10.08.2022 | 14:00 | Просмотров: 676

Киров уулуссата быстах кэмҥэ аһыллар буолла

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников куорат суолларын өрөмүөнүн көрдө-иһиттэ уонна бу күннэргэ Дьокуускайга Ленин проспегын уонна Киров уулуссатын быһа охсуһууларынан массыыналар быстах кэмҥэ сылдьыахтара диэн иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Ленин проспегын саҥардан оҥорууга хапытаалынай өрөмүөн ыытылларынан сибээстээн, бу учаастакка суол сабыылаах турар. Билиҥҥи туругунан Ленин проспегар Орджоникидзе болуоссатыттан Курашов уулуссатыгар диэри аспаалы ууруу үлэтэ саҕаланна. Бастакы вице-премьер аспааллааһыны Аммосов уулуссатыгар диэри салгыырга сорудахтаата.

Эмиэ итинник үлэ бу күннэргэ Октябрьскай уулуссаттан Кулаковскай уулуссатыгар  диэри саҕаланар. Аммосов уулуссатыттан Киров уулуссатыгар диэри уонна Киров уулуссатыттан Октябрьскай уулуссатыгар диэри суол балаҕан ыйыгар оҥоһуллуохтаах. Кылгастык эттэххэ, проспегы аспааллааһыны, Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри, бэлисипиэтинэн сылдьар суолу уонна тротуардары оҥорууну балаҕан ыйын бүтүүтүгэр түмүктүүр былааннаахтар.

Итини сэргэ Дмитрий Садовников куорат санитарнай туругун эмиэ бэрэбиэркэлээтэ. Кини куорат үбүлүөйдээх сылын көрсөргө бэлэмэ суоҕун бэлиэтээн туран, куорат дьаһалтатыгар бөҕү-сыыһы хомуйуу үлэтин күүһүрдэргэ, Автострадаҕа Өктөөп 50 сыла уулуссаҕа көҥүлэ суох турар гараастары суох гынарга сорудахтаата.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.