан хатыламмат. Биирдэ уолаттар хара саппыкыларбытын умнан кэбиспиппит. Көрдүү сатаатыбыт да, ханна да суох. Салайааччыбытыгар мөҕүллүөхпүт диэн эппэтибит. Сыанаҕа тахсарбыт чугаһаата. Хайдах гынабыт диэн толкуйга түстүбүт. Хата, барыбытыгар тэҥ хара наскылаах эбиппит. Ону тобукпутугар диэри тардан кэбистибит, чешкабытын кэттибит уонна сыанаҕа таҕыстыбыт. Ким да өйдөөн көрбөтөҕө. “һуу” диэтэхпит дии.

Кореяҕа маннык түгэн буолбута. Үҥкүүлүү сылдьан ураты турукка киирэн хаалабын. Тула өттүбэр туох баарын таһыччы умнабын. Мин, партнерум, үҥкүүм уонна сыана эрэ. Арай харахпын симэ-симэ хамсана-имсэнэ сырыттым. Биирдэ өйдөөбүтүм – сыанаттан охтон түспүппүн. Бастаан мух-мах бардым. Хайыахпыный, нүөмэрбитин түмүктүөххэ наада. Маннык буолуохтааҕын курдук тутуннум уонна үҥкүүлээбиппин тохтоппотум. Партнершам өйдөөтө быһыылаах, эмиэ тугу да биллэрбэтэ. Салайааччыбыт күлэ олорбута. Балаһыанньаттан ол курдук тахсыбыппыт.

Бу саас бэстибээлгэ кыттыбыппыт. Онно испэктээк ортото уот баран хаалбыта. Биир эрэ лаампа кылайара. Икки сөкүүндэ тура түспүппүт. Онтон салгыы үҥкүүлээбиппит.

Аан дойду кэрэ аҥаардарын күнүгэр кыргыттарга аналлаах кэнсиэр көрдөрбүппүт. Онно бэлэмнэнэ сылдьан икки тарбахпын тоһутан кэбиспитим. Хайыыр да кыах суох, гипсэбин уһулан баран сыанаҕа таҕыстаҕым дии.

Чэ, итинник, сыана кэтэҕэр араас барыта буолар.  Артыыс хайа да түгэҥҥэ көрөөччүтүн үөрдэ тахсыахтаах. 

Саха сирин киэргэлэ – дьоно-сэргэтэ

– Тас дойдуларга, атын куораттарга үгүстүк сылдьабыт. Ол тухары сэҥээрбэтэх, кэрэхсээбэтэх көрөөччү диэн суох. Ханна да тиийдэрбит, өрүү ытыс үрдүгэр түһэрэллэр. Онтон күүс-уох эбинэбит.

Хас биирдии дойду тус-туспа. Атын сиргэ тиийдэхпитинэ музейдарга, араас экскурсияларга сылдьа сатыыбыт. Маҕаһыыннары эрэ кэрийэ барбакка, иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаарарга дьулуһабыт.         

Сахабыт сирин улуустарыгар ыалдьыттаатахпытына, хайаан да хас биирдии нэһилиэк историятын билэ-көрө сатыыбыт. Саха сирин киэргэлэ кини дьоно-сэргэтэ эбит. Эчи, ыалдьытымсахтара, истиҥнэрэ. Мэлдьи үөрэ көрсөллөр, баардарынан-суохтарынан маанылыыллар, күндүлүүллэр.

Сөбүлүүр дьарыгым

– Артыыстар иллэҥ кэммит диэн улахан суох. Өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга үлэлиибит. Быыс-хайаҕас көһүннэҕинэ, волейболлуу ойобун. Ыллыырбын олус сөбүлүүбүн. Ол эрээри сыанаҕа буолбатах (күлэр). Караокеҕа сылдьан тыыммын таһаарабын. Арааһа, үҥкүү кэнниттэн иккис сөбүлүүр дьарыгым. Ас астыырбын астынабын. Ыллыы-ыллыы билиитэ иннигэр күнү быһа туруохпун сөп. Бэйэм минньигэстик аһыырбын сөбүлүүбүн. Ол иһин рестораннарга, кафеларга сылдьарбын ордоробун. Саҥа, сонун бүлүүдэни амсайан дуоһуйабын. Корея куукунатын сэргиибин.

Театр мин олохпор

– Олохпун театры кытта ситимнээтим диэн бигэтик этэр кыахтаахпын. Оонньуур персонажпын барытын сөбүлүүбүн, күндүтүк саныыбын. Куһаҕан оруол диэн суох. Хас биирдии дьоруой туспа майгылаах, олохтоох-дьаһахтаах. “Сияние Севера” диэн лабораториялаахпыт. Устудьуоннары дьарыктыыбыт.

Театрбыт 2014 сыллаахха тэриллибитэ. 28 үлэһиттээх. Биһиги уопсайа аҕыс испэктээхпит. Артыыстар аҕыйахпыт. Быйыл штат кэҥээн, 14 буоллубут. Хомойуох иһин, режиссербут Матрена Корнилова биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Онтон ыла атын-атын режиссердары кытта үлэлээтибит. Бэйэбит туспа дьиэлэниэхпитин, улахан сыаналаныахпытын, өссө кэҥиэхпитин баҕарабын. Бары этэҥҥэ, бу курдук сиэттиспитинэн айа-тута сылдьарбыт буоллар диэн ыралаахпын.

Пандемия

– Бэһис ыйын хааччахтааһын эрэсиимигэр олоробут. Үлэбин олус аҕынным. Хаһан тахсарбытын күүтэбин. Театрбар көтө-көтө, ыстана-ыстана сүүрэн тиийиэм. Барыларын кууһан ылыам.

Бу саас Муомабар барбытым. Дойдубар сылдьыбатаҕым ыраатта. Аҕабын, дьоммун-сэргэбин, доҕотторбун, бииргэ үөрэммит оҕолорбун көрүстүм. Айылҕаҕа астына-дуоһуйа сынньанан, балыктаан, кустаан кэллим. Суолбут сабыллан, улахан хааччахтааһын суоҕа. Сарсыарда аайы сүүрэрим. Кулуупка баран дьону дьарыктаатым, үҥкүү туруордум. Онон пандемия кэмин туһалаахтык атаардым.   

Дьону үөрдэрбиттэн дьоллонобун

“Үүммүт үтүө күнү мичээртэн саҕалаа” диэн этиинэн салайтарабын. Хомойорбун сөбүлээбэппин. Дьону үөрдэрбиттэн, үтүөнү оҥорорбуттан дьоллонобун. Туох да сылтаҕа суох, бырааһынньык буоллун-буолбатын бэлэх биэрэн сүргэлэрин көтөҕөбүн.

Эдэр сылдьан бириэмэҕитин халтайга ыытымаҥ диэхпин баҕарабын. Чөл олоҕу тутуһуҥ. Кырдьар сааскытыгар “маны оҥорботохпун”, “сыыһа гыммыппын” диэн кэмсиммэт курдук олоро сатааҥ.      

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....