Кистэлэҥ талааннаах Дмитрий Баишев олоҕун түгэннэрэ
Дмитрий Баишевы артыыс эрэ быһыытынан билэр этим. Онтум кистэлэҥ талааннаах уол оҕото эбит. Кини «Олох түгэннэрэ” ситком кэннэ аата ааттанан барбыта.
– Дмитрий, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар оҕо сааһыҥ туһунан кэпсии түс эрэ.
- Төрөөбүт дойдум Төҥүлүттэн быдан бэттэх сытар Нэммэрэ диэн сайылыкка улааппытым. Оҕо сааһым ханнык баҕарар тыа оҕотуттан туох да уратыта суох ааспыта. Дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстыбытым, аҕабын батыһа сылдьарым. Бэһис кылаастан “Тиэхэлээх тэбэнэттэр” көр-күлүү бөлөҕөр киирэн, сыанаҕа тахсан саҕалаабытым.
Оҕо сылдьан худуоһунньук эрэ буолуохпун баҕарар этим. Эһэм уруһуйдарын көрөн улаппытым. Сэргиирим эрэ кырааска, киистэ, эһэм мольбертара, эскиистэрэ буолара. Аҕам, сылгыһыт буолан, сыспай сиэллээҕи сэҥээрэрим. Ол иһин үксүн аттары, сылгылары уруһуйдуурум. Тыа олоҕун күннээҕи дьарыгын, үлэтин-хамнаһын ойуулуурум.
СААҺЫРДАХПЫНА ТӨННҮӨҔҮМ
-Эйигин кытта кэпсэтиэм иннинэ социальнай ситимҥин көрбүтүм. Онно Щепкиҥҥэ үөрэммит диэн сылдьар дии?
-Щепкиҥҥэ үөрэммэтэҕим. Саха сиригэр маҥнай “Вконтакте” социальнай ситим киирбитигэр дьээбэлэнэн, куурсунан суруйбуппут. Артыыс, эдэр киһи баҕарар баҕата Щепкин училищетыгар сирдиир курдуга. Этэргэ дылы, бэйэтэ туспа “мотивация”.
-Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа этиҥ дии, онтон тоҕо бардыҥ?
-Бу театрга мин үстэ киирбитим, үстэ тахсан барбытым. Театрга үлэлиир наһаа улахан бэлэмэ суох эбиппин дии санаабытым. Хааччахха сылдьарбын испэр соччо киллэрбэтэҕим, оччолорго эдэр да буоллаҕым дии. Бэйэм айыахпын-тутуохпун, хааччахтан тахсыахпын, тугу интэриэһиргээбиппин оҥоруохпун баҕарабын. Уопутура, билэ-көрө түһэн баран, сааһырдахпына театрга төннүөхпүн баҕарабын.
Билигин дойдубар дьаҥ ааһарын кэтэһэ сытабын. Куораттан чугас буолан, кэлэ-бара сылдьабын. «Suorat» уонна «Hits Production» кыра айар холбоһук тэрийэн, киинэ, вайн устабыт. Кэнники кэмҥэ Анатолий Яковлев айар устуудьуйатыгар тыас-уус оҥорорго үлэлиибин. Киинэ тыаһын оҥорор эмиэ бэйэтэ туспа искусство эбит.
КИИНЭ УОННА ТЕАТР
-Киинэ уонна театр туох уратылаахтарый?
-Театр диэн көрөөччүнү кытта тыыннаах кэпсэтии, сибилигин буола турары көрдөрүү. Үчүгэйэ диэн биирдэ оонньообут оруолгун хаста даҕаны уларытыаххын сөп. Испэктээк куруук биир буолбат, уларыйа турар. Уобараскын ситэрэн биэрэҕин, бүгүн маннык сыананы көрдөрбүт буоллаххына, аныгыс сырыыга атыннык оонньуугун, биир кэм буолбат, хамсыы турар. Оттон киинэни биирдэ “лап” гына уһуллуҥ, үйэ-саас хаалар. Сыыһа, куһаҕаннык, үчүгэйдик да оонньоо. Мин санаабар, уратыта итиннэ сытар.
-Үгүс дьон эйигин “Олох түгэннэрэ” ситкомунан билэллэрэ буолуо. Өссө ханнык киинэҕэ оонньообуккунуй?
-Оннук. Улуустарга да тиийдэххэ, уулуссаҕа да көрсө түстэхтэринэ, дьон үксүн бу ситкомунан билэллэр. Сериалы оҥорон таһаарбыт Булатовтар дьиэ кэргэннэригэр махтанабын. Эдэр сылдьан, кимтэн да өйөбүл көрдөөбөккө, барытын буор босхо үлэлээн, истиҥ баҕайы тыыннаах буолан тахсыбыта. Бэйэм бу сериалы наһаа сөбүлүүбүн. Билигин салгыытын устабыт диэтэхтэринэ, үөрэ-көтө тиийиэм этэ.
