Кирилл Герасимов: «Музыка өйгүнэн киирэн, сүрэххин тиийэ долгутуохтаах...»
Муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиибит. Быйыл от ыйын 15 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата судаарыстыбаннай бэлиэ быһыытынан бигэргэтиллибитэ 20 сыла буолар.
Биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта – Саха сирин музыкатыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит композитор, өрөспүүбүлүкэ өрөгөйүн ырыатын ааптара, СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин хаһаайына, Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина, Арассыыйа Композитордарын сойууһун чилиэнэ Кирилл Герасимов.
Бастаан музыката айыллыбыта
– Кирилл Афанасьевич, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата хайдах айыллыбытын туһунан ааҕааччыларбытыгар сиһилии кэпсиэххэ эрэ. Хамыыһыйа күрэх кыайыылааҕын хас да сыл бигэргэппэтэх диэн истибитим. Дьэ, ол хайдах этэй?
– 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха сирэ судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыта. Ол кэннэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиэлэрин – былааҕы, дьаралыгы, өрөгөй ырыатын айарга күрэх биллэриллибит. Былаах уонна дьаралык күрэҕин кыайыылаахтарын син түргэн соҕустук быһаарбыттар. Бастаан өрөгөй ырыатын тылын айааччыларга күрэх биллэриллибит. Бастакы хамыыһыйаны Савва Иванович Тарасов салайбыт. Олус элбэх, 300 кэриҥэ үлэ киирбит диэн истибитим. Онтон үс хоһоону талан, “Кыым” хаһыакка бэчээттээбиттэр уонна музыкатын суруйууга күрэх биллэрбиттэр. Онно баҕалаахтар бары кыттыбыттар, композитордар эрэ буолбатах. Ол эрээри хамыыһыйа биир санааҕа кэлбэтэх, кыайыылааҕы быһаарбатах. 1992 сыллаахха хамыыһыйаны Климент Кириллович Корякин салайбыт. Онтон 1995 сыллаахха саҥа хамыыһыйа тэриллэн, салайааччынан Андрей Саввич Борисов анаммыт. Кини “Ньургун Боотур” опера бүтэһик хорун таларга этии киллэрбит. Ону өйөөбүттэр эрээри, Ил Түмэнинэн бигэргэтиллибэтэх. Итиннэ даҕатан эттэххэ, мин бастакы үс хамыыһыйа көрүүтүгэр кыттыбатаҕым.
2000 сыллаахха, Суверенитет 10 сыла туолуутугар, Гаврил Гаврильевич Местников салайааччылаах саҥа хамыыһыйа тэриллибит. Итиэннэ биһиги үлэбитигэр – Савва Тарасов уонна Михаил Тимофеев тылларыгар, мин музыкабар ырыаҕа тохтообуттара. Ол гынан баран син биир ылыныллыбакка, оннук хаалан хаалбыта. Онтон 2003 сыллаахха Екатерина Семеновна Никитина салайааччылаах хамыыһыйа үлэлиир. Өр кэмнээх дьүүллэһии түмүгэр биһиги вариаммытыгар тохтууллар. Онтон 2004 сыллаахха муус устар ыйга бэрэсидьиэн, Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ уонна Ил Түмэн дьокутааттара тыйаатырга мустан, биһиги айбыт ырыабытын истэллэр уонна бүтэһиктээх быһаарыныыны ылаллар. Ол кэннэ Ил Түмэн үс истиитин ааһан, 2004 сыллаахха от ыйын 15 күнүгэр оччотооҕу бэрэсидьиэн Вячеслав Анатольевич Штыров “Об официальной символике в Республике Саха (Якутия)” диэн сокуоҥҥа илии баттыыр. Онон быйыл ырыабыт бигэргэтиллибитэ лоп курдук 20 сыла буолар.
Дьиктитэ баар, былаах уонна дьаралык күрэҕин кыайыылаахтарын үлэлэрэ, төһө да эрдэ быһаарыллыбыттарын иһин, Ил Түмэн көрүүтүн ааһан баран, уурааҕынан бигэргэтиллибэккэ сыппыттар. Өрөспүүбүлүкэ үс судаарыстыбаннай бэлиэтэ бииргэ бигэргэтиллиэхтээх диэн эбит.
– Онтон өрөгөй ырыата бар дьон, норуот иннигэр хаһан сүрэхтэммитэй? Төһө долгуйбуккунуй, туох дии санаабыккыный?
– Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суверенитетын күнүгэр. Опера уонна балет тыйаатырыгар ылламмыта. Бэйэм дирижердаабытым, ол саҕана онно үлэлиир этим. Онон эппиэтинэһэ икки бүк үрдүк курдуга.
Өрөгөй ырыатын Москваҕа “Мосфильмҥа” тиийэн усталларыгар кыттыбытым. Дьиҥэр, анараа дирижердар бааллара, ол эрээри “айымньыгын бэйэҥ билэҕин” диэн репетицияны бэйэбэр ыыттарбыттара.
– Хас да хамыыһыйа үлэлээбитин тухары тоҕо биир түмүккэ кэлбэтэхтэрэ буолуо дии саныыгыный?
– Ханнык баҕарар ырыаны киһи-киһи тус-туспа ылынар. Ким эрэ сөбүлүү истэр, ким эрэ сөбүлүө суоҕа. Өрөгөй ырыатын талар, биир санааҕа кэлэр өссө уустук буолуохтаах дии саныыбын. Эбэтэр бары туох эрэ алыптаах түгэни күүппүттэрэ, “Оо!” диэхтэрин баҕарбыттара дуу.
– Савва Тарасовтыын уонна Михаил Тимофеевтыын хайдах үлэлээбиккитий? Хара бастакыттан “Кыымҥа” бэчээттэммит вариаҥҥа тохтообуккут дуо? Кэлин тылын-өһүн уларытан биэрбиккит буолаарай?
– Ити эмиэ туспа устуоруйалаах. Ол “Кыымҥа” тахсыбыт үс үлэ оннук хаалан хаалбыт. Биһиэнэ бастаан музыката айыллыбыта, тыла кэлин суруллубута. Оннук өссө ыарахан. Дьэ, онно уран тыл маастардарыттан олус сөхпүтүм-махтайбытым. Чахчы, эн этэриҥ курдук иккиэн тылы толору баһылаабыт дьон этэ.
Бэйэм да билбэппинэн ылларбытым...
– Биир интервьюгар айар үлэ абылаҥын вируска тэҥнээбит этиҥ. Дьэ, ол “сыстыганнаах ыарыы” хаһан саҕаламмытай, хайдах киирэр эбитий? Сороҕор күүскэ буолуо, ардыгар “үтүөрэн” ылаҕын дуу?
– (Мичээрдиир – Аапт.). Ол саҕана Уфатааҕы искусство судаарыстыбаннай институтугар бэһис кууруска үөрэнэ сылдьыбытым (Ол иннинэ Уфатааҕы искусство училищетын бүтэрбит, Башкирияҕа холбоон тоҕус сыл үөрэммит – Аапт.). Уһуйааччым Рахимов Равиль Галимович биир уруокка: “Саха тиэмэтигэр баяҥҥа туох эмит обработката оҥор эрэ”, – диэбитэ. Кини ити сорудаҕа миэхэ олус соһуччу буолбута. Ол иннинэ музыканы суруйар туһунан санаа хаһан да киирбэтэҕэ. “Мин композитор буолбатахпын ээ”, – диэн көрбүтүм. Онуоха: “Суруй, суруй, эйиэхэ табыллыаҕа”, – диэбитэ.