Киинэ эйгэтигэр үлэлээбитим уонча сыл буолла. Уонча киинэҕэ уһулуннум быһыылаах. Син аҕыйаҕа суох оруолу оонньоотум, ол гынан биир да сүрүн оруолу толоро иликпин. Кэлин уһуллар инибин диэн баҕа санаалаахпын. Үксүн көр-күлүү жанрыгар. Бэйэм бу хайысханы сөбүлүүбүн. Чэпчэки буолбатах, ыарахан. Дьону күллэрэр бэйэтэ туспа искусство буоллаҕа.
Киинэ олохпор олус элбэҕи биэрдэ: киһи быһыытынан сайдарбар, эрэллээх доҕоттору. Билигин олохпун киинэтэ суох сатаан көрбөппүн.
УРУҺУЙДЬУТ БУОЛУОХТААХ ЭТИМ
-Эйигин дьон көр-нар олохтоох, дьээбэлээх-хооболоох киһи дии саныыллар. Уруһуйдуургун билбэттэрэ буолуо. Бу талааныҥ кимтэн бэриллибитий?
-Аҕам аҕата, эһэм Баишев Илья Гаврильевич дьоҥҥо Туллук Ылдьаа диэн аатынан биллэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Майатааҕы Д.Ф. Ходулов аатынан бастакы холкуостааһын театрын маҥнайгы режиссера. Артыыс талааным, суолум, уруһуйдуурум барыта киниттэн бэриллибит. Эһэм туйаҕын хатарааччыбын диэххэ сөп. Биһиги аймахха бу эйгэҕэ мин эрэ баарбын.
Үөһэ этэн аһарбытым курдук, уруһуйдьут эрэ буолар баҕалааҕым. Онтон эмискэ баҕайы, бэйэм да өйдөөбөппүнэн уруулбун эргитэ тутан кэбиспиппин. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищеҕа икки куурус курдук үөрэммитим. Онно аллар атаспын Алексей Апросимовтыын булсан, тэттик миниатюралары көрдөрөр буолбуппут, КВН курдук истииллээх. Араас куонкурустарга, кэнсиэртэргэ кыттан, үөрэҕи көтүтэр түгэммит баһаам этэ. Инньэ гынан, бу үөрэхтэн көтөн хаалбытым. Дьиҥинэн, салгыы үөрэммитим буоллар, Федосий Заровняевы, Семен Лукансины кытта тэҥҥэ бүтэриэхтээх этим. Бу уолаттар билигин Сахабыт сирин ааттатар талааннаах худуоһунньуктар. Ити үөрэхтэн уһуллан баран, култуура коллеһыгар киирбитим, онтон ыла артыыс-режиссер буолар суолум арыллан барбыта.
-Уобарастаргын хантан ылаҕын?
-Барытын өйбүттэн. Хаһан эрэ көрбүппүн харахпын симэ-симэ уруһуйдуурбун быдан астынабын уонна табылыннаҕына сүрдээҕин үөрэбин. Оннук үлүгэр хайысхам диэн суох. Сөбүлүү көрбүппүн ыраас кумааҕыга түһэрэбин. Бэйэм бэйэбэр эрэ уруһуйдуубун. Ханна да быыстапкалаабаппын, атыылаабаппын.
-Саамай уһуннук оҥорбут үлэҥ?
-Оскуолаҕа сылдьан, үөрэххэ киирэрбэр илдьэ барыам диэн сайылыкпар Аччыгый эбэ диэн күөл баар, ону уруһуйдаан саҕалаабытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри бүтэрэ иликпин. Сыл аайы кыра-кыралаан эбэн биэрэбин. Хартыынам сайылыкка сытар, билигин онно суол суох.
-Иэйии хантан кэлэрий?
-Оннооҕор худуоһунньук маҕаһыыныгар киирдэхпинэ, харандаастары көрдүм эрэ уруһуйдуохпун баҕарабын. Иэйии баар, кыралаан таһааран иһиэххэ наада. Оҕо сылдьан тэтэрээтим иннэ-кэннэ барыта уруһуй буолара.
Улахан худуоһунньуктар хартыыналара туспа уратылаах, иччилээх да диэххэ сөп. Биир хартыынаны өйдөөн көрөҕүн, ким эрэ турар, ааһан хаалаҕын. Онтон иккистээн кэллэххинэ атын хараххынан одуулуугун. Иччилээх хартыына киһи хараҕар тута быраҕыллар. Худуоһунньук эрэ таба көрөр диэн буолбатах, ким баҕарар көрүөн сөп.
-Уруһуйдаабытыҥ ырааппыт эбит, тэҥнээн көрдөххө, уларыйыы баар дуо?
-Урут кэрчиги соччо-бачча тутуспат эбиппин. Оннук гыныахха наада эбит! Билигин сааһыран истэҕим аайы бэйэбин хааччахтаан, кэрчиктээн иһэрим элбээтэ. Хорсун-хоодуот эрдэххэ ньааҕыначчы оҥорон иһэрим, билигин оннук суох. Киһи бэйэтин “рамкаҕа” киллэриэ суохтаах эбит.
ЧАРААС ЭЙГЭ ХАРТЫЫНАТА
-Биир хартыынаҥ туһунан дьиктини истибитим. Ааҕааччыларбытыгар кэпсиэҥ дуо?
-9-с кылааска үөрэнэ сылдьан Михаил Ильич диэн мас ууһугар удьурҕайынан уһанаары куруһуокка сылдьыбытым, живопись эмиэ баара. Онно куруук Михаил Ильич дүҥүр туһунан кэпсиир этэ. Маннык оҥороллор үһү, кыра ойуун киэнэ оннук, хоту дойду дүҥүрдэрэ маннык диэн... Ол сылдьан дүҥүр уруһуйдаабытым. Оннук хаалан хаалбыта, билигин сайылыкка ыйанан турар.
Бу сайын Күннэй Кардашевская ийэтэ инстаграммар сөҕөн суруйда: “Хайа, бу мин Күннэйим дүҥүрэ дии”. Күннэй тоҕус сыл эттэниэхтээх эбитэ үһү. Мин уруһуйдаабыт дүҥүрүм үөһээ өттүттэн ойо барбыт, буолаары буолан тоҕус салааны оҥорбуппун. Онтон билбиппитинэн, бу кыысчаан олоҕун алдьаппыт тоҕус салаата диэн эбит. Ийэтэ этэринэн, кыыс иһигэр 12 киһи олорбут эбит. Мин дүҥүрүм иһигэр 12 киһи оһуохайдыы сылдьарын уруһуйдаабыппын, тула өттүгэр былыргы үйэттэн аныгы кэми оҥорбуппун. Ону наһаа дьиктиргээбитим. Күннэй ийэтин кытта бу туһунан кэпсэппиппит.
ИНЧЭҔЭЙ ЭТТЭЭХ САТААБАТАҔА СУОХ
-Саха сатаабатаҕа суох дииллэр...
-Уопсайынан, инчэҕэй эттээх киһи, ханнык да омук буоллун, сатаабатаҕа диэн суох. Баҕалаах эрэ буолуохха наада, оччоҕо барыта табыллар уонна оттон сахаларга арыый чугас соҕус буолуо... Олоҕу бэйэбит тутан саҕалаатахпыт, ким даҕаны көрдөрөн биэрбэтэх. Ол иһин генетика өттүнэн саха омуга атыттардааҕар арыый ураты, мындыр уонна сатабыллаах дии саныыбын.
-Дмитрий, киинэҕэ, уруһуйдаргар, олоххор сөбүлээбэт тиэмэҥ диэн баар дуо?
-Киһини сэнииллэрин олох абааһы көрөбүн. Араастаан карикатуралыыр, бу арыый мөлтөх, бу олох үчүгэй артыыс диэн арааралларын эбэтэр куһаҕан ырыаһыт диэн кими эрэ сэнииллэрин эбэтэр төттөрүтүн өрө туталларын сөбүлээбэппин. “Куһаҕан баҕайытык оонньоото, бу кэриэтэ кини оонньообута буоллар” дииллэрин олох өйдөөбөппүн. Киһи диэн киһи. Бэйэтэ хайдах сатыырынан үлэлиир, туспа личность. Ону тэҥниир сыыһа дии саныыбын.
ПАНДЕМИЯ, ВАЙН, ТАПТАЛ
-Пандемияҕа хаһан да хаайтарбатахпын хаайтардым. Айар куттаах, көрөөччү эйгэтигэр сылдьыбыт дьоҥҥо күүскэ оҕуста. Харчы өттүнэн өссө эппэппин. Тууйуллуу барда. Хата, дойдубар кэлэммин тэлгэһэм иһигэр хаардыы хаама сылдьабын.
-Вайн туһунан кэпсэттэххэ, дьон тоҕо көр-күлүү устууларын сэҥээрэр буолла?
-«Suorat» вайннарын көрөөччүлэрэ үксэ офис үлэһиттэрэ. Киһи үлэтиттэн дьиэтигэр сылайан кэлэр. Сылаатын таһаараары, күлэ-күлэ олоруон, уоскутунуон баҕарар. Аныгы кэм дьонугар олох ирдэбилэ да кытаатта, үлэ да ыараата. Ол иһин киһи сынньанарыгар тэттик видеолары көрөр дии саныыбын.
-Арааһа, Дмитрий Баишев тоҕо ыал буолбакка сылдьарый диэн элбэх киһи ыйытара буолуо?
-Ааранан бэйэм да ыксаан киирэн бараары гынным! (күлэр). Ыал буолбут киһи, бастакы таптал содуллара ааһар кэмэ кэллэ. Уопсайынан, олохпут наһаа уларыйда. Урукку ыал буолуу өйдөбүлэ, суолтата уларыйда. Мин кыыһы сөбүлээн кэргэн ыларым ыарахаттардаах буолла. Сүрэҕим сөбүлээтэҕинэ, хара быарым дьалкыҥнаатаҕына ыал буолар инибин.
-Чэ бэрт эбит! Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айар үлэҕэр, тус олоххор ситиһиини баҕарабын.
-Махтал!