Ол саҕана биһиги үөрэхпит таһынан бырагырааманы толору баһылыыр туһуттан биэс-алта чаас эбии дьарыктанар, баяммытын талкыйан тахсар этибит. Элбэх айымньыны нойосуус үөрэтиэхтээх буоллахпыт. Биирдэ оннук саха айымньыларын оонньуу олорон Иннокентий Дмитриев-Сиэн Чолбодук тылларыгар, Василий Протодьяконов мелодиятыгар “Ньургуһуннар” ырыаларыгар тохтоотум уонна фантазиялаан бардым. Итинник улам үлүһүйэн бардым. Дьарыкка обработкабын салгыы суруйбут киһи диэн санаалаах тиэтэйэ-саарайа кэлэр буоллум. Биир нэдиэлэ иһинэн бүтэрдим уонна Равиль Галимовичка иһитиннэрдим. “Үчүгэй, судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэр”, – диэбитэ. Мин сорудаҕы толордум, бүттүм дии санаабытым. Ону баара саҕаланыыта эрэ эбит (күлэбит). Онтон өссө тугу эрэ айыахпын баҕарбытым. Баяҥҥа оҕо сюитатын суруйан, табаарыстарбар оонньоон иһитиннэрбитим, сөбүлээбиттэрэ. Кинилэр дьүүллэрэ кытаанах этэ, ол аата чахчы “үчүгэй” буолуохтаах. Итинник айар үлэ абылаҥар бэйэм да билбэппинэн ылларбытым.
Үөрэхпин бүтэрэн баран Забайкалье байыаннай уокуругар Ырыа уонна үҥкүү ансаамбылыгар сулууспалаабытым, оркестр концертмейстерынан. Онтон манна кэлэн, Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа преподавателинэн үлэлии киирбитим. Ол саҕана училище иһинэн тэриллибит Саха норуотун үнүстүрүмүөннэрин оркестрын Николай Иванович Кисленко салайара, онтон кини тыйаатырга дирижерунан барбытын кэннэ, миэхэ туттарбыттара. Киэһэ аайы эбии дьарык буолара, тыйаатыр ырыаһыттарыгар билиҥҥи оркестр үлэтин толорор этибит. Ол сылдьан саха ырыаларыгар обработка оҥорон барбытым. Ити кэмҥэ оркестрга суруллубут нота аҕыйах буоллаҕа.
Аны композицияҕа анаан үөрэнэр, идэ ылар туһунан толкуйга түспүтүм. 1987 сыллаахха М.И. Глинка аатынан Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа туттарсан киирбитим. Оччолорго Саха сириттэн Аркадий Самойлов уонна Егор Неустроев профессор Георгий Николаевич Ивановка үөрэнэ сылдьаллар этэ. Аркадий – тастыҥ убайым, эһэлэрбит бииргэ төрөөбүт дьон. Дьиҥэр, мин аспирантураҕа тиийбитим ээ, онтон убайбын көрсөн, суруйар баҕам баһыйан, композицияҕа туттарсан, иккис кууруска быһа киирбитим. Итини сэргэ симфоническай дирижирование факультетыгар тэҥҥэ үөрэммитим.
1991 сыллаахха манна кэлэн, училищеҕа үлэлии сырыттахпына Галина Кривошапко судаарыстыбаннай тэлэбиидэнньэ, араадьыйа оркестрыгар дирижерунан ыҥырбыта. 1997 сыллаахха хору уонна оркестры сабан кэбиспиттэрэ, онон Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлии киирбитим.
Композитор тоҕо аҕыйаҕый?
– Ол гынан уопсайа хас сыл хас идэҕэ үөрэммиккиний?
– Бастакым – баян, иккиһим – композитор, үсүһүм – симфоническай оркестр дирижера. Үс тус-туспа идэ. Холбоон 18 сыл үөрэммитим. Барыта элбэх бириэмэни эрэйэр. Дирижер үөрэҕэ эмиэ туспа кытаанах оскуола. Этэргэ дылы, партитураны туппутунан утуйаҕын, биэс тарбаҕыҥ курдук билиэхтээх буоллаҕыҥ.
Композиция кафедратын туйгуннук бүтэрбит буоламмын, салгыы аспирантураҕа ыыта сатаабыттара. Ол саҕана рекомендациялаах эрэ дьону ылаллара, миэхэ оннук биэрбиттэрэ. Иккис оҕобутун күүтэр кэммит этэ, инньэ гынан сөбүлэспэтэҕим. Онно өссө икки аҥаар сыл үөрэниэхтээҕим хааллаҕа.
Композитор диэн ханнык да тэрилтэҕэ туспа ыстаат суох. Дипломнаах идэтийбит исписэлиискин эрээри, оннук үлэ суох. Былырыын Арассыыйа Композитордарын сойууһугар туруорсан-туруорсан, реестргэ саҥа киллэртэрбиттэрэ. Көҥүл худуоһунньук курдук сылдьыаххын, биэнсийэҕэ барыаххын сөп, ол эрээри ыстаат син биир суох. Холобур, урут үлэлээбэтэххинэ, үлэ киниискэтигэр киирбэт да этэ.
– Композитордар ол иһин аҕыйах буоллаххыт дуу?
– Оннук эрэ буолбатах. Ити эмиэ, биллэн турар, дьайар. Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр баартыйа композитордары олус өйүүр, өрө тутар, ол эрээри кэтиир этэ. Композитордар идеология фронугар инники кирбиигэ сырыттахтара. Гонорар олох үчүгэй эбит. Ол саҕана айар үлэһиттэргэ анал дьиэлэр бааллара.
Мин үөрэҕи бүтэрэрим саҕана уларыта тутуу саҕаламмыта, “барытын ырыынак быһаарар” диэн буолбута. Аны ааптар бырааба диэн көрүллүбэтэ. Кэнсиэркэ киирбит харчы хас эрэ бырыһыанын РАО-ҕа (Российское авторское общество) ыыталлар, онтон биһиэхэ тиийэн кэлбэт.
– Үөрэххит да уһуна бэрт буолан, сорохтор онтон да чаҕыйаллар ини...
– Сойуус саҕана композитор статуһа үрдүк этэ, онон үөрэниэн баҕалаах да элбэҕэ. Композиция кафедрата консерватория аайы суоҕа, аны сылга иккилии-үстүү эрэ киһини ылаллара. Баҕалаах уонна эбиитин талааннаах киһи көстөрө эмиэ туспа боппуруос буоллаҕа. Итиннэ музыка технологиятын толору баһылыаххын наада. Онно сыһыана суох киһи кытаанах оскуоланы ааһыахтааҕын билбэккэ да киириэн сөп. Бастатан туран, ханнык эмит үнүстүрүмүөнү үчүгэйдик баһылыахтааххын, элбэх айымньыны билэр, толорор буолуохтааххын. Аны теория кууруһа олус улахан, киэҥ. Ол аата музыка оскуолатын, училищены бүтэриэх тустааххын. Ол кэннэ консерваторияҕа киирэҕин.
«Минньигэһи» «сымсахтан» араара үөрэнэҕин
– Талааннаах дьон, анал идэни баһылаабакка, бэйэлэрэ баҕаларынан гитаралыырга, баяҥҥа оонньуу үөрэнэллэр. Ол эрээри кинилэр кыахтара ырыаҕа эрэ тиийэр. Үчүгэй куоластаах буоллахтарына, өссө тахсыахтарын сөп. Ол гынан баран музыка жанра элбэх, муҥур уһуга биллибэт. Музыканы суруйар киһи үнүстүрүмүөнү барытын үчүгэйдик билэр – технологияларын, хайдах тыаһыылларын. Симфоническай оркестрга, опера уонна балет тыйаатырыгар суруйар диэн бэйэтэ туспа наука. Итинэн биһиги идэбит элбэх бириэмэни, сыраны сэргэ, киэҥ билиини эрэйэр диэн этиэхпин баҕарабын. Үөрэнии эмиэ туспа талаан. Өр сыллаах үөрэхпит музыкаҕа туох “минньигэһин”, “сымсаҕын” быһаарарга уонна араарарга уһуйар.
– Арассыыйа Композитордарын сойууһун Саха сиринээҕи салаатын хас сыл салайдыҥ? Билигин композитордар хаскытый?
– 2016 сыллаахха бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым уонна 2021 сылга тохтообутум. Онтон ыла Николай Михеев салайар. Билигин алтыабыт: Владимир Ксенофонтов, Егор Неустроев, Полина Иванова, мин, Николай Михеев, Сардаана Заровняева. Оччоттон баччааҥҥа диэри Арассыыйа Композитордарын сойууһугар киирии ирдэбилэ кытаанах.
Ис куоласкынан истиэх тустааххын
– Кэнники үлэлэргин ааҕааччыларга билиһиннэриэххэ дуу.
– Саамай бүтэһик айымньым – “Сияющий камень” диэн опера. Аҕыс ый суруйдум. Тыйаатыр Казахстаҥҥа уонна Кыргызстаҥҥа илдьэ барда. Бу күннэргэ Казахстаҥҥа сүрэхтэннэ. Екатерина Тайшина туруорда. Кинини кытта бэркэ тапсан үлэлиибит. “Светлая любовь” диэн өссө биир балеттаахпыт.
Ити хас эмэ сыл үөрэммитиҥ, мунньуммут билииҥ, холобур, симфоническай оркестрга партитураны суруйаргар олус наада (Ыскааптан ноталаах халыҥ кииппэни ылан көрдөрөр, мин билбэт “тылбынан” суруллубут – Аапт.). Бу тутан олорор “Ойуун” хореографическай поэмабын муус устар 24 күнүгэр Санкт-Петербурга Мариинскай тыйаатыр кэнсиэртиир саалатыгар оонньуохтаахтар (Биһиги хаһыат тахса илигинэ кэпсэппиппит – Аапт.). Бу 100-тэн тахса страницалаах партитура 15 мүнүүтэ эрэ барар.
Владимир Тихонов миниистир эрдэҕинэ Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын көрсө балет үлэспитэ. Наталья Михалева-Сайа либретто суруйбута, Мария Сайдыкулова уонна Екатерина Тайшина туруоруохтаах этилэр. Мин музыкатын суруйбутум. Ити айымньыбыт сыанаҕа тура илик, эһиилги былааҥҥа киирбит.
Сорохтор композитор буоллуҥ да, музыканы олус чэпчэкитик суруйуохтааҕыҥ курдук саныыллар быһыылаах. Сиэпкиттэн хостоон биэриэхтээҕиҥ курдук. Оннук буолбатах. Композитор соҕотоҕун үлэлиир, ону ким да көрбөт, көрдөрө да сатаабаппыт.
Суруйар айымньыгын ис куоласкынан истиэх тустааххын. Аны хас биирдии үнүстүрүмүөн уратытын, кыаҕын учуоттуохтааххын, бары дьүөрэлэһэллэрин ситиһэ сатыахтааххын. Барыта сөп түбэһэн, биир бүтүн айымньы буолан тахсар. Итиэннэ ханнык баҕарар уус-уран айымньы драматургиялаах.
– Дьэ, оччоҕуна биир айымньы быһа холоон төһө өр сурулларый?
– Ити “Ойууну” алта-сэттэ ыйынан бүтэрбитим. Урут бастаан харандааһынан, онтон уруучуканан суруйан баран, “ырааска” тушьпутунан түһэрэр этибит (көрдөрөр). Билигин көмпүүтэр диэн көмөлөһөөччүлээхпит, анал бырагыраамалаахпыт, онон үлэбит арыый чэпчээтэ диэххэ сөп. Урут бу тарбахпар мэлдьи харандаас тутар буоламмын, чэрдээх этим, хата, кэлин сүтэн эрэр.
2020 сыллаахха балет оскуолата аһыллыбыта 25 сыллаах үбүлүөйүгэр балетта суруй диэн көрдөспүттэрэ. Бастаан бириэмэтэ олус ыгым диэн аккаастаммытым. Ол эрээри ол кэмҥэ оҕоҕо аналлаах айымньыны суруйуохпун баҕара сылдьыбыт буолан дуу, ыксаллаах буолан эбитэ дуу (“Оҕоҕо” диэн тылга хараҕа уоттанар, ис-иһиттэн үөрэр – Аапт.), түөрт ыйынан бүтэрбитим. “Сказочная долина” икки оонньуулаах балет айылыннаҕа ол. Антрактаах, балтараа чаас оонньонор. Бастакыттан онус кылааска диэри үөрэнэр оҕолор үҥкүүлээбиттэрэ. Туруоруута, балета, музыката да бэркэ табыллыбыта, киэҥ биһирэбили ылбыта. Онон Путин бириэмийэтигэр ыыппыттара.
Улуу айымньылары үйэтитээччи
– Музыкальнай эрэдээктэр быһыытынан киэҥник биллэҕин. Дьэ, бу эмиэ үгүс сыраны, бириэмэни эрэйэр үлэҥ быыһын кыратык сэгэтиэххэ, элбэхтэн аҕыйаҕы сырдатыахха.
– Марк Николаевич Жирков төрөөбүтэ 125 сылыгар Бүлүү баһылыга Сергей Винокуров композитор хомуурунньуктарын түмэн таһаарарга быһаарыныы ылбыта. Онно музыкальнай эрэдээктэр быһыытынан үлэлэспитим, оцифровкаҕа эмиэ. Барыта 10 туом тахсыахтаах. Онно Марк Жирков “Ньургун Боотур”, “Сыгый Кырынаастыыр” опералара, “Сир симэҕэ”, “Алый платочек” балеттара, ырыалара, биир симфоническай цикл киириэхтээх. Урут эрэдээксийэлэммит хомуурунньуктар ол кэминээҕи дьоҥҥо, кинилэр кыахтарын учуоттаан, анаммыт. Билиҥҥи ырыаһыттар таһымнара атын, бары консерватория үөрэхтээхтэр, ол иһин тональностарын эҥин эрэдээксийэлиэххэ наада (Остуолга кэчигирээн сытар кинигэлэртэн ылан, биир-биир арыйталыыр – Аапт.).
Кирилл Афанасьевич үйэтитиигэ дьоһун үлэлэрин барытын ааҕан сиппэккин. Онтон аҕыйаҕы ааттыахха. “Саха ырыатын антологията” күн сирин көрөрүгэр сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. ССРС, Арассыыйа уонна СӨ норуодунай артыыһа Анегина Ильина үс туомнаах репертуарнай хомуурунньугун бэлэмнээбитэ.
«Сүүйтэрэриҥ» элбэх...
– Өссө Сунтаар, Уус Майа улуустарын, араас улахан тэрээһиннэр өрөгөй ырыаларын суруйбуккун билэбин. Бэл, тэрилтэлэр кытта үлэһэллэр эбит. Итинник этии киирдэҕинэ, били “сыстыганнаах ыарыыҥ” көбөр дуо? Төһө түргэнник сөбүлэһэҕиний?
– Хайдах диэххэ сөп эбитэ буолла (толкуйдуур). Чэ, холобур, Сунтаар өрөгөйүн ырыатын суруйарбар эбээһинэс курдук ылыммытым, төрөөбүт дойдум буоллаҕа. Тылын Сайа суруйбута. Уус Майа баһылыга бэйэтэ эрийэн көрдөспүтэ. Ол саҕана син “сибиэһэй” этим, онон сөбүлэспитим.
– Итинник үлэстэхтэринэ түргэнник тахсар дуу, бэйэҥ баҕаҕынан салайтардаххына дуу? Сорохтор сакааска “кымньыыланан” түргэтиибит, сорохтор, төттөрүтүн, ыгылыйан, илиибит-атахпыт бааллар диэччилэр. Эйиэхэ хайдаҕый?
– Биир өттүнэн, сакааска киһи бэйэтин сааһыланар, болдьохтоох буоллаҕа. Бу диэн эттэххэ, урут сакаас диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Өрөгөй ырыатыттан ураты. Бэйэҥ баҕаҕынан суруйар буоллаххына, уһаан-кэҥээн хаалыаххын сөп. Сороҕор сүргэҥ көтөҕүллэн, бэрт түргэнник тахсар. Онон, эн этэргинии, “кымньыыланар” туһалаах курдук. Ардыгар бүтэрэн, дьэ, “һуу” диэн эрдэххинэ, саҥа сакаас киирэр.
Бу иннинэ түөрт балеты түөрт сыл иһигэр суруйуоҥ диэбиттэрэ буоллар, итэҕэйиэм суоҕа этэ. Хамнастаах үлэлээх сылдьан итинниккэ ылсар ыарахан. Ол иһин бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына эрэ ситиһэҕин. Мин сарсыарда 4-5 чааска туран үлэлиибин, эрдэһит “күөрэгэйбин”. Онтон училищебар барабын. Киэһэ ыгыллыбыт лимон курдук буолабын, сылайан хаалабын.
Сааһым тухары дирижердаан уонна преподавателлээн хамнастанан кэллэҕим. Итинник үлэлээх сылдьан быыскар-арыккар эрэ суруйаргар тиийэҕин, онон “сүүйтэрэриҥ” элбэх.
Ыччат «чэпчэки» музыканан үлүһүйэрэ хомолтолоох
– Балысхан сайдыы музыка эйгэтигэр хайдах дьайда дии саныыгын? Көмпүүтэр үлэҕитин арыый чэпчэттэ диэбитиҥ. Ол эрээри мөкү да өрүттээҕэ буолуо ээ?
– Кэнники кэмҥэ музыка, хомойуох иһин, фон эрэ курдук буолан хаалла. Этэргэ дылы, хас муннук аайыттан тыаһыыр. Үксэ үрдүкү академическай нуормаҕа эппиэттээбэт “чэпчэки” музыка. Сорох массыынаттан киһи эрэ дөйүөн курдук, төбөтө ыалдьыах, дирбиэн-дарбаан тыас иһиллэр. Ити дьайыы ыччакка ордук оҕуста. Чэ, муҥутаабыта киинэ саундтрегын истиэхтэрэ, ону “дьоһун” музыка курдук саныахтара. Музыкаҕа үөрэнэр оҕолор син араараллар.
Мин устудьуоннарга музыканы духуобунай бүлүүдэ курдук санааҥ диибин. Эстрада музыката – “десерт”, оттон дьоһуннаах музыка сүрүн бүлүүдэ буолуохтаах. Ыччат аҥаардас “десерткэ” охтор, онто да саарбах соҕус. Уобарастаан эттэххэ, Пепси, Кока-кола курдук. Сорох “чэпчэки” музыка киһи өйүн сыппатар да диэххэ сөп. “Прикольнай” эрэ быһыылаах. Академическай музыка киһи этин-хаанын, өйүн-санаатын байытар, сайыннарар, сааһылыыр. Ону сорохтор өйдөөбөттөр, ылымматтар. Музыка искусствота өйгүнэн киирэн, сүрэххэр тиийиэхтээх, оннук долгутуохтаах. Итини баай айылгылаах эрэ киһи таптыыр, иһэ “кураанах” өйдөөбөт. Симфоническай музыка кэнсиэртэригэр музыкант буолбатах эрээри, искусствоны кэрэхсээччилэр кэлэллэрин көрөбүн ээ.
Билиҥҥи оҕо аралдьыйара элбэх. Аҥаардас төлөпүөҥҥэ олороро хас эмэ чаас. Мин оҕо эрдэхпинэ дьиэбитигэр патефон баара. Онтон радиола кэлбитигэр, пластинканы туруоран, дуоһуйа истэр буолбутум. Тыыннаах музыкаттан бастаан балалайканы истибитим. Хаһан да кулгаахпар кутуллубатах дьикти, ураты тыас-уус этэ. Суол нөҥүө турбут бэйэм ону батыһан, сүүрэн тиийбитим. Оччотооҕу кэм оҕотугар музыка оннук күүстээх дьайыылаах этэ.
– Биир эмит оҕоҥ эн суолгун батыста дуо?
– Үс оҕолоохпун. Улахан уолум Афанасий Герасимов Музыка Үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитэ. Билигин тыйаатыр оркестрыгар концертмейстерынан үлэлиир. Үчүгэй толорооччу диэн испэр сэмээр үөрэбин. Кыыһым эмиэ музыкаҕа сыстаҕас, омук тылыгар үөрэммитэ. Кыра уолум киинэ оператора үөрэхтээх, идэтинэн үлэлии сылдьар.
– Ыччакка сүбэҥ.
– Киһи бэйэтэ толкуйдаах буолуохтаах. Музыкаҕа туох “минньигэһин” уонна “сымсаҕын” араара үөрэниҥ.
– Кирилл Афанасьевич, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, айар үлэҕэр саҥа саҕахтары баҕара хаалабыт. Өрөгөйбүт ырыата үйэттэн үйэҕэ ыллана туруохтун